Бэйэтэ да эрэйдэнэр, дьону да эрэйдиир…

Биирдэ утуйа сыттахпытына туох эрэ тыаһыыр… Туран уот уматан көрбүтүм— ороммут үрдүгэр киһи ыйанан турар. Кэргэним сытан эрэ ол киһи бачыыҥкаларын эрэ көрөн хаалбыта… Мин хаһыырбыппар мираж сүппүтэ…
Сүтүө дуо? Күнүс алталаах, иккилээх оҕолорбун утутан баран, уулларбыт хаарым уутунан илиибинэн таҥас сууйарым. Ол сууйа турдахпына, уу — чуумпуга киһи хаам да хаам буолар тыаһа иһиллэр уонна » Оо, дьээ» … диэх курдук саҥата иһиллэр уонна өр баҕайы ытаан, сыҥсырыйан бараахтыыра. Ону күн аайы иһиттэххэ киһи иирэн да хаалыан сөптөөҕө…
Марфа Прокопьевна Романова диэн Ньурбаттан төрүттээх сааҥаспыт сайылыгар ол дьыл кыстаан олорорбут.
Ол ытыыр киһини абааһы көрөн, ардыгар оҕолорбун утуппакка чугастыы аэропорт вокзалыгар баран, аҕабыт үлэлээн кэлиитин эрэ саҕана дьиэбитин буларбыт. Вокзал милииссийэлэрэ миигиттэн кэлин тоҕо куруук кэлэ турарбытын ыйытар буолан барыахтарыгар дылы сылдьаахтаабыппыт.
Кэргэммэр этэн — этэн, үлэлиир тэрилтэтин профсойууһун үлэһиттэрин ханнык куһаҕан усулуобуйаҕа олорорбутун көрдөрө ыҥыттарбытым. Кинилэр кэлэллэригэр муостабын сууйбутум — мууһуран киһи кыайан хаампат катога буолан хаалбыта. Оҕолорум саҥата суох ороҥҥо олорон, оонньуулларын көрө — көрө профсоюз хотуттара «Такие миленькие » буолан, ыга куттаммыт дьүһүннээхпин көрөн, уоскутан барбыттара.  Дьиэ температурата 10-12 кыраадыс сылаас, бары сонноох, хаатыҥкалаах сылдьарбытын сөхпүттэрэ аҕай.
Икки хаптаһын иһигэр эпиилкэ кутуллан оҥоһуллубут кырачаан дьиэ — сайылык этэ. Наһаа тымныытын иһин үрдүттэн анныгар дылы түннүктэри — баҕастары хаарынан көмөн кэбиспиппит. Ол иһин күнүстэри уот уматарбыт, тимир оһохпутун куруук отто сатыырбыт.
Ити дьиэ «Белое» күөл таһыгар турара, учаастага улахан, оҕуруотун сирэ улахан этэ.
Хаһаайкабыт Марфа Прокопьевна кэлэн, биирдэ сэрэнэн — сэрэнэн «Туох эмэ көстөр дуо» ? диэн ыйыппытыгар көстөрүн, иһиллэрин кэпсээтэҕим дии…
Кини артыыстартан атыыласпытын, кинилэр уоллара бу сайылык дьиэҕэ ыйаммытын, кэпсээн, мин уйулҕабар туох эрэ улахан уларыыйыны киллэрбитэ.
Ол күнтэн хайдах эмэ кыбартыыра ыллахха табыллар диэн бигэ санааҕа кэлбитим…
Бэйэм биир да күн үлэлии, быраастыы илигим, кэргэним саҥа Билим Академиятыгар инженеринэн үлэлээбитэ алтыс эрэ сыла этэ. Дьиэтэ — уота суох учуонайдар элбэхтэр, хайдах биһиэхэ кыбартыыра биэриэхтэрэй?
Арай «гипноз эрэ көмөлөһүө» диэн санаа күөдьүйэн, библиотекаҕа сылдьан, кинигэ уларсан, аҥаар кырыытыттан ааҕан барбытым.
