Сыдьаайа — сырдыгынан сыдьаайар киһи

Бэрдьигэстээххэ сэтинньи 9, 10 күннэригэр Сыдьаайа айар Киинэ ыалдьыттыы кэлээри бэлэмнэнэр.

Кини кимин, үлэтин-хамнаьын сиһиилии билсээри, ааҕааччыларбытыгар кэпсээри бүгүн төлөпүөнүнэн кэпсэтэ сырыттыбыт.

Айымньылаах айар суолун ылыммыт Сыдьаайа диэн аата этэринии, чахчы да сырдыгынан сыдьаайар киһи!

Кини «Мин олоххо аналым туохханый? » — диэн  санаанан, тыйыс тымныы сиргэ олорор сахатын дьонун-сэргэтин үҥкүү алыптаах эйгэтигэр, сааһыттан тутулуга суох дьон үҥкүү хамсаныытыгар, хомуһуннаах хомус кэрэ эйгэтигэр умсугуйан туран угуттуу, уһуйа сылдьар Саха мааны Далбар Хотуна эбит.

Айдарыллан күн сиригэр кэлбитэ да ураты, дьикти. Ол курдук 11 ыйдааҕар ийэтин иһигэр икки ый утуйан буккураабыт кыыс, икки тиистээх, санныгар тиийэ уһун баттаахтаах, киһини батыһыннара көрөр, кэрэ киһи күн сиригэр кэтэһиилээх 10-ус оҕонон төрөөбүт.

Күн күбэй ийэтэ 43-гэр, сааһыра барбыт айбыт аҕата 76 сааһыгар күндүлэппит очоҕос төрдө, мааны кыыстара буолар.

Айдарыылаах аҕата, норуот ырыаһыта, суруйааччы, булчут, эмчит Сэттэ-Сэрбээк ойуун, очоҕос төрдө кыыһа тиистээх төрөөбүтүн сөбүлүү истибэтэх, эрээри ураты киһи буолуо диэн сэрэйбит…

Оҕо сааһа оҕо-оҕо курдук сүүрэн-көтөн, күлэн-үөрэн, мэлдьи мичээринэн сыдьаайар кыыс кыра эрдэҕиттэн кэрэ эйгэлиин ыпсан, сиэттиһэн улааппыт. Ол курдук култуура, хореография, режиссура, менеджер, психология уонна урбаан идэлэрин баһылаабыт. Үлэтин тыа кулуубуттан саҕалаабыт буолан, хомуска, ырыаҕа, уруһуйга кытта уһуйар баай уопуттаах.

Бу туох Кииний, дьону умсугутар гына кини онно тугу дьарыктыырый?

«Сыдьаайа» Киин тэриллибитэ эһиил 20 сылын бэлиэтиир.

— «Үҥкүү нөҥүө удьуор күүһүнэн дьоҥҥо көмөлөһөбүн, тус бэйэлэрин эттэрин-хааннарын баһылаан, толору туһанан үөрүү дьолун билэллэригэр үөрэтэбин. Бу дьарыкка 8-15 сылы супту сылдьыбыт уопуттаах дьоннордоохпун. Сыл аайы  араас  кэнсиэрдэри, куоҥукурустары, Норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээли 5-ис төгүлүн ыыттыбыт. Дойду араас сирдэригэр Японияҕа, Кытайга тиийэн, Санкт Петербург, Москва куорат  бэстибээллэригэр Гран При үрдүк аатынан биһирэммиппит.

Бу Кииҥҥэ саастарыттан тутулуга суох баҕалаах киһи барыта сылдьар. Үксүгэр үҥкүүнү ыра санаа оҥостон, ис дууһаларыгар илдьэ сылдьыбыт дьон кэлэллэр. Манна кэлэн олус кэбэҕэстик хамсанан, умсугуйан туран дьарыктаналлар. Коллективпытыгар араас идэлээх, сынньалаҥҥа олорор, түбүктээх да үлэлээх кэрэ аҥардар бааллар. Быйылгы сезоҥҥа илиҥҥи үҥкүүнү, индийскэйи, сахалыыны, араас омук үҥкүүлэрин, зуумбаны баһылыыллар уонна аҕам саастаахтарга туһунан дьарыктары ыытар.

Таҥас тиктэриитин ороскуотун барытын бэйэлэрэ уйуналлар. Үҥкүүлэри бэйэм туруорабын. Ол курдук «Туллаҥа», «Турук үҥкүүтэ» диэн туруоруулары тус бэйэм методикабынан айбытым.

Сахабыт сирин үгүс сирдэринэн сылдьан гостроллаатыбыт, үтүө санаабытынан сүргэлэрин көтөҕөбүт.

Айымньылаах үлэтигэр тирэҕэ кимнээхтэрий?

«Айымньылаах үлэ — үгүс сыраны-сылбаны, бириэмэни эрэйэр. Үлэм тахсыылаах буолуутугар, дьиэ кэргэним сүрүн көмө-өйөбүл буолар.

Кэргэним Аркадий Иванов мэлдьи өйүүр-өйдүүр буолан, тапталлаах дьарыгым сылын ахсын сайдар-кэҥиир. Кини эмиэ үлэ үөһүгэр сылдьар киһи. Остуол тенниһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакы Арассыыйа чемпионун таһаарбыт үрдүк категориялаах тренер. Оҕолорбут бары ыаллар. Сиэннэр минньигэс тапталларын билбит дьоллоох ыалбыт. Ханнык баҕар түгэҥҥэ бириэмэни сөпкө аттаран сырыттахха уонна сөбүлүүр идэҕинэн, дьарыктанан үлэлэлээтэххэ туох барыта орун оннугар, сааһыланан иһэр аналлаах» — диэн истиҥ кэпсэтиибит түмүктэннэ.

Бу курдук Анастасия Габышева — Сыдьаайа анаммыт идэтин, дьарык оҥостон, дьоҥҥо-сэргэҕэ үөрүү кыымын саҕар айар Киинин кытта билсэ, көрө-истэ, маастар кылаастары иҥэринэ кэлэргитигэр ыҥырабыт. Баҕа санаа туолуута —  үөрүү, ситиһии төрдө.

Нина Сутакова.