«Аман өс» 25 сыла үлэ үтүө түмүгүн чиҥэттэ

Үйэ чиэппэрэ анараа өттүгэр “Аман өс” күрэс улууспутугар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэбитигэр эмиэ ыытыллар этэ. Хомойуох иһин, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс аҕыйах сыл чаҕылыйан, оҕону-ыччаты түмэн баран, симэлийэн хаалбыта. Горнайбытыгар тыл этии күрэһин кииннэммит бибилэтиэкэ, үөрэх салалтата, улуустааҕы “Үлэ күүһэ” хаһыат, Оҕо модельнай бибилэтиэкэтэ биир да сылы көтүппэккэ үйэ чиэппэрэ тэрийэн ыыттылар.

Быйылгы үбүлүөйдээх тэрээһин, үгэс быһыытынан, төрөөбүт тылбыт күнүгэр — Олунньу 13 күнүгэр — үрдүк таһымнаахтык ааста. Бу кэм устата кыттыбыт, кытыннарбыт, экспертээбит, тэрийсибит киһи барыта киэн туттуу иэйиитинэн кынаттанна. Ким даҕаны умнуллубатаҕа, күлүккэ хаалбатаҕа сүргэни көтөхтө.

Россия үтүөлээх юриһа, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ профессора, юридическэй билим доктора Макар Макарович Яковлев видеонан ыыппыт этиитигэр дьиэбитигэр кытта нууччалыы саҥарар буолан эрэрбититтэн дьиксинэр. Ол эрээри улууспутугар “Аман өс” күрэһигэр кыттыан баҕалаах кыччаабата, сорох оҕо сыл аайы тупсан иһэрэ санааны бөҕөргөтөр. РФ Суруналыыстарын союһун чилиэнэ Василий Ильич Алексеев этиититтэн улууспут “Үлэ күүһэ” хаһыата сурутааччытын бырыһыанынан өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ сылдьарын истэн астынныбыт. Аҥардас В.И. Алексеев  бэчээккэ бэлэмнээн ыыппыт кинигэтин ахсаана сөхтөрөр, Горнайдар хаһыаты-кинигэни суолталыылларын туоһулуур.

Кинигэни, хаһыаты ааҕар киһи тыла-өһө сайдар. Оттон санааны сайа этэ үөрэнии олох бары эйгэтигэр улахан суолталааҕын “Аман өс” күрэс урукку кыайыылаахтара бары кэриэтэ бэлиэтээн чорботтулар. Маҕарастан төрүттээх, улууска иккитэ иккистээбит (2016, 2018), биирдэ бастаабыт (2017) үөрэнээччим   Ульяна Ноговицына ыыппыт махтал тыллаах видеотын көрөн олус долгуйдум.

Күрэс ааспыт сыллааҕы  кыайыылаахтарын, салайааччыларын  бэлиэтээн, бэтэрээн учууталга А.А. Тарасовка,  Солоҕоммут ыччатыгар Г.Г.Ефремовка, А.А.Павловка, оскуоланы биһиэхэ бүтэрбит У.М.Ноговицынаҕа (арааһа, күрэскэ элбэхтик кыттыбыттарга, кытыннарбыттарга анаабыттар) махтал суруктары, анал бэлиэлэри, күрэс 25 сылыгар тахсыбыт ыйынньыгы туттарбыттарын тахсан үөрэ-көтө ылбытым. Ыйынньык улууспут үгэс буолбут күрэһин устуоруйатын бүтүннүү көрдөрөрө туохха да тэҥнэммэт күндү өйдөбүл буолан хааларын саарбахтаабаппын.

3-4, 5-6 кылааска үөрэнэр оҕолор күрэстэрин Бэрдьигэстээх нэһилиэгин оҕо модельнай бибилэтиэкэтигэр ыыталлар, оттон 7-9, 10-11 кылаас үөрэнээччилэрин уонна улахан дьону П.Д.Аввакумов аатынан Киин бибилэтиэкэҕэ мунньаллар. Быйылгы күрэс экспертэригэр “Аман өс” урукку сыллардааҕы кыайыылаахтара үлэлээбиттэрин үгүстэр сэргээтилэр. Ааспыт күрэстэр кыайыылаахтара анал бириистэри анаабыттара кыттыбыт оҕолорго үтүө холобур буолар дириҥ суолталаах.