Ол сылдьан, кылааһынньыкпын, эмиэ быраас идэлээх Степанова Маританы көрсөн, балта Мотя Верховнай Сэбиэккэ Овчинникова А. Я. сэкирэтээринэн үлэлиирин билбитим. Мотя хотунугар киирэрбэр суруйтаран абыраабыта.
Александра Яковлевна наһаа эйэҕэстик көрсөн, абааһылаах дьиэм, оҕолорбун көрөн олорорум туһунан сэргээн истибитэ уонна Академия тойонугар Черскэй Николай Васильевичка сурук суруйбута» Эдэр специалистарга көмөлөс» диэн.
Черскэйгэ өр бэлэмнэнэн, Наталья Гончарова курдук бүрүчүөскэлэнэн, кыһыл көстүүммэр маҕан куруһуба жабо иилинэн, хара лакированнай саппыкылаах киэргэнэн аҕай киирбитим уонна торумум быһыытынан киирбит ааным таһыгар чочумча турбутум. Киһим тугу эрэ суруйа олороро, ааны тоҥсуйбуппар миэхэ бэйэтинэн кэлэн, илиилэрин биэрэн дорооболоспута. Саппыкым хобулуктара үрдүк буолан, уҥуохпунан кини саҕа этим, киниттэн тутуһан, нэһиилэ хааман, олоппоско тиийэн олорбутум, туох да саҥата суох сайабылыанньабын уонна профсоюзтар акт- суруктарын биэрбитим.
Кини олору ааҕа олордоҕуна «Выделить квартиру» диэн суруй, суруй… бирикээстиирбэр тиийбитим.
Кини тугу да ыйыппакка эрэ киһи сөҕүөн — «Выделить четырехкомнатную комнату» диэн сайабылыанньам үөһээ өртүгэр суруйан кэбиспитэ.
Уонна гипноз суох диэн?
Сири билбэт буолуохпар диэри үөрэн, профсоюзтарбар дьиэрэҥкэйдээн кэлбитим. Дьиэбитин көрбүт дьахталларым итэҕэйбэккэ дьыбааннарыгар «охтон» түспүттэрэ. «Вы- наверное, сестра второй жены сына Черского»? бөҕө буолбуттара.
Хантан мин билиэмий кимиэхэ майгынныырбын?
Арай бөрүчүөскэбинэн А.С.Пушкин тапталлааҕар Наталья Гончароваҕа майгынныырбын билэрим.
Хотуннарым итэҕэйбэккэ Николай Васильевичка төлөпүөнүнэн токоолоһон көрбүттэрэ. Киһилэрэ «В моем фонде только 4 хкомнатные квартиры, сделайте по закону» диэн хаһыытаан кэбиспитэ.
Онон профсоюзтарым уоскуйан, аны төрөппүттэрбитин үөрэтэн барбыттара.
Кинилэри биһигини кытта Сайсаарга бииргэ олорор курдук пропискалаан, үлэ бөҕөнү көрсүбүттэрэ.
Итинник биир сайын, бу бэс ыйыгар Черскэй уолун кытта биир подъездка Ярославского 41 дьиэлэнэн хаалбыппыт.
Онон мин чараас эйгэҕэ, ити үөһээ ааттаабыт дьоммор барыларыгар махталым улахан уонна чараас эйгэ — биһиги кытта көстөр — көстүбэт үһүс олох баарын билэбин.
Киһи эмискэ, алҕаска суол саахалыгар, эбэтэр ытаан — соҥоон бэйэтигэр тиийиннэҕинэ, кини дууһата «үөр» буолан, бу Орто дойдубутугар хаалан хаалар эбит. Бэйэтэ да эрэйдэнэр, дьону да эрэйдиир.
Оттон эрэй, кыһалҕалаах олох киһи сайдарыгар туһалааҕын туһунан кылгастык кэпсээтим.

«Санаа» быраас.
10.06.2024.