Балаҕан ыйын 7-12 күннэригэр Узбекистан Хива куоратыгар этно-фестиваль чэрчитинэн ыытыллыбыт Аан дойду чемпионатыгар гиирэ спордугар Россия сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар Саха сирин спортсменнара тоҕус мэтээли ылары ылары ситистилэр. Кинилэр ортолоругар биир дойдулаахпыт Мая Брызгалова бэтэрээннэргэ “уһун цикл” упражнениеҕа кыһыл, “рывокка” үрүҥ көмүс мэтээли ылан, хамаанда кыайыытыгар наадалаах очукуолары аҕалла.
Спорт бу көрүҥэр Узбекистан, АХШ, Англия, Словакия, Ирана, Пакистан, Венгрия, Казахстан, Кыргызстан, Австралия, Беларуссия, Турция о.д.а. тас дойдуттан 600 киһи бэйэтин кыаҕын холонно.
Санатан эттэххэ, аҕыйах хонуктааҕыта Узбекистантан мас-рестлиҥҥэ Дьулустаан Ноговицын кыһыл көмүс мэтээли аҕалбыта.
Вячеслав Алексеев.