Баҕа санаа (кэпсээн)

Аня Туора алааска сайылаан, эбэтинээн күһүн оскуола аһыллыан аҕай иннинэ саадьаҕай оҕустарын көлүнэн кыстыырдыы дэриэбинэҕэ кииртэрэ. Кини үөрэнэр оскуолатыгар 1930 сыллаахха балаҕан ыйын 1 күнүгэр начаалынай оскуола бастакы кылааһа аһыллыбыта. 1935 с. начаалынай оскуола дьиэтэ уонна кулууп тутуллубуттара. Оскуола Кырынньыкыга баара, онон үөрэнэр оҕолор Ылгыдьаактан, Өлөҥнөөхтөн, Таалаттан, Кулуһуннаахтан, Дабаантан, Туора алаастан, Орто сайылыктан, Kирилэ күөлүттэн, Kиэҥ Алаастан сатыы эрдэ туран үөрэнэ тиийэллэрэ. 1939-1940 сс. үөрэх дьылыгар бэһис кылаас аһыллыбыта, онтон устунан алтыс, сэттис кылаас аһыллыталаабыттара. Ити сылларга эбии икки хоһу самыы туппуттара. Степан Антонов дьиэтэ көһөрүллэн аҕалыллыбыта. Хоболоохтон Усов Николай Данилович уонна Тыымпыттан Тэрээнэп Миитэрэй дьиэлэрин утуу-субуу көһөрөн аҕалан холбуу туппуттара. Онон оскуолаҕа оҕолор үөрэнэр да этилэр, эмиэ да интэринээт буолбута. Бу оскуоланы 1942-1943 сс. бастаан 18 оҕо бүтэрбитэ.

Үөрэх тас өттүгэр оскуола учууталлара нэһилиэнньэҕэ киэҥ общественнай үлэни ыыталлара, аныгы олох сайдыытын өйдөтөллөрө. Сотору-сотору нэһилиэнньэни мунньан лекциялары, дакылааттары оҥороллоро. Нэһилиэк эдэр ыччатын мунньан араас оонньуулары, пьесалары көрдөрөллөрө. Нэһилиэккэ үс холкуос баара: Хатыы,Таала, Мэгээдьэк. Нэһилиэк салайааччылара, дьон-сэргэ оскуоланы сырдык сир курдук саныыр буолан, оскуола оҕолоро эмиэ олус таптыыр, кэрэҕэ тардыһар сирдэрин курдук ытыктыы улааппыттара. Оскуола бырааһынньыктара, пионерскай сбордар олус да тэрээһиннээхтик, интэриэһинэйдик ааһаллара. Аны санаатахха хас биирдии тэрээһин иитэр-үөрэтэр сыаллаах буолан, оҕолор туох эрэ саҥаны билэн-көрөн, туохха эрэ үөрэнэн дьоллонон кэлэллэрэ. Оскуола пионерскай дружината Олег Кошевой аатын сүгэрэ. Дружина сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн Л.Федорова, Е.Петрова, К.Иннокентьева үлэлээбиттэрэ. Анялаах быйыл 3 кылааска таҕыстылар, хара күһүҥҥүттэн Ленин төрөөбүт күнүгэр кылааһынан сүүс бырыһыан пионерга киирэргэ сыал-сорук туруоран бэлэмнэнэллэр. Пионер туйгун үөрэхтээх, көрсүө-сэмэй дьиссипилиинэлээх, ыраас, туруоруммут сыалын ситиһэр, Ленин ирдэбилигэр өрүү бэлэм буолар оҕо буолар. Бастыҥтан бастыҥ кылаас Ленинскэй хоско үөрэнэр чиэскэ тиксэрэ, онон бары оҕолор Ленинскэй хоско үөрэнэр туһугар кыһаллаллара.

Хонтуруолунай үлэлэр, ырааһы көрүү, тэтэрээт ис-тас туругун бэрэбиэркэтин түмүгүн таһаарыы тиийэн кэлбитэ. Дьэ, бу улахан тургутуу түмүгүнэн, ким пионерга киирэрэ-киирбэтэ быһаарыллар долгутуулаах күннэрэ ыга анньан кэлбитэ. Оскуола барыта Ленин төрөөбүт күнүгэр бэлэмнэнэн киирии-тахсыы элбиир, оскуола иһэ биир кэм суугунаан олорор. Анялаах кылаастара генеральнай репетицияҕа кэллилэр. «Вася тэтэрээтин арыылаах илиитинэн туппут кирдээх, Ваня математика хонтуруолунайыгар иккини ылбыт, Аня баттаҕа быттаах, маннык оҕолор пионер үрдүк аатын ылар кыахтара суох» диэн учууталлара иһитиннэрдэ. Аня пионерга киирбэтин истэн хараҕа хараҥарарга дылы гынна, кыбыстыбыт санаатыгар сирэйэ итийбэхтээн ылар. Кини хайдах оскуолаттан тахсыбытын да өйдөөмүнэ хаалла, ытаан ыгдаҥныы-ыгдаҥныы дьиэтин диэки барда. Аня ийэтэ кыстыкка сүөһү көрөр, онон Аня эбэтинээн ыалга кыбыллан олороллор. Кыыһа пионерга киирэригэр анаан, ийэтэ тастыҥ эдьиийинэн куораттан хаалтыс сакаастаан ылларбыта. Бу сааты, ийэтэ барахсан төһө эрэ хомойор диэн саныы-саныы Аня саҥата суох хос диэки ааста. Хоско киирбитэ кып-кыһыл хаалтыһа оронун баһыгар ыйанан турар. Бэҕэһээ Аня кыһаллан өтүүктээн ыйаабыта. Сарсыныгар Аня бииргэ үөрэнэр оҕолоро пионерга киирэллэрин сыгынньахтанар хостон ымсыыран аҕай көрбүтэ. Кып-кыһыл сабыс саҥа хаалтыстарын моонньуларыгар иилинэн андаҕар этэ туралларын көрөн, кини эмиэ пионер буолуон олус да баҕарбыта. Аня эбэтигэр тугу да эппэтэ, саҥата-иҥэтэ суох уруогун ааҕан, иһитин сууйан, баттаҕын тараанан баран утуйда. Сарсыарда аһаан оскуолаҕа барардыы хомунна, пионерскай хаалтыһын школьнай форматын иһинэн баанан кэбистэ. Аны күн аайы хаалтыһын маннык баанан барар буолбута. Биир үтүө күн мэниктээн сүүрэлии сырыттаҕына, били моонньугар бааммыт кыһыл хаалтыһа быган кэлбитин билбэккэ, кылааска киирбитэ. Дьэ, доҕоор, бииргэ олорор кыыһа Маайа көрө түһээт «быттаах эрээри өссө көҥүлэ суох хаалтыс бааммыт» диэн айдаан бөҕөтүн түһэрбэт дуо. Кылааһын оҕолоро Аняны туох эрэ улахан буруйу оҥорбут курдук учительскайга тыллыы сүүрбүттэрэ уонна түргэнник учительскайга барар үһүгүн диэн соруйдулар. Тэҥнэһиэ дуо, учительскайга киирдэ. Учууталлар: «Тоҕо пионерскай хаалтыһы көҥүлэ суох баанныҥ?» диэн ыйыталаһыы, ыххайыы бөҕөлөр. Аня туох диэҕэй, саҥата суох умса көрөн турар, хадаардаһан ытаабат даҕаны. Хата бэйэтин учуутала баар эбит:

– Аня, уруок кэнниттэн кылааскар хаалаар, кэпсэтиэхпит уонна бар үөрэн, – диэтэ. Аня кылааһыгар киирбитигэр оҕолор бары көрө түстүлэр. Маайалаах Шура утары хааман кэлэн: «Эн пионер буолбатаххын, сымыйанан хаалтыс бааммыккын, онон хаалтыскын уһул», – диэн модьуйдулар. Аня туох да иһин хаалтыһын устубат, тиийэн паартатыгар олордо. Бииргэ олорор кыыһа: «Мин сымыйаччы киһини кытта олорбоппун», – диэт суумкатын ылаат, кэнники кураанах паартаҕа баран олордо. Уруок бүппүтүн кэннэ учуутала Анялыын кэпсэппитэ: «Быккын ыраастаннаххына, хонтуруолунай үлэлэр түмүктэринэн, кинигэҥ, тэтэрээтиҥ туругун көрөн баран пионерскай дружина быһаарыытынан пионерга ылыахпытын сөп, онуоха диэри пионер мэктиэ тылын өссө кичэйэн үөрэт, хаалтыскын устан уур», – диэтэ.

 

Кыыс пионерга киирэр эрэл баарын истэн олус үөрэн, санаата чэпчээн дьиэтигэр сүүрүүнэн тэбиннэ. Пионерга киирэр баҕатын толороору Аня үөрэҕэр кыһаллыы бөҕө, бэл бытын суох оҥорор сыалтан ыалларыттан быт түһэрэр муос тараах уларсан, күн аайы тараанар, солохтоох ууга суунар. Күн уһаан таһырдьа сүрдээх ылааҥы, сайыҥҥылыы күннэр. Пионер оҕолор муста-муста тимуровскай көмөҕө үлэлээри, горн тыаһынан хаалтыстара тэлээрэн хааман иһэллэрин, олбуор аанын быыһынан саһан туран, Аня  көстүбэт буолуохтарыгар диэри одуулуур. 4-6 чааска диэри оскуола олбуоругар кып-кыһыл былааҕы патруль оҕолор үөһээ күөрэччи тардаллар уонна уруок ааҕар оҕолору дьиэнэн кэрийэн бэрэбиэркэлииллэр, бэрэбиэркэ кэнниттэн кыһыл былааҕы аллараа түһэрэллэр. Оскуола үрдүк сиргэ турар буолан, күөрэччи тардыллыбыт кыһыл былаах ыалга барытыгар көстөр. Аня былаах тахсарын кэтэспэт, үлэтэ бүттэ да уруогун кичэйэн ааҕар. Олег Кошевой аатын сүгэр пионерскай дружина сбора пионерга киирбэтэх оҕолору эмиэ улахан тургутуу кэнниттэн пионерга ылыахтаахтар. Болдьообут күннэрэ үүнэн Аня пионерскай сборга долгуйа хааман оскуолатыгар барда. Дьэ бу күнтэн ыла Аня кып-кыһыл хаалтыһын кэтэн пионер үрдүк аатын ылан, коммунистическай партия ханнык баҕарар дьыалатыгар өрүү бэлэм буолуо.

Евдокия Васильева

Елена Дьячковская уруһуйа