Бүгүн Розалия Константиновна уонна Владимир Прокопьевич Тимофеевтар Кыһыл көмүс сыбаайбаларынан чугас дьоно муһуннулар.
Бу бэлиэ күҥҥэ улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Алгыс Стручков, социальнай политика начаалынньыга Альбина Алексеева, нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Евдокия Пахомова эҕэрдэлээтилэр, «Дьиэ кэргэн килбиэнэ» бэлиэни туттардылар.
Тимофеевтар улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар кылааттарын киллэрсэллэр, дьон-сэргэ махталын ылаллар. Кинилэр түөрт оҕолоро үтүө-мааны үлэһит дьон. Сиэннэрэ эбээлээх эһээлэрин мэлдьи үөрдэллэр.
Розалия, Владимир Тимофеевтары эҕэрдэлиибит, чэгиэн буолууну баҕарабыт.