Баттаҕы сөпкө көрүнэргэ сүбэлэр

Баттах кэрэтэ сүрүннээн киһи төбөтүн тириитин уонна уопсай доруобуйатын туругуттан улахан тутулуктаах буолар. Битэмииннэр уонна араас киһиэхэ наадалаах микроэлеменнар эккэ-сииҥҥэ тиийбэттэрин баттах уонна тыҥырах туругун көрөн быһаарыахха сөп. Былыр, дьахтары ойох ылыахтарын иннинэ, бастаан баттаҕын туругун көрөн кинини сыаналыыр буолаллара. Уһун, хойуу, кылабачыгас баттахтаах кыыс үчүгэй чэгиэн диэн быһаараллара. Ол эрэн, сороҕор, бэрт айылҕаттан үчүгэй туруктаныах баттаҕы кэрэ аҥаардар бэйэлэрэ сыыһа көрүнэннэр (сөп түбэспэт эбэтэр буортулаах, соччото суох хаачыстыбалаах косметиканан туттаннар, күн аайы итии салгынан куурдар феннарынан, плойкаларынан сыыһа туттан, баттах өҥүн уларытыынан үлүһүйэн) буорту гынан кэбиһиэхтэрин син.

Сүрүн сыыһалар киһи билбэтиттэн тахсаллар. Холобур, киһи баттаҕа туохтан турарый? Кини хайдах үүнэрий? Клеткалара хайдах тугунан “аһыырый”? Шампунь хайдах үлэлиирий? Баттах бальзама, кондиционера диэн тугуй уонна туохха аналлааҕый? Тараах баттахха хайдах дьайарый? Баттаҕы мааскалыыр туохха нааданый? Фен хайдах баттаҕы буорту гынарый? Онтон да атын ыйытыктар элбэхтэр.

Тула көрдөххө, барыта реклама рекламаланар буолла даҕаны, ол аата үчүгэй диэн санаа дьон өйүн-санаатын булкуйар. Холобур, фены дуу, плойканы дуу аһара үлүһүйэн тутуннахха, баттаҕы хайдах сиирин, хатардарын туһунан биир да рекламаҕа көрүөххүт суоҕа.

Онон күндү ааҕааччыларым, рекламаҕа көрө-көрө эмиэ наһаа аҥаардастыы “чудо” буолуо диэн эрэнимэҥ. Туох барыта икки өрүттээх буоларын умнумаҥ. Ити суруллубут ыйытыктары үчүгэйдик билэр, эрдэттэн үөрэтэр ордук. Аныгыскыга сирэй тириитин тутулун туһунан кэпсиэҕим. Сыаналаах крем 20 сылы чахчы “сотон кэбиһиэн” сөп дуу, суох дуу диэҥҥэ бэйэм санаабын аһаҕастык үллэстиэҕим.

Баттаҕы көрүнүүгэ сүбэлэр:

– Шампунь сүрүн сыала баттахтан бэйэтин сыатын, онно сыстыбыт быылы, кири, хоннубут, өлбүт клеткалары сууйар эрэ. Шампунь сульфат диэн химикат көмөтүнэн эрэ толорор кыахтаах, сульфата суох шампунь диэн космецевтикаҕа төрүкү суох. Рекламаҕа этиллэр “безсульфатнай шампунь” диэн өйдөбүл оччого тугуй? Ол аата ол шампунь сульфата сымнатыллыбыт фильтрдаммыт диэн, ол эрэн син биир састаабыгар баар буолар. Пеналара онтон сылтан арыый мөлтөх буолар. Ол иһин элбэх сыалаах баттахтаах дьон улаханнык сэҥээрбэт, үчүгэйдик сууйбат диэн түмүккэ кэлээччилэр. Оннук шампунь, сүрүннээн, улаханнык сыаламмат баттаҕы эрэ үчүгэйдик сууйар.

– Төһөнөн элбэхтэ баттаххытын суунаҕыт даҕаны, соччонон сыатыйара элбээн барар курдук буолааччы. Тоҕо оннугуй? Тоҕо диэтэххэ, наһаа күн ахсын сульфат дьайарыттан баттах тириитэ уонна бэйэтэ олус куурар, харыстыыр слойа суураллан хаалар. Онтон сылтаан киһи этин-хаанын айылҕата харыстаныытын “холбуур”. Бэйэ сыатын таһаарыытын күүһүрдэн, харыстыыр слойун түргэнник толоро сатаан оннук буолар.

– Бальзам эбэтэр кондиционер ити үөһээ этиллибит шампунь баттахха дьайыытын уҕарытар, аччатар сыаллаах туттуллар. Шампунь сульфата сууйан кэбиспит баттах тириитэ харыстыыр слойун толорон биэрэн, баттах куурарын тохтотор, кылабычытар. Онон күн аайы баттах суунааччылар, булгуччу кондиционер эбэтэр бальзам туттаргыт оруннаах.

– Ити икки сүрүн күннээҕи баттаҕы көрүнүү таһынан, кэмиттэн кэмигэр баттах мааскатын туттан тириини “аһатар” олус туһалаах. Төбө тириитин илбийэн массажтанар эмиэ олус үчүгэй дьайыылаах: баттах силиһин күүһүрдэр, тириини саҥардар, кислород киллэрэр, хаан эргиирин тупсарар. Хаан эргиирэ тириигэ үчүгэй буоллаҕына, сиир аһылыгынан организмҥа киирэр битэмиин баттахха үчүгэйдик өлгөмнүн тиийэр. Оччоҕо баттаххыт доруобуйата тупсан биэрэр. Түһэрэ кыччыыр, саҥа баттах үүнэрэ түргэтиир уонна элбиир.

Итии фен, плойка, баттах кырааската буортутун кэпсиир улахан наадата суох дии саныыбын. Бары бэркэ билэргит буолуо. Хайдах дьайарын өйдүү-өйдүү бэйэни харыстанан, сэрэнэн туттуҥ. Туттар да буоллаххытына, харыстыыр спрейдарынан, арыыларынан баттаххытын куруутун сотор буолуҥ. Оччоҕо барыта үчүгэй буолуо.

Алена Михайлова