Тэрийээччилэр сахпыт санааларын иилэ хабан, араас сылларга “Аман өскө” кыайбыт Солоҕон үлэһит ыччатыттан: “Оскуолабыт аатын быйылгы үбүлүөйдээх күрэскэ үрдүктүк ааттаппыт үөрэнээччилэргэ анал бириис биэриэҥ дуо?” — диэн ыйыппыппар, бары үөрэ түстүлэр, ыыта оҕустулар. Ол курдук 2000 сыллааҕы кыайыылаах Мария Валерьевна Саввинова (Семенова) быйылгы күрэс кыайыылааҕар Айсан Захаровка (салайааччы А.М.Захарова); 2000, 2002 сыллардааҕы кыайыылаах Вероника Николаевна Быганова (Анисимова) улууска ыытыллыбыт маҥнайгы сахалыы Дебакка иккис миэстэни ылары ситиспит оскуолабыт “Төлөн” бөлөҕөр (Виолетта Семенова, Айсана Сидорова, Оксана Захарова, салайааччы Т.А.Тарасова); 2001 сыллааҕы кыайыылаах Иван Николаевич Эверстов хайҕал суругунан бэлиэтэммит Сандаара Тимофееваҕа (сал. Т.А.Тарасова); 2003, 2004 сыллардааҕы кыайыылаах Гаврил Григорьевич Ефремов иккис миэстэлээх Тимур Протодьяконовка (салайааччы Е.А.Лукина); 2019 сыллаах кыайыылаах Айтал Андреевич Павлов (үөрэҕин быыһыгар телевидениеҕа суруналыыстыырынан үлэһит ахсааныгар киллэрдибит) быйылгы кыайыылаахха Сайдам Тарасовка (сал. Т.А.Тарасова) анал бириистэрин анаатылар. Үтүө үтүөнэн эргиллиэ диэн алгыс тылбын этэбин. Билбэт оҕолоругар соһуччу үөрүүнү бэлэхтиир түгэни мүччү туппакка, сонно сөбүлэһэ охсубуттара киэҥник толкуйдуулларын, быстах санааҕа баһыйтарбаттарын, ыраах да буоллаллар төрөөбүт-үөскээбит Солоҕоннорун таптыылларын, дойдуларыгар бэриниилээхтэрин көрдөрөр. Ыччаппыт үтүө санааны өрө тутарыгар, арааһа, оҕо саастарыгар “Аман өс” күрэскэ бэлэмнэниилэрэ, кыайыылара, тэрээһин тыынын иҥэриммиттэрэ суолталаннаҕа. Эбии бэлиэтээн эттэххэ, оҕоҕо кып-кыра болҕомто, хайҕал тыл эмиэ үтүөҕэ тардыһыыны күүһүрдэр. Холобур, “Төлөн” бөлөх Дебат түмүгүн кэтэһэн турар кэмигэр М.Е.Тимофеев аатынан улуустааҕы музей үлэһитэ В.И.Тимофеев оҕолорго чугаһаан сүбэлээбитигэр, хайгаабытыгар кыргыттарым харахтара чаҕылыһа түспүттэрэ.

Үбүлүөйдээх “Аман өс” күрэһигэр оҕолорбут ситиһиилэриттэн итэҕэһэ суох улахан дьоммут өрөгөйдөөтүлэр: 1 миэстэҕэ  оскуолабыт бибилэтиэкэрэ, култуура учуутала Прасковья Николаевна Тарасова таҕыста; 3 миэстэни интэринээппит иитээччитэ Татьяна Иннокентьевна Корякина ылла. Соргулаах Солоҕоммут тыл баайдаах дьонунан олоҥхоһуттарбыт саҕаттан аатырыан аатырар.

Улууспутугар ыытыллар “Аман өс” күрэс мэлдьи төрөөбүт тылбытын таптыыр дьону түмэ, күүстэригэр күүс, санааларыгар санаа эбэ үүнэн-сайдан истин!

 Туйара Александровна Тарасова, С.И.Тарасов аатынан Өрт орто оскуолатыгар төрөөбүт тыл, литэрэтиирэ учуутала