Баһаартан сэрэхтээх буолуу хас биирдиибититтэн тутулуктааҕын умнумуоҕуҥ

Муус устар 1-30 күннэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ баһаартан сэрэхтээх буоларга “Жилище” операция ыытылла турар.
Баһаарынай сорудахтар, тэрилтэлэргэ уопсай рейдэлэр, чааһынай ыалларынан кэрийэн, билии-үөрэх тэрилтэлэринэн тэрээһиннэр, күрэхтэр уонна баһаартан сэрэтии, өйдөтүү үлэтэ тиһигин быспакка ыытыллаллар.

Кулун тутар 17 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 340 баһаар (былырыын баччаҕа – 378, -10,1 %), баһаарга олохтон туорааһын 17 киһи (АППГ – 14 киһи, +21,4 %), ол иһигэр 4 оҕо (АППГ – 1, +300 %), баһаартан оһол 11 киһи (АППГ – 11, 0 %), ол иһигэр 2 оҕо ( АППГ – 0, +100 %), матырыйаалынай хоромньу 5 мөл. 460 тыһ. 201 солк. (АППГ – 52 мөл. 694 тыһ. 713 солк., -89 %), баһаары умулларыы бириэмэтигэр 38 киһи кытынна (АППГ – 37, +2,7 %), баһаартан эвакуацияланнылар 226 киһи (АППГ – 602, -62 %), баһаартан сыаналаах 66 мөл. 219 тыһ. солк. 600 солк. (АППГ – 182 мөл. 723 тыһ. 300 солк., -63,8 %) мал-сал быыһанна.

СӨ бюджетнай тэрилтэтин баһаары көрөр-истэр территориятыгар 121 баһаар буолла (былырыын баччаҕа – 146, -17,1 %), баһаарга киһи өлөөһүнэ – 10 (АППГ – 9, -11 %), ол иһигэр 4 оҕо (АППГ – 1, + 300 %), баһаартан эчэйии 9 киһи (АППГ – 5 киһи, +80%), ол иһигэр 2 оҕо (АППГ – 0, +100 %), баһаартан матырыйаалынай хоромньу 1 мөл. 447 тыһ. 650 солк. (АППГ – 51 мөл. 589 тыһ. 564 солк., -97 %) таҕыста.

Чааһынай киһи олорор дьиэлэригэр 16, элбэх киһи олорор уопсай дьиэлэригэр – 12, чааһынай гараастарга, ыаллар баанньыктарыгар уо.д.а. тиэргэннэригэр баар араас тутууларга – 57 баһаар регистрацияланна.

Бу тахсыбыт баһаардар биричиинэлэринэн буолаллар: оһохтоох ыаллар оһохторун туругуттан, ол эбэтэр кэмигэр көрүнэ, өрөмүөн үлэтин ыыппаттарыттан, уот ситимин, ол эбэтэр электропроводка тардыллыыта, оҥоһуллуута быраабылаҕа эппиэтээбэтиттэн, чааһынай бас билэр дьиэлээхтэр утары итэҕэстэрин туоратан, анал үөрэхтээх электромонтерга оҥорторботторуттан, баһаарынай быраабыланы тутуспаттарыттан, массыыналар умайааһыннара – бу барыта дьон дьалаҕай сыһыаныттан баһаардар тахсаллар.

Баһаарынай этэрээт үлэһиттэринэн чааһынай дьиэлээхтэргэ профилактическай үлэлэр ыытыллалларынан ыттаргытын баайаргытыгар көрдөһөбүт.

Баһаартан сэрэхтээх эрэ буолуу быраабылатын тутустахпытына, бу олохпутугар буолар алдьархайдаах баһаардар үтүмэн үгүс ахсааннара кыччыа этилэр.

Хаһан да, ханна да буоллун, өскөтүн эн буруо ааҥнаабыт эбэтэр буруо тахсыбыт сибикитин көрдөххүнэ, биллэххинэ тута суһал көмөнү “101” нүөмэринэн эрийэн биллэрэргин умнума! Бу “101” баһаарынай суһал көмө нүөмэрин бары билиэх тустаахпыт. Чугас дьоҥҥутугар, оҕолоргутугар, сиэннэргитигэр, кырдьаҥас дьоҥҥутугар бары уон тарбах курдук билэллэригэр кыһаллыаҕыҥ.

Күндү улууспут олохтоохторо!
Бу ыытыллар “Жилище” операцияҕа, бары биир киһи курдук кыттыһан, баһаарынай туруккутун көрүнэн, оҥостон баһаартан сэрэхпитин күүһүрдүҥ. Баһаартан сэрэхтээх буолуу –хас биирдиибититтэн
тутулуктааҕын умнумуоҕуҥ.

Горнай улууһун 16 №-дээх баһаары утары охсуһар этэрээт сэрэтэр.