Атахпын бэйэм быстарга күһэллибитим

Бүгүн социальнай ситиминэн госпитальга сытар биир дойдулаахпыт Александр Федоров видеота тарҕанна.

Маны чуолкайдаһаары Александр убайын Валерий Федоров нөҥүө телефонунан билсэ сырыттыбыт.

«Мин Бэс Күөлүттэн төрүттээхпин. Дойду көмүскэлигэр мобилизацияланан, СВО-ҕа сылдьабын.

 

Кыра араанньыланан, дойдубар кэлэн барбытым. Ол кэнниттэн от ыйыгар  биһиги взводпут Донецкайга Нью-Йорк бөһүөлэгэр бойобуой сорудахха сылдьан, штурмаҕа түбэһэн, 17 күн подвалга сыппыппыт. Мин биир атахпар улахан араанньы ылбытым. Ити кэмҥэ биһиги дьоммут дронунан эмп, ас ыытан тыыммытын уһаппыттара. Ол да буоллар араанньым улахана бэрт буолан, атаҕым сытыйан барбыта. Хайаан да тыыннаах хаалыахтаахпын, взвоппун бу төгүрүйүүттэн  таһаарыахтаахпын диэн санааттан, атахпын бэйэм быстарга күһэллибитим.

Бу дэриэбинэ атырдьах ыйын 20 күнүгэр босхоломмута.

 

Билигин Волгоград куоракка илиитэ-атаҕа суохтар госпиталларыгар эмтэниини бара сылдьабын».

Биир дойдулаахпыт, хорсун санаалаах взвод командира, сержант сыбаанньыйалаах Александр Федоров кылгастык сырдатта.

Биир дойдулаахтарыгар этэҥҥэ буолууну баҕарда уонна бука барыбытын төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуохха диэн ыҥырда.

Нина Сутакова.