Павлова Тамара Ивановна-Сиккиэр 1950 с. Бэрдьигэстээххэ күн сирин көрбүтэ. Орто оскуоланы 1968 с. ситиһиилээхтик бүтэрэн, комсомол путевкатынан икки сыл «Горнай» сопхуоска ыанньыксытынан үлэлээбитэ.
1976 с. СГУ тыа хаһаайыстыбатын факультетын бүтэрэн, Горнайдааҕы мясомолкомбинатка лаборатория сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Онтон Дьокуускайга көһөн кэлэн, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин учебнай-курсовой комбинатыгар дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччынан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.

Кэргэннээх, үс оҕолоох, сиэннэрдээх.

Тамара Павлова-Сиккиэр, «Аар хатыҥ суугуна» кинигэтиттэн айылҕаҕа таптал туһунан хоһооннорун таһаарабыт.

Күн
Күндэлэс күммүт
Күлүмнээ, күлүмнээ,

Ийэ сир дойдуну
Угуттаа, угуттаа,

Алааспар ача күөх
Арылый, арылый,

Ойуурбар, сис тыабар
Торҕо күөх торолуй,

Уйгубут, быйаҥмыт
Дэлэйдиин, дэлэйдин!!!

Илгэлээх ардах
Хара былыт халыйан,
Чаҕылҕан уота курбуулаан
Этиҥ этэн ньиргиттэ,
Дохсун ардах суккуйда.

Ийэ сирбит иҥиэттэн
Илгэлээх ууну иҥэриннэ,
Ача күөҕэ аралыйда,
Мүөттээх салгын дыргыйда.

Сайын
Симэммит, киэркэйбит айылҕа
Тыллар, чэлгийэр кэмигэр
Үөһэттэн күөрэгэй ырыата
Дьырылыы, дьурулуу кутуллар.

Сирдээҕи олоҕу уруйдуу
Кэриигэ кэҕэ этэн чоргуйар,
Эдэр саас килбик таптала
Сардаана сибэкки тэтэрэр.

Киэһээҥҥи нуһараҥ түһүүтэ
Чараҥҥа дьаарбайа тахсыаҕым,
Айылҕа суугунун иһиллии
Чуумпуран, иһийэн туруоҕум…

Киэргэтэр да эбит
Көмүстүүр күөмэйдээх
Күөрэгэй чыычааҕыам,
Үрүҥ күн анныгар
Көрүлүү көтөҕүн,
Сайыны уруйдаан
Дьурулуу туойаҕын.

Кэрээбэт кэпсээннээх
Кэҕэлиир кыылларыам,
Кэккэлии үүммүт
Кэрии тыа саҕатын
Кэрэ чуор куолаһыҥ
Киэргэтэр да эбит.

Өбүгэ быстыбат ситимэ
Хаһан эрэ өбүгэм хаампыт
Омоон суолун батыһан
Иҥнэйбит сэргэ таһыгар
Чуумпуран, иһийэн турдум…

Үс кутун өбүгэм иҥэрбит
Дьүрүскэн хомус тыаһыгар,
Кырыымпа кыҥкынас кылыгар,
Олоҥхо добун тойугар.

Алҕаан хаалларбыт үйэлэргэ
Тыынын, арчытын, аал уотун,
Ырааҕынан тайаан бултаабыт
Тайалҕаннаах тайҕатын…

Дьол
Саҕахха сарыал
Кытара кыыспыт,
Уоллаах кыыс сүрэҕэр
Сардаана тыллыбыт.

Уол кыыска килбиктик
Тапталга билиммит,
«Доҕоруом, эн биһикки
Бииргэ буолуох» диэбит.

Кымыстаах чороону
Дьалкыппат кэриэтэ,
Харыстааҥ дьолгутун,
Харыстааҥ тапталы.

Тыллыбыт сардаана
Тэтэрэ үүнүөхтүн,
Оттубут аал уоккут
Арчылыы туруохтун!

Өтөх
Түргэнник да элэҥнээн
Дьыллар, сыллар ааспыттар,
Олоро сылдьыбыт дьоннор
Омоон суоллара оспуттар.

Сайылык эргэ балаҕанын
Хараара оҥойбут түннүктэрэ
Тулаайах хаалбыт оҕолуу
Оҥой-соҥой көрөллөр.

Арай тыынар тыыннаахтан
Мин баарбын диэбиттии,
Кырдьаҕас суор суос соҕотох
Сохсоллон олорор…