Арҕаа Хаҥалас улууһун II Эргис нэһилиэгэ хаһааҥҥыта эрэ туспа буруо таһаарынан, дьаһанан олорбут эмиэ биир ураты сир буолар. Ол кэлин, сэбиэскэй кэмҥэ, тэйиччи сытарынан, суола-ииһэ уустугунан Мытаах нэһилиэгэр холбоммута. II Эргис аҕыйаҕа суох чулуу, бастыҥ дьону сахаҕа бэлэхтээбитэ диэтэхпитинэ, бука сыыспаппыт буолуо. Оройуон бастакы уордьаннаах киһитэ Дмитрий Осипов, ССРС норуодунай худуоһунньуга Афанасий Осипов, ССРС норуодунай дьокутаата Прокопий Осипов уонна да үгүс туруу үлэһит олор истэригэр бааллар.
Бэйэтин кэмигэр ССРС, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин XII, Ил Түмэн I ыҥырыылаах дьокутаатынан быыбарданан үлэлээбит, сэбиэскэй, российскай бэлитиичэскэй бөдөҥ диэйэтэл, дойдуга норуот хаһаайыстыбата, экология тупсуутугар, сайдыытыгар үгүс сыратын уурбут киһинэн Прокопий Осипов буолар. Прокопий Дмитриевич биһиги кэккэбитигэр баара буоллар бу сылга 75 сааһын бэлиэтиэхтээҕэ хаалла.
Аҕыйах хонуктааҕыта «Мытаах нэһилиэгэ» МТ баһылыга Иван Петров телефенонунан сибээскэ тахса сылдьан «Быйыл биһиги нэһилиэктэн төрүттээх бөдөҥ бэлитиичэскэй, хаһаайыстыбаннай диэйэтэл Прокопий Осипов төрөөбүтэ 75 сыла. Билэрбит курдук, кини II Эргистэн төрүттээх. Худуоһунньук Афанасий Осипов тастыҥ быраата буолар. Прокопий Дмитриевич туһунан биһиги, олохтоохтор, кинини ССРС, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин, Ил Түмэн дьокутаатынан эрэ үгүспүт билэр. Онтон кини тус, сүрүн үлэтин туһунан билбэппитин кэриэтэ. Мин итини, маннык, улахан дуоһунастарга ананан үлэлээбит дьоммут сэмэй дьон буолалларыттан тахсар дуу дии саныыбын. Дьокутаат буола сылдьан уонна көннөрү да кэлэн биир дойдулаахтарын кытта көрсүһүүлэргэ бэйэлэрин тус кыайыыларын-хотууларын, ситиһиилэрин кэпсээбэттэрин кэриэтэ этэ. Ол кэриэтэ үксүн биир дойдулаахтарын санааларын, кыһалҕаларын истэ, төрөөбүт нэһилиэктэригэр, улуустарыгар, дойдуларыгар үөскүүр уустуктары туоратыһар, быһаарсар, сүбэлиир аатыгар сылдьаллара. Ону биһиги, биир дойдулаахтара оннук буолуохтааҕын да курдук ылынар этибит. Арай кэлин, кинилэр бу орто дойдуттан букатын барбыттарын кэннэ санаан көрдөххө, маннык дьоммут тус олохторун, үлэлэрин туһунан билбэппит кэриэтэ эбит. Маннык дьоммут тустарынан киэҥник билии, үүнэр көлүөнэ ыччакка ордук туһалаах буолуо дии саныыбын. Кинилэр холобур оҥостоллоругар. Прокопий Дмитриевич үгүс сиргэ таһаарыылаахтык үлэлээбит киһи буолар. Онтон биирдэстэрэ Бүлүүтээҕи ГЭС буолар. Онно тиийэн кинини кытта бииргэ үлэлээбит дьоннору көрсөн, кинилэртэн ахтыы ылан, сибээс олохтоотохпутуна, инникитин олохтоох түмэлгэ мунньуллан үйэ-саас тухары хараллан дьон билиитигэр хаалыа этэ диэн эрэнэбит» диэн ис хоһоонноох быһааран биэрдэ. Инньэ гынан музей-галерея дириэктэрэ Артур Егоров, мин Бэрдьигэстээхтээҕи кыраайы үөрэтэр музей үлэһитэ, суоппарынан Михаил Мордовской, нэһилиэк баһылыга Иван Петров салалталаах Мииринэйдиир буоллубут.
Эрдэттэн үлэхтээх буоланнар, биһигини Светлинскэйдээҕи ГЭС салайааччыта Леонид Федотов көрүстэ. Онтон салгыы Бүлүүтээҕи ГЭС Каскадыгар айаннаатыбыт. «Биһиги тус туспа тэрилтэлэрбит. Ол эрэн үлэбит сүнньэ биир буолан ыкса сибээстэһэ олоробут. Манна үс түһүмэх ГЭС-тэр бырамыысыланнай эбийиэктэри уонна өрөспүүбүлүкэ арҕаа оройуоттарын күүрүүлээх уотунан хааччыйар. Инньэ гынан суолтата улахан» диэн Леонид Федотов айаннаан иһэн сэһэргиир. Көнө кутуу суолунан өр гыммакка Чернышевскай бөһүөлэгэр тиийдибит. Манна Бүлүүтээҕи ГЭС Каскадын тэбэр сүрэҕэ баар эбит. Били Леонид Федотов «улахан суолталаах» диэбитэ чахчы эбит. Эбийиэккэ бары бэрээдэги барытын тутуһуннаран аһардаллар эбит. Биһигини каскад дириэктэрэ Александр Горяинов Прокопий Дмитриевич бииргэ үлэлэспит кэллиэгэлэрин кытта көрүстэ. Чэй быыһыгар үгүс кэпсэтии, сэһэргэһии таҕыста. Александр Горяинов Прокопий Осиповка сыһыаннаах матырыйааллары чөкөллөөбүттэрин биһиэхэ көрдөрдүлэр. Өссө үгүс докумуон, матырыйаал кэм кэрдиитигэр сүтэн-оһон хаалбытын хомойо аҕыннылар. Прокопий Дмитриевич көннөрү маастартан саҕалаан бүтүн ГЭС салайааччыта буола үүммүтэ, бу кини киһи, салайааччы быһыытынан айылҕаттан дьоҕурдаах эбитин бэлиэтээтилэр.
Бииргэ алтыһан үлэлээбит кэллиэгэтэ Александра Тимохова сэһэргиир: «Прокопий Дмитриевич бүтүн дойдуга буолбут олус уустук кэмҥэ каскады салайбыта диэн бэлиэтиэххэ наада. Хамнас диэни 8-тыы ый ылбат этибит. ГЭС үлэһиттэрэ үс ый забастовкалыыллара. Ити кэмҥэ бэйэбит уолбут Проня салайааччы быһыытынан сатабыллааҕа, киһи быһыытын эйэҕэһэ көстүбүтэ диэххэ. Холобур, забастовка кэмигэр оробуочайдар туруорсууларын «мин салайааччы быһыытынан ону ылыммат өрүттэрдээхпин, ол эрэн эһиги «маннык гынын», «онно суруйун» диэн сүбэлээн биэрээччи. Инньэ гынан кини кэлэктиип убаастабылын ылыан ылбыта. Онтон булчутун туһунан этэ да барыллыбат. ГЭС үлэһиттэрэ бүтүннүү кини бултуттан амсайааччыбыт. Өссө сопхуостары кытта быһа кэпсэтэн кыһын тоҥ үүт, сибиэһэй эт, балык аҕаларын ама хайаан умнуохпутуй? Минньигэс да буолар этэ ол тоҥ үүт амтана». Дьэ, ити курдук ирэ-хоро кэпсэтэн биһиги салгыы Чернышевскай бөһүөлэгэр айаннаатыбыт.
Чернышевскай бөһүөлэгэр биһиги олохтоох музей үлэһитин Виктория Анатольевна Мамаеваны кытта көрүстүбүт. «Биһиги Прокопий Дмитриевичтааҕы кытта ыалынан доҕордоһор этибит. Кыра эрдэхпиттэн көрө улааппыт буоламмын чугас убайым курдук саныыбын. Кини да миигин балтытын курдук сыһыаннаһара. Оҕо сырыттахпытына биир эппитин үйэм тухары өйдөөн хаалбыппын. «Оҕолоор, эһиги мас кэпсиирин истэр буолар. Болҕойон иһиттэххитинэ үгүһү кэпсиэҕэ. Кини тыыннаах. Силиһэ былыргыта, бэйэтэ билиҥҥитэ, төбөтө кэнчээритэ» диирэ. «Ити биһиэхэ, сэбиэскэй кэмҥэ улааппыт нуучча оҕолоругар олус муодатык иһиллэрэ. Кэлин билбитим, саха омуга былыргыттан илдьэ кэлбит муудараһын бэйэтигэр чугас илдьэ сылдьарын уонна ону олус ытыктаабытым. Бу орто дойдуга туох барыта ситимнээх, силистээх-мутуктаах буоларын Прокопий Дмитриевич биһиэхэ үөрэппитэ. Биһиги билигин Прокопий Осипов аатынан научнай-практическай күрэхтэһии тэрийэр былааннаахпыт. Кини аата үүнэр көлүөнэҕэ хаалара бу биһиги, кини кытта бииргэ алтыспыт, үлэлээбит дьон ытык иэспит. Маннык, норуоттарын иннигэр эҥкилэ суох үлэлээбит дьон ааттара кэлэр көлүөнэ өйүгэр-санаатыгар өрүү сылдьыахтаах» диэн олус умсугутуулаахтык кэпсээтэ. Маны тэҥэ Виктория Анатольевна музей дириэктэринээн Артур Николаевичтыын ахтыы хомуйуутугар, музейдарыгар матырыйаал өттүнэн хаҥатааһыҥҥа бииргэ үлэлэһиэх буолан сүбэлэстилэр.
Бу сырыы түмүгүнэн «Мытаах нэһилиэгэ» МТ баһылыга Иван Петров уонна Светлинскэйдээҕи ГЭС салайааччыта Леонид Федотов икки ардыларыгар ыччаты промышленноска, энергетикаҕа сыһыарар туһунан сөбүлэҥ оҥоһуллар наадатын сүбэлэстилэр. Леонид Степанович оскуола оҕолоругар ГЭС үлэтэ хайдах барарын туһунан видео-экскурсия ыытыах буолан үөрдэ иһитиннэрдэ. «Маннык, бастыҥ дьоҥҥутун ытыктаан, тус бэйэҕитинэн кэлэн Прокопий Осипов үлэлээбит сирин көрөн-истэн барагыт олус туһалаах дии саныыбын. Ону тэҥэ, биһиэхэ эмиэ тус эппиэтинэһи сүктэрэр. Ити олус хайҕаллаах. Туох барыта ситимнээх. Кэлин бастыҥ энергетиктэр үүнэн тахсалларыгар, ыччат тустаах салааны таларыгар төрүөт буолуо диэн саарбаҕалаабаппын. Кэлбиккитигэр махтал буоллун» диэн Леонид Степанович арахсарбытыгар алгыс тылын эттэ.
Василий Тимофеев.
Мытаах — Миирнэй к. — Мытаах.