Көрүҥ эрэ, ким өйдүүрүй? 2004 с. биһиги улууспутугар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Үлэ күүһэ» диэн маһы бэлэмнээһиҥҥэ күрэхтэһии бастакытын ыытыллыбыт. Манна 8 улуустан уопсайа 27 хамаанда, ол иһигэр улууспутуттан 10 хамаанда кыттыыны ылбыт.
Хаһыаппыт архыыбын аахтахха, күрэхтэһии быраабылата хас биирдии хамаанда 4 киһилээх эбит, 2-лии дружба эрбиилээхтэр. Күрэхтэһии барыта Бэрдьигэстээххэ Тураҥнаахха ыытыллыбыт.
Манна кыайыылааҕынан 53,32 куб.м. маһы бэлэмнээбит, 187 очукуолаах Амма улууһун «Амма» хамаандата буолбут. Уолаттарга барыларыгар «Парма» электро-эрбиини, 4 сүгэни, 4 комплект үлэҕэ кэтэр ичигэс таҥаһы, кубогы уонна Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ туруорбут супер бирииһин – от охсор, мунньар толору комплектаах мини-тракторы туттарбыттар.
Салгыы хаартысканан көрөн, ол күнү ахтан-санаан ааһыахха. Күрэхтэһиигэ кыттыбыт ааҕааччыларбыт баар буоллаххытына комментарийга суруйуҥ.
«Үлэ күүһэ» архыыба