Бэрдьигэстээх кыыһа Калининградка поезд ыытар

Соторутааҕыта эрэ Россияҕа бастакы электрическэй поездка машинист-дьахтар үөрэнэн, ыраах рейска айаннаабыт диэн сонуну Россия СМИ-гэр сэргии аахпыппыт. Ама, бу ыарахан үлэҕэ кэрэ аҥаар хайдах үлэлиирий, кинилэр туох санааттан тимир суол романтикатыгар куустаралларый дии санаабыппыт. Ол саҥабыт дорҕооно сүтэ да илигинэ, аны Горнай кыыһа поезд ыытарын истэн соһуйан, сөҕөн-махтайан олоробут.

Бука, Саха сириттэн кини поезд ыытар бастакы кэрэ аҥаар буолуо диэн сэрэйэбин. Бу күннэргэ Пелагея Бэрдьигэстээххэ аҕатын үбүлүөйүгэр кэлэ сылдьарын истэн, хайаан да көрсөн, кэпсэтэргэ сