Айар талааннаах дьоммутун үйэтитиэҕиҥ

Биһиги, Горнайдар, сорох ардыгар, айар-тутар куттаах дьоммутун умнан-тэмнэн, аанньа аахайбат курдук буолар түгэннэрбит баар буолааччы. Олор истэригэр киирсэр, лирик поэт Дьяконов Николай Гаврилович туһунан мин бүгүн ахтан, санаан ааһарга соруннум.

Дьяконов Николай Гаврилович 1938 с. ахсынньы 3 күнүгэр Солоҕон нэһилиэгин Силээнигэр күн сирин көрбүтэ быйыл 85 сылын туолар. Кини холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт буолан, ол саҕанааҕы олох бары ыарахаттарын этинэн-хаанынан билэн улааппыта. Силээнтэн үс көстөөх Өрт оскуолатыгар кэлэн, дьоно кэпсэтэн олохтообут ыалларыгар, үксүн интэринээккэ олорон үөрэнэрэ. Аҕата Гаврил Дьяконов (Куоп Хабырыы) элбэх саҥалаах-иҥэлээх, кэпсээннээх-ипсээннээх киһи этэ. Кини холкуоска сылгыһытынан үлэлээбит буолан, Силээн Өрт икки ардыгар уолун каникулларга оскуолаҕа атынан илдьэрэ, төттөрү аҕалара. Уола, Николай Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан, бастакы хоһооннорун, оскуола олоҕуттан корреспонденциялары оройуоннааҕы “Үлэ күүһэ” хаһыакка бэчээттэтэн, аан бастакы айар үлэтин саҕалаабыта. Кини бэйэтин ахтыытыгар, биир дойдулааҕа Саха норуодунай поэта Савва Тарасов уонна оччотооҕу “Үлэ күүһэ” хаһыат редактора Федот Находкин сүбэлээн-амалаан көмөлөспүттэрин истиҥник санаан-ахтан ааһар. Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 1958 с. бүтэрэр сылыгар, хоһооннорун аан бастаан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кыым” хаһыакка бэчээттэппитэ. Оскуола кэнниттэн Горнай оройуоннааҕы “Үлэ күүһэ” хаһыакка үлэлээбитэ.

Николай Гаврилович 1965 с. Ленинградтааҕы Н.К.Крупская аатынан култуура институтун бүтэрбитэ. Кини Ленинградка үөрэнэр сылыгар биир дойдулаахтара поэт Иван Егоров-Иван Горнай уонна Афанасий Александрович Захаров буолан биир кэмҥэ үөрэммиттэрэ. Кэнники Дьокуускай куоракка олорон кинилэр өрүү билсэ, төлөпүөнүнэн кэпсэттилэр. Ленинградка үөрэнэ сылдьан Николай Гаврилович Ленинградтааҕы «Смена» хаһыакка уонна нэдиэлэ ахсын тахсар «Литературная Россия» сурунаалга, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар бэйэтин хоһооннорун өрүү бэчээттэтэрэ.

Николай Гаврилович үөрэҕин бүтэрээт Култуура министиэристибэтигэр, “Эдэр коммунист” хаһыат редакциятыгар, хомсомуол Уобаластааҕы кэмитиэтигэр уонна саамай уһуннук 27 сыл устата Саха Өрөспүүбүлүкэтин телевизорынан уонна араадьыйанан биэриигэ Государственнай кэмитиэтигэр режиссерынан, эрэдээктэринэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ол эрэн кини сахатын дьонугар-сэргэтигэр ордук поэт, тылбаасчыт быһыытынан киэҥник биллэр уонна ытыктанар этэ. Кини хоһоонноро ураты нарын, уйаҕас иэйиилээхтэр. Олох философията, төрөөбүт дойдутун айылҕатын кэрэтин дьүһүйүү буолаллар. Суруйан хаалларбыт хоһооннорун, ытыс саҕа кэпсээннэрин хомуурунньугун кинигэлэринэн буолаллар: «Уһуктубут чыычаахтар” (1972 с.), “Алгыс буоллун” (1976с.), “Күлүмүрдээҥ дуу, түннүктэр” (1981 с.), “Хоһоон түөлбэтэ хомуурунньук”, “Сэппэрээк сыта” (1987 с.), “Санаа айана” (1994 с.), “Хаар түһүөн иннинэ” (2000 с.).

Кини сорох истиҥ-иһирэх тыллаах хоһоонноро ырыа буолан көппүттэрэ. Олор истэригэр билиҥҥэ диэри дьон дууһатын долгутар Иннокентий Сивцев мелодиятыгар “Тэтиҥнэр”, Галина Шахурдина мелодиятыгар “Аттыбар доҕорум баар буоллар”, Марфа Данилова “Үрүҥ күөл үрдүгэр”, Исай Брызгалов “Хаар” уо.д.а. ырыалар айыллыбыттара.

Николай Гаврилович бэйэтэ сүгүрүйэр, Россия улуу поэттарын айымньыларын сахалыы саҥардыбыт үтүөлээх. Ол курдук, А.Блок, М.Лермонтов, С.Есенин, А.Ахматова, Б.Пастернак, Е.Евтушенко, Р.Рождественскай, Н.Тихонов «Киров биһигини кытта» поэматын уо.д.а тылбаастаабыта.

Николай Гаврилович Россия уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, ССРС телевидениенэн уонна араадьыйанан биэриитин туйгуна, 1957 с. Саха сэбиэскэй бэчээтин сайдыытыгар актыыбынай кыттыытын иһин Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.Николай Гаврилович уһун кэмҥэ үлэлээбит тэрилтэтэ, кини айар үлэтин туһунан Өрөспүүбүлүкэ араадьыйатынан, өрүү истиҥ иһирэх тыллардаах ахтыылары оҥорорун биһиги өрүү кэрэхсии истэбит. Кини төрөөбүт, иитиллибит дойдутун дьоно-сэргэтэ биир талааннаах лирик поэттарын, таһаарыылаах үлэлээх суруналыыстарын умнубакка өйдүү-саныы, айымньыларын кэрэхсээн ааҕа, оскуолаларга Дьяконов ааҕыыларын тэрийэ сылдьалларыгар баҕаран туран, Николай Гаврилович дойдутун, сирин-уотун ахтан кэлэн, маннык диэн хоһуйбут хоһоонун тылларынан түмүктүүбүн.

Манна ааспыта оҕо сааһым
Чуораан тыаһыныы түргэнник.
Мин сүрэҕим ытарҕатын
Ити таарыйар итиитик.

Билигин өр да өр тэйэммин,
Ахтан-санаан кэлбитим,
Күһүн уйгу-быйаҥ тардан
Көрүстэ, дууһабын ыллатан.

Киирдим Мааттам биэрэгэр,
Күлэн-оонньоон ааспыт сирбэр,
Иһиллибэт арай манна
Оҕо сааһым ырыата. ..

Евстратий Михайлов,
СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ гражданскай
сулууспатын туйгуна, Горнай улууһун, Солоҕон нэһилиэгин
Бочуоттаах олохтооҕо.