Хас биирдии нэһилиэк инники сайдыыта, ыччат тохтоон олохсуйарыттан тутулуктаах. Ыччаттар төрөөбүт дойдуларыгар сүрэхтэрин сылааһын иҥэрэн, туруктаах буоларыгар үлэлииллэр.
Кэпсиир дьоруойум Горнай улууһун Атамай нэһилиэгин олохтооҕо, элбэх оҕолоох аҕа Дмитрий Аввакумов. Дмитрий үлэ суох диэн баран олорбокко автосервис арынан, ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар.
Билиҥҥи 21-с үйэ түргэн тэтимнээх сайдыылаах кэмҥэ, дьон үксэ атах тардыстар массыыналаахтар. Тиэхиньикэ аата тиэхиньикэ тугу эрэ төлө баран, кэһиллэн хааллаҕына ыраата барбакка, олохтоох автосервиска Дмитрийга баран, оҥорторон, үөрэн, махтанан кэлэрбит бу үчүгэйин.
Дмитрий бэйэ дьыалатын арынарыгар субсидия ылан, үлэлииригэр төһүү көмө буоларын тоһоҕолоон кэпсээтэ.
Дмитрий олоххо актыыбыннай позициялаах, нэһилиэк аҕаларын түмсүүтүн салайааччыта. Нэһилиэк иһинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ, субуотунньуктарга, ону тэҥэ уус-уран самодеятельность актыыбынай кыттыылааҕа.
Эдэр киһи былаана үгүс. Өрөспүүбүлүкэбит, улууспут тыа ыалын олоҕун бары өттүнэн өйөөһүнэ, эдэр дьонҥҥо, норуокка инники олох оҥосторугар эркээйилээх суола буолар.
Эдэр ыччаппытыгар Дмитрий Никоновичка баҕа санаабытын аныыбыт, санааны сайан, саҥаны айаргар, уйгуну сомсон, үгүһү ситиһэргэр, дьиэ кэргэҥҥэ дьоллоох олоҕу баҕарабыт.
Валентина Яковлева