5000 кэриҥэ открытканы муспут

Сыл-хонук туспа кэпсэнэр сэһэннээх, кэлэри-сайдары түстэһэр аналлаах. Саһарбыт хаартыскалар, төрөөбүт сириҥ-уотуҥ, чугас дьонуҥ-сэргэҥ, бэлэх открыткалар, истиҥ суруктар элбэҕи санаталлар. Үйэлээҕи дьарык (хобби) оҥостон, онтон сиэттэрэн тулалыыр эйгэҕэ, эдэр көлүөнэ ыччакка үтүө холобурдарынан биһирэнэр биир дойдулаахтарбыт, духуобунай өйү-санааны байыталлар.

Ол курдук үгүс сыллары эргитэ санатар, Саҥа Дьыллааҕы “Күндү бэлэх” открыткаларын 70 сыл тухары харыстаан уура сылдьар, биир дойдулаахпытын Галина Шадринаны сырдатабыт. Галина Степановна идэтинэн педагог, кырачаан оҕолору иитиигэ 35 сыл олоҕун анаабыта. Бэс Күөлүгэр, Бэрдьигэстээххэ №1, билиҥҥинэн “Родничок” оҕо уһуйааннарыгар үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.

Аҥаардас Саҥа дьыллааҕы открытката 5000 кэриҥэ эбит. Кини аан бастакы открыткатын эдьиийиттэн туппут. Онтон саҕалаан кэлбит открыткалары мунньан барбыт. Бу курдук үтүө баҕа санаалаах, эҕэрдэлээх открыткалар араас сиргэ олорор дьүөгэлэриттэн, уһуйаан төрөппүттэриттэн, иитээччилэриттэн, чугас дьонуттан-сэргэтиттэн тиһиллэн испит. Кини бэлэх открыткаларын оҕолорун тэҥэ бүөбэйдиир, харыстыыр. Бу дьоҕус эрээри олус улахан суолталаах күндү бэлэхтэн киһи үтүөнү, сырдыгы иҥэринэр. Дьиэ кэргэҥҥэ чиҥэтэр, истиҥ сыһыаны олохтуур.

Биир дойдулаахтарыгар үүммүт саҥа сылынан эҕэрдэтин, баҕа санаатын тириэрдэр. Дьиэ кэргэҥҥитигэр чэгиэн доруобуйаны, үрдүк ситиһиилэри, эйэлээх олоҕу баҕарар.

Сөбүлүүр, умсугутар дьарыккытынан, чугас дьоҥҥутугар болҕомтолоох сыһыаҥҥытынан үйэҕитин уһатыҥ, дьоллоох олоххутун кэрэнэн киэргэтиҥ.

Нина Сутакова