Бааччан түөрт сэргэтэ, дьикти тутуулаах ампаара

 Ытылларга ууруллубут ыарахан дьылҕалаах Бааччан Киргиэлэй – Мытаах бастакы инженерэ, саха Кулибина…

Аҕыйах хонуктааҕыта Мытаах  нэһилиэгин биир биллэр киһитэ Стручков Григорий Гаврильевич-Бааччан өтөҕөр бара сырыттым. СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, уһун кэмҥэ бэтэринээринэн үлэлээбит Татьяна Михайловна Николаева, мин улууска баар былыргы сэргэлэри интэриэһиргиирбин билэр буолан, Бааччан сэргэлэрин туһунан өссө былырыын кэпсээбитэ. Сайын түһэрбит хаартыскалардаах этэ. Тута илдьэн көрдөр диэн көрдөспүтүм. Ол хата, быйыл кыаллыбытыгар олус үөрдүм, хаартыскаҕа түһэрэ сатаатым.

Татьяна Михайловна убайын, биир идэлээҕин, Горнай улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, 88 саастаах нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа Семен Иванович Тимофеевы барсарыгар көрдөспүт. Суоппарбыт бырааттара Владимир  Белолюбскай быйыл баһаарга былдьаммыт ойуурдардаах, мөлтөх суоллаах ыраах сиргэ, туох да иҥнигэһэ суох бэркэ сырытыннарбытыгар улаханнык махтанныбыт.

Бааччан туһунан урут нэһилиэк сээркээн сэһэнньитэ В.И.Тимофеев, историк А.Н.Саввин кинигэҕэ таһааран тураллар. Кэлин кыраайы чинчийээччи РФ суруналыыстарын союһун чилиэнэ В.П.Парфенов сиһилии «Үлэ күүһэ», “Саха сирэ” хаһыаттарга суруйбута.

Бааччан төһө да олох үөрэҕэ суох буоллар, бэйэтин кэмигэр сытыы-хотуу, кэлбит-барбыт, ырааҕынан айаннаабыт, нэһилиэк биир тутаах киһитэ этэ. Кинини тоҕо эрэ Бааччан баай диэн ааттыыллара үһү. Ол эрээри 1927 с. ыаллары суруйууга, кини дьиэ кэргэнэ 2 сылгылаах, 12 ынах сүөһүлээх, 9 табалаах. Мантан көстөрүнэн, итиччэ сүөһүлээх киһи баай дэниэн табыллыбат курдук. Көннөрү сэниэ ыал кэккэтигэр киириэн сөбө. Бука, ол да содулуттан буолуо, бандьыыттааһын саҕана былааһы утарбыт, олорго көмөлөспүт дьон кэккэтигэр киирэн, РСФСР ХК 59-3 ыстатыйатынан сууттанан хаайыллыбыта.

Кини туһунан улуустааҕы архыыпка маннык суруллубут: “Стручков Григорий Гаврильевич-Бааччан – участник первой и второй восстаний, расстрелян органами НКВД, дочь Дьячковская Александра Григорьевна, к/х Ленин”. Мантан көстөрүнэн, бэл Бааччан кыыһа, ити кэм, оччотооҕу былаас кистэлэҥ испииһэгэр киирэн, бэйэтэ да билбэтинэн кэтэбилгэ-манабылга  сылдьыбыт эбит.

Оттон “Илин” сурунаалга 1992 с. кини туһунан маннык бэлиэтээһин баар: “Стручков Григорий Гаврильевич, 53 года, Мытахский, ЗКу, 24.03.1928 – к расстрелу.

Тимофеевтар бу эргин олохтоох дьон. Татьяна манна төрөөбүт да диэххэ сөп. Семен Иванович оҕо эрдэҕиттэн, эмиэ  элбэх сыл олорбут буолан үчүгэйдик билэр. Бааччан сурукка-бичиккэ киириэн сөптөөх уратытын туһунан кини чуолкайдаан, эбэн кэпсээтэ.

Бастакытынан, били Мааттаҕа 100-чэкэ сыл анараа өттүгэр муоста туттарбыта. Уҥуор-маҥаар кытылга ампаар охсон баран, сыллата киэҥник, балысханнык халаанныыр үрэх ортотугар ханан да баҕана туруорбакка эрэ, оҥорбутун киһи сөҕүөн сөҕөр!   Дэлэҕэ да кыраайы чинчийээччи Владимир Прокопьевич “Саха Кулибина” диэн суруйуо дуо! Таба, ат, оҕус сыарҕалаах, сатыы дьон олох өргө диэри ол муостанан эрэ туорууллара. Бу кэлин сопхуос саҕана, саас Эргискэ уойууга барар сүүһүнэн сүөһүнү,  Маатта уута киириэн иннинэ, ити муостанан туораталлара.

Бааччан муостата тутуллуоҕуттан 100-чэкэ сыл ааста, сайдыы бөҕө барда, аата-ахсаана суох тиэхиньикэ элбээтэ эрээри, Мытаахха билиҥҥэ диэри Мааттаны туоруур муостаны ким да тута илик. Былааҥҥа да суох быһыылаах. Сыллата отчуттар улахан эрэйи көрсөллөр. Сорохтор ол Маатта уҥуоргу ходуһаларга оттуулларын тохтоттулар. Манна таарыйа нэһилиэктэри тэҥнээн эттэххэ, Солоҕоҥҥо Чыра үрэхтэрин туоруурга икки сиринэн, өссө Харыйа үрэҕэр улахан муосталаахтар. Ол үлэҕэ-хамнаска улахан туһалааҕа биллэр суол.

Иккиһинэн, бу маннык түөрт сэргэ кэккэлэһэ турара, улууспутугар ханна да суох. Дьикти. Семен Иванович кэпсииринэн, бу сэргэ эрэ буолбакка, сэргэлэр үрдүлэринэн, барыларын хабар ампаарга диэри киэҥ сарайдааҕа үһү. Сарай титириктэринэн тэлгэтиллэн баран, хастаммыт хатырыгынан бүрүллүбүт эбит. Манна ыраахтан кэлбит аттаах, оҕустаах айанньыттар көлөлөрүн сынньатан ааһалларыгар аналлаах. Сайын куйаастан, күн уотуттан, сэллээбэт ардахтан кыһыҥҥы кэмҥэ тыалтан, тохтообокко түһэр хаартан көлөнү хаххалыыр аналлаах. Кэлин  сарайа сууллубутун ыраастаабыттар. Ол саҕана Бааччан бу олорор сиринэн Мытаах, Эргис, Маалтааны дьоно, Арҕаа Хаҥаласка, Бэрдьигэстээххэ да баралларыгар-кэлэллэригэр хайаан да тохтоон, сынньанан, сорохтор хонон-өрөөн ааһаллара.

Үсүһүнэн, бу билиҥҥэ диэри олох хамсаабакка турар ампаара. Ампаар атыттартан уратыта, аныгы кэм курдук, бастаан буор кутуллан, үрдэтиллэн баран ол үрдүгэр тутуллуута. Сорохтор этэллэринэн, ампаар акылаата хас эмэ эргиир үрдүк буолуон сөп. Аны биир дьиктитэ, ампаар анныгар икки этээстээх булуустаах, подваллаах эбит. Чахчы,  сэдэх тутуу диэтэҕиҥ!!! Олох өргө диэри турбут. Бу диэки оттооччулар сопхуос саҕана, эттэрин манна аҕалан ууралларын кэпсииллэрэ. Сүүрбэччэ сыллааҕыта баара эбитэ үһү. Хаартыскаҕа көстөрүн курдук, ампаарын кытыылара, кэтит буор кутуулаах, заваленкалаах.   Ампаарга оннук баарын көрбүт аҕыйах буолуо. Ол да иһин булууһугар угуллубут этэ, сылы эргиччи ирбэтэ үһү. Ампаар үрдүн маһа, тула өттүнэн  таска уһуннук таһаарыллыбыт, быктарыллыбыт  буолан, муннуктара уу таммалаабатынан, сытыйбакка, олох да эргэрбэккэ тураллар. Тутуута ураты үчүгэй, сэлэппиискэтин анныгар төһө да муоҕа суох буоллар, сайын олох кумаар да киирбэт этэ диэн Сэмэн сөҕөн кэпсээтэ.

Төрдүһүнэн, Бааччан бэйэтин дьиэтэ олус улахан эбит. Нууччалыы тутуулаах, сарайа суох, халыҥ буор даҥнаах. Дьиэтин утары кыра ампаардаах. Дьиэтиттэн хоспох курдук, ампаарыгар тиийэ тутуулаах, онто сарайдаах, аныгы тылынан эттэххэ тилийэ уһун холлаах. Оннук эбии тутуулаах дьиэлэр биһиги эргин баалларын истибэт этим. Бу дьиэ бэрт үчүгэй туран, өрдөөҕүтэ өрт уотугар былдьаммыт.

Билигин да сылгытыгар  анаан туппут хаһаатын тобоҕо баар. Ол эмиэ бэрт кичэллээхтик оҥоһуллубута көстөр. Сэмэн этэринэн, убайа сылгыһыттыыр эрдэҕинэ, сыллата онно хаайан биэ ыыллар эбит.

Онон нэһилиэк дьоно күн бүгүҥҥэ диэри номох гынан кэпсиир, киэн туттар киһилэрэ, үйэ анараа өттүгэр олорон, тутан ааспыт сорохтор бигэргэтэллэринэн, Мытаах бастакы “диплома суох инженерэ”, саха ураты мындыр киһитэ Бааччан Киргиэлэй тутуулара, анал бэлиэҕэ ылыллыахтарын наада. Ити билигин да сэнэх турар ампаара, сэргэлэр ураты харыстанар тутуу быһыытынан билиниллиэхтэрин сөп этэ. Ордук билиҥҥи балаһыанньаҕа уоттан харыстыы сатыахха, туһааннаах дьоннор анаан-минээн баран, барытын ирдэбилгэ олоҕуран уһаты-туора, үрдүн-аннын кээмэйдээн, паспордыахтарын наада дии саныыбын.

Маннык хайысханы сэргиир туристар, оскуола үөрэнээччилэрэ да баран көрөр, чинчийэр, былыт да саппат былыргытын үөрэтэр кыахтаахтар. Оттон уруулара-аймахтара, төрөөбүт кыраайы чинчийээччилэр, историктар хаарыан киһи хара балыырга түбэһэн, сырдык тыына быһыллыбыт дьыалатын арыйан көрөн, оччотооҕу ыраас ыра санаатын дьиҥнээхтик сырдатарга кыһаллыахтарыгар баҕарабын. Нэһилиэк олохтоохторо  Ытык кырдьаҕас В.И.Тимофеев “Мытаах” кинигэҕэ суруйбутун: “Бааччан үтүө  санаалаах, өйдөөх киһи буолан, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүөнү оҥорбута элбэх” диэбитин болҕомтоҕо ылан, олору ыйыталаһан, билэн, сурукка-бичиккэ киллэриэхтэрэ эбитэ дуу?

Василий Алексеев.