Бу күһүн Бэрдьигэстээххэ Маатта кытылыгар дьикти улахан тиит маһы ойуур хаһаайыстыбатын маастара Мария Данилова булбута.
Ол кэнниттэн Василий Филиппов аатынан улуустааҕы гимназия үөрэнээччилэрэ Гриан Сидоров, Айсен Александров, гимназия учууталлара Елена Алексеева, Анжелика Петрова ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин кытта маһы үөрэтэн, чинчийэн, тиит сааһын быһа холоон, 200 буолуон сөп диэн быһаарбыттар. Уһуна 15 м тиийэр эбит.
Онтон бэҕэһээ үөрүүлэх сонун кэллэ. Бу маспыт «Деревья — памятники живой природы» диэн россиятааҕы бырагыраамаҕа киирэн, Россия ураты харыстанар мастарын национальнай реестрыгар 1441 нүөмэринэн паспордаммыт.
Онон билигин улууспутугар үүнэр биир кырдьаҕас тиит маспыт анал докумуоннанан, ураты харыстанар мас буолара бигэргэнэн, бары даҕаны көрө-истэ, харыстыы сылдьарбыт ирдэнэр. Санатар буоллахха, маннык докумуоннаах мас улууска 2021 с. Одунуга, Томтор учаастагар булуллан ҥоһуллубута. Көҕулээччинэн эмиэ улуустааҕы гимназия географияҕа учуутала Елена Алексеева этэ. Бэл, Саха сирин үрдүнэн да маннык докумуоннаммыт мас ахсааннаах.
Күннэй Алексеева.