Бастакы баһаарынай күрэхтэһии табылынна

Бүгүн Бэрдьигэстээххэ нэһилиэктэргэ баар добровольнай баһаарынай хамаанда байыастара идэлэрин төһө баһылыылларын көрдөрдүлэр.

Күрэхтэһии үөрүүлээх арыллыытыгар Октябрьскай нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччытыгар Прасковья Абрамоваҕа сэлиэнньэ баһаартан куттала суох буолуутун хааччыллыытыгар улахан үлэни ыыппыттын иһин Махтал суругу туттардылар.

Баһаарынай чаас начаалынньыга Валентин Петров быраабыланы билиһиннэрдэ. Олохтоох баһаарынай чаас байыастара «бойуобка» таҥныытыгар, «быа байыытыгар», «бойобуой развертывание» көрүҥнэрэ хайдах буолуохтааҕын көрдөрдүлэр.

Үчүгэй ыһыылаах-хаһыылаах комбинированнай эстафета түмүгүнэн бастакы миэстэни Маҥаны, иккиһи Октябрьскай, үсүһү Мытаах хамаандата ылла.

Теоретическай тест хоруйугар үс бастыҥ иһигэр Степан Ковров, Александр Жирков (Октябрьскай), Иван Яковлев (Мытаах) киирдилэр.

Уопсайга Октябрьскай уолаттара инники күөҥҥэ таҕыстылар. Иккис Маҥаны, үһүс миэстэҕэ Мытаах хамаандата таҕыста.

Баһаарга бэлэмнээх буолуу бастакы күрэхтэһии бэркэ түмүктэннэ. Кэлэр өттүгэр сыл ахсын ыытылларыгар, көрүҥүн элбэтэргэ кыттааччылар баҕа санаалаахтар.

Вячеслав Алексеев.