100 сааһын томточчу туолбут оскуолабыт дириэктэригэр

Биһиги, Горнай улууһун Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 1966 с. үөрэнэн бүтэрбит, билигин лаппа сааһыран эһээ, эбээ буолбут дьон, оскуолаҕа ииппит-үөрэппит учууталларбытын муста эрэ түстэрбит өрүү саныыбыт, ахтабыт. Олортон биирдэстэрэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Горнай улууһун хас да нэһилиэктэрин оскуолаларыгар учууталынан, оскуола дириэктэринэн үтүө суобастаахтык үлэлээбит, оскуолабыт дириэктэрэ, быйыл 100 сааһын томточчу туолан, “ҮЙЭ СААС” бочуоттаах бэлиэ хаһаайынынан буолбут Наум Трифонович Слепцов буолар.

1966 с. Горнай улууһун үөрэҕириитин остуоруйатыгар аан бастакынан 4 кылаас 94 оҕото (Х уонна ХI кылаастар) ситии-хотуу аттестатын ылбыппыт. Онно оскуолабыт дириэктэрэ Наум Трифонович оройуон салалтатыттан көҥүл ылан, оскуола саалыгар уһун субурхай остуол тартаран, банкет тэрийтэрэн, биһигини алҕаан, олох киэҥ аартыгар атаарбытын, күн бэҕэһээҥҥи курдук өйдүүбүт. Биһиги бука бары сүбэлэһэн баран, учууталбытын, дириэктэрбитин 100 сааһын томточчу туолбутунан уонна Улуу Кыайыы 79 сылынан эҕэрдэлии, аҕыйах буолан Наум Трифонович олорор сиригэр Мархаҕа тиийэн, истиҥник сэһэргэһэн, уруккуну-хойуккуну ахтыһан, астынан, үөрэн-көтөн кэллибит. Биһигини Наум Трифонович уруккуну барытын өйдүүрэ, бэл диэтэр оҕолор ааттарын-суолларын барытын билэрэ сөхтөрдө. Кини Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар дириэктэрдээбитин истиҥник ахтан-санаан ааһар. Онно кини оҕолор ордук үлэҕэ сыһыаннаах үөрэҕи ылалларыгар болҕомтобун уурбутум диэн ахтар. Ол да иһин, биһиги бука бары, оскуоланы бүтэрэрбитигэр уолаттар “тракторист-машинист широкого профиля” диэн идэни ылан, үксүбүт бастакы үлэбитин тырахтарыыстан саҕалаабыппыт. Оттон кыргыттар Клавдия Михайловна Комароваҕа сүөһү иитиитигэр уонна үүнээйини көрүү-харайыы идэтигэр үөрэнэн, үксүлэрэ сүөһү көрүүтүттэн үлэлэрин саҕалаабыттара. Наум Трифонович биһиги выпустар хайдах, туох идэлээх дьон буолбуппутун кэтээн көрө-истэ, билэ сылдьар эбит. Биһиэхэ бэйэбитигэр төттөрү: “Эһиги бастакы түмсүүгүтүгэр 1986 с. Бэрдьигэстээххэ мин сылдьан турабын. Онно билбитим 70 бырыһыаҥҥыт үрдүк уонна орто үөрэхтэммитин, бигэ туруктаах ыал буолаҥҥыт олоххо бэйэҕит миэстэҕитин булбуккутун, онтон мин ордук үөрэбин уонна киэн туттабын», – диэн бэйэтин истиҥ санаатын тиэртэ. Кырдьык даҕаны, бука бүтүн Россия да үрдүнэн суоҕа буолуо, биир сыллаах выпустан икки чулуу уолаттарбыт: Прокопий Дмитриевич Осипов уонна Макар Макарович Яковлев ССРС норуодунай депутатынан талыллан таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.

Наум Трифонович ордук Кэптин оскуолатыгар 1967 с. дириэктэринэн ананан үлэлээбит сылларын истиҥник саныыр. Кини тиийэригэр оҕолор  кулуупка үөрэнэллэр эбит. Ол иһин бэрт түргэнник саҥа оскуоланы тутуу боппуруоһа турбут. Ол саҕана тутууну ыытар бэдэрээтчик эҥин диэн суох, туох баар үлэтэ барыта оскуола салалтатыгар сүктэриллэрэ диир. Суол-иис быстар мөлтөх кэмигэр, Дьокуускай куораттан тутуу матырыйаалын барытын тиэйтэрии олус ыараханын ахтар. Оскуола тутуллан бүтүөн иннинэ, кинини Чурапчы оройуонугар анаабыттар эбит. Ол да үрдүнэн, атын оройуоҥҥа үлэлии бараары сылдьан, анаан-минээн Дьокуускайга киирэн, саас суол сабыллара бу кэлэн турдаҕына, оскуолаҕа наадалаах матырыйаалы бэйэтин харчытыттан суоппардарга эбии төлөөн туран, хайдах биир суукка иһинэн сүүрэн-көтөн, массыына булан, куруусчуттары кэпсэтэн ыыттарбытын туһунан сиһилии кэпсээтэ. Горнай оройуонун салалтатын туруорсуутунан Россия үөрэҕириитин Министиэристибэтин уонна учууталлар профсойуустарын Бочуотунай Грамоталарынан наҕараадалаабыттар. Ол саҕана ити наҕараада уордьан ылбыкка тэҥнээҕэ уонна мин инники үлэлиирбэр төһүү күүс буолбута диэн махтана ахтар.

Аны Кэптинтэн оҕолору Аммаҕа гражданскай сэрии буолбут сирдэринэн бэйэтэ туристическай бохуот оҥорон илдьэ сылдьыбыт эбит. «Ону билигин кэлэн сөҕө саныыбын ээ» диир. «Арай ол сырыттахпытына, куһаҕанын талан эттэххэ, оҕо ыарыйдын, оһолго-моһолго түбэстин, дьэ мин төбөм көтө-көтө барар ээ» диэн күлэр. «Бохуокка илдьэ сылдьыбыт оҕолорум ол сырыыбытын куруук саныыллар уонна махтаналлар ээ» диир. Ити курдук, биһиги дириэктэрбит Наум Трифонович бэйэтэ талан ылбыт идэтигэр ис сүрэҕиттэн бэриниилээхтик уонна таһаарыылаахтык Горнай оройуонугар үлэлээбитэ.

Наум Трифонович саахымакка уонна дуобакка 10 саастааҕыттан саҕалаан оонньообут эбит. Онтон ыла 90 сыл устата саахымат оонньуутун доҕор оҥостон, араас күрэхтэһиилэргэ кыттан, оҕолору, ыччаты саахымат оонньуутугар көҕүлээччи, тэрийээччи, тренер буолан, күрэхтэһиилэри бэйэтэ бириис туруоран ыытара. 2010 с. Улуу Кыайыы 65 сылын көрсө, Наум Трифонович уонна Юрий Никифоров көҕүлээһиннэринэн, бэтэрээннэри уонна ыччаттары кытта саахымакка уонна дуобакка 65 дуоскаҕа күрэхтэһии ыытыытын бырайыагын киллэрбиттэр. Күрэхтэһии дуоскатын ахсаана Улуу Кыайыы сыла эбилиннэҕин ахсын эбиллэн иһэр эбит. Быйыл 79 дуоскаҕа күрэхтэһии буолан ааспыт. Ол иннинэ 2024 с. диэри саахымакка уонна дуобакка 13 күрэхтэһии ыытыллыбыт. Маннык саахымат уонна дуобат нөҥүө ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитии бырайыага бүтүн Россия да, Аан дойду да үрдүнэн суох эбит. Кэнники уон сылга Наум Трифонович сыл ахсын өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах араас күрэхтэһиилэри ыытан кэлбит. Онно бэйэтэ спонсордаан араас бириистэри туруортаабыт уопсай сууммата 2 мөлүйүөнтэн тахсыбыт. Саахымакка уонна дуобакка хайдах курдук бэриниилээҕин, 96 сааһыгар ити көрүҥнэргэ маастарга кандидат да нуорматын толорбута толору итэҕэтэр. Кини: «Саахымакка билигин да оонньуом этэ да, харахпынан кыайан көрбөт буолан моһуогурдум” диэн хомолтотун этэр.

Наум Трифонович кыыһынаан Эльвиралыын бииргэ олороллор эбит. Кыыһа кэпсииринэн, кэнники үс үбүлүөйдээх сылыгар оҕолоро аҕаларын олоҕун туһунан кинигэ таһаарар наадатын туһунан этии киллэрэ сылдьыбыттарын аҕалара: “Өссө эрдэ, аныгыскы үбүлүөйбэр” диэн тохтотон, уһатан испит эбит. Онтон дьэ, бу 100 сааһын туолар үбүлүөйүгэр сөбүлэһэн, ол кинигэтигэр үксүн бэйэтэ суруйан “Навечно Ваш дедушка Наум” диэн нууччалыы тылынан суруллубут иккис кинигэтин быйыл 2024 с. таһааттарбыт. Ол кинигэ сүрэхтэниитэ Дьокуускай куоракка Пушкин аатынан библиотекаҕа ыам ыйыгар буолан ааспыт.

Наум Трифонович саахыматы уонна дуобаты таһынан, хайыһарга, чэпчэки атлетикаҕа, остуол тенниһигэр уонна буулдьанан ытыыга бастакы разрядтаах барытыгар дэгиттэр спортсмен эбит. Кини Аллайыаха, Горнай, Чурапчы, Таатта, Томпо улуустарыгар учууталлаан, оскуолаҕа дириэктэрдээн элбэх көлүөнэ эдэр ыччаты иитэн-үөрэтэн олох киэҥ аартыгар үктэннэрбит уонна спорт араас көрүҥэр угуйбут үтүөтүн ыччаттара хаһан да умнубаттар. Кини Таатта, Томпо улуустарын уонна Маалтааны нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.

Барҕа махтал Эйиэхэ, Наум Трифонович! Эн 100 сааскар чэгиэн, сэнэх сылдьаргыттан, ситиһиилэргиттэн биһиги, 1966 сыллаахха Бэрдьигэстээх орто оскуолатын бүтэрбиттэр, олус үөрэбит уонна киэн туттабыт. Өссө даҕаны уһун сылларга чэгиэн туруктаах сылдьан, ыччаттары сырдыкка угуйа, кэрэни кэрэхсэтэ этэҥҥэ сырыт!

1966 с. выпустар ааттарыттан Евстратий Михайлов, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, государственнай гражданскай сулууспа туйгуна, Горнай улууһун, Солоҕон нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.