Бэйэ дьэдьэнэ амтанныын да атын, ураты минньигэc

“Флора” түмсүү кыттыылааҕа, уопуттаах оҕуруотчут Елена Алексеева дьэдьэни үүннэриинэн умсугуйан дьарыгырар. Эдэр оҕуруотчуттарга анаан минньигэс дьэдьэни олордорго маннык сүбэлиир:

Дьэдьэни олордуу суордуттан олус тутулуктаах. Өр сыллаах кэтээн көрүүбүнэн биһиги уларыйымтыа, тыйыс тымныы климаттаах сирбитигэр сөп түбэһэри олордор көдьүүстээх. Кэмигэр ситэн-хотон, аһын өлгөмнүк биэрэрин ситиһиэхтээхпит.

 

Ордук  “Руяна”, “Сладкая поляна” маҥанныгы дьүһүннээх “Холидей”, “Гигантелла”, “ Чудо чудное”, “Гордость Сибири”,  “Любаша”, “ Сахарная гирлянда”, “Рюген”, “Али Баба f1”, “Барон солемахар”, “Вкусняшка” суортар үчүгэйдик үүнэллэр.

 

Тохсунньу ортотугар  “Гигантелла”, олунньу саҕаланыытыгар “Чудо чудное” , ону тэҥэ ити ааттаммыт кэккэ сиэмэлэри олордобун. Кулун тутарга  “Руяна”суорт ыһыллар кэмэ.

 

Атын үүнээйилэри олордууга курдук аан бастаан буора бэлэмнэнэр. Уопуттаах оҕуруотчуттар ньымаларынан “Доширак” иһитигэр сиэмэлэрбин ыһабын. Матырыйаала сылааһы өр тутарынан, олус табыгастаах. Дьэдьэн элбэх ноһуомнаах буору сөбүлээбэт. Онон тэпилииссэ көннөрү буорун киллэрэн, марганцовкалаах уунан үөнүн-көйүүрүн  өлөрөн туттабын.

 

“Доширак” иһитин түгэҕин дьөлөн, онно чараас муоҕу тэлгэтэн баран, сылаас уунан илитэбин. Онтон эрдэ бэлэмнээбит марганцовкалаах буорбун кутабын, ол кэннэ сиэмэни кутан баран, чараас буорунан саба бүрүйэбин. Төрдүс, бэһис сэбирдэҕэ тахсыбытын кэннэ, дьэ атын иһиккэ көһөрөбүн. Үүнээйи силиһэ аһары уһун буоллаҕына, сарбыйыллар. Көһөрүү кэмигэр,  силиһин токуруппакка  буорга көнөтүк угуллуохтаах. Үрдүнэн тугунан да саппакка  сылаас сиргэ ууруллар. Үчүгэйдик быкпыттарын кэннэ арассаадалары сырдык буолан баран, сөрүүн сиргэ  түннүк сэҥийэтигэр көһөрөбүн. Дьэдьэн буора төһөнөн сииктээх да соччонон астара улаатар.

Оҕуруоппар уопсайа 5 кирээдэлээхпин, олорго уонтан тахсалыы дьэдьэни олордобун. Сыл аайы эбэн иһэбин. Эбии аһылыгы үүнээйилэргэ үлүһүйэн туттубаппын. Кирээдэлэри халыҥ спандболунан сабан, хаапыланан түһэр уу систиэмэни туруорабын. Бу ньыманы олус биһирээтим.  Бу кэнники сылларга, оҕуруотум дьэдьэниттэн сиэмэ  ылан олордобун. Ситэн үүнэр, аһын биэрэр эбит.

Нина Сутакова