Атамай сынньалаҥ киинигэр күндү эбээлэрбитин, эһээлэрбитин аҕам саастаахтар декадалара саҕаламмытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлээн туран, маҥнайгы тэрээһиммитин ыыттыбыт. Ол курдук, бэҕэһээ остуол оонньуута “Лото” күнэ буолла.
Бу күн эбээлэр үөрэ-көтө, дуоһуйа-астына, ирэ-хоро сэлэһэн, бириэмэлэрин атаардылар.
Биһигини кытта бииргэ буоларгытыгар, тэрээһиннэри, көрсүһүүлэри тэҥҥэ атаарсаргытыгар Сынньалаҥ киинин аатыттан махтанабыт.
Анна Дмитриева.