Атамай Уйбаан: Гарааска массыына оҥосто тахсаары туран, гитарабын ылбытым…

Бүгүн Петр Николаевич Тобуруокап төрөөбүтэ 106 сааһа.

Народнай поэт хас да хомоҕой хоһооно билигин ырыа буолан уостан түспэккэ ылланар.

Биһиги биир дойдулаахпыт, Атамай нэһилиэгин олохтооҕо, «Атамай» бөлөх ырыаһыта Иван Иванов — Атамай Уйбаан поэт «Уонна хаһан» хоһоонун ырыа гынан көтүттэ. Бүгүн Уйбаантан бу ырыа матыыба хайдах, хаһан кэлбитин ыйыталастыбыт:

— 2020 с. эмискэ ырыа матыыба киирэн, күнү быһа киҥинэйэн ыллыы сылдьыбытым. Оннук киирэн кэлээччи. Ону тутан ылан сайыннарбатым да, умнуллан хаалааччы. Аны киирбит матыыбы сайыннараары олордум да, бары барыта тохтуур, туохха да аралдьыйбатахпына сатанар. Ол иһин үгүс киирбит матыып сайыннарыллыбакка умнуллан хаалбыта элбэх буолуо.

Онтон бу ырыа матыыба төбөбүттэн тахсан биэрбэтэҕэ. Гарааска массыына оҥосто тахсаары сылдьан гитарабын ылбытым, уонна гарааска сарсыныгар биирдэ тахсыбытым.

 

Гитарабын ылан матыыппын оонньооппун кытта тута «уонна хаһан» диэн тыллар ол матыыпка олорон хаалбыттара. Онтон төлөпүөммүн ылан, интэриниэккэ «уонна хаһан» диэн суруйбутум. Онно Петр Тобуруокап хоһооно тахсан кэлбитэ уонна матыыппар сөрү сөптүк олорунан кэбиспититтэн бэйэм да сөхпүтүм.

 

Ырыа матыыбын суруйан, кэлин «Үрдэл» ырыа куоҥкуруһугар ситиһиилээхтик кыттан, «Тэтим» радио гитаранан ырыа куоҥкуруһун кыайыылааҕа буолан, Петр Тобуруокап хоһоонун ырыа гынан, дьон-сэргэ сөбүлүүрүттэн дьоллоохпун.

Саха чулуу поэттара айан хаалларбыт хоһоонноругар ырыа матыыбын суруйар тоҕо эрэ, бэйэтиттэн ситимнэнэн тахсан кэлэ турар диэн үгүс ырыа айааччы этэр. Бу биһиги сахабыт тыла эриэккэһин, умсулҕаннааҕын, биһиги поэттарбыт муора байҕалын курдук баай тыллаахтарын туоһута эбээт.

Бу курдук поэттарбыт хоһоонноро иккиһин тиллэн, ырыа буолан ыллана, үйэлэргэ дьиэрэйэ турдуннар.

Нина Сутакова