Кэптин бөһүөлэгин олохтооҕо, биэнсийэлээх Галина Данилова сайын аайы тиэргэнигэр арбуз үүннэрэр. Алаһа дьиэ хаһаайката, маанылаах Далбар Хотун быйыл арбуһум олус үчүгэйдик үүннэ диэн үөрэ кэпсиир.
Сайын аайы оҕолоро, сиэннэрэ эбээлэрэ сылаас илиитинэн бүөбэйдээн үүннэрбит арбуһун астына сииллэр, олус минньигэһин сөҕөллөр.
Онон улууспут биир уһук нэһилиэгэр сатабыллаах хаһаайкалар өрөспүүбүлүкэбитигэр биир сэдэх көрүҥү кыайа туппуттар!
Күннэй Алексеева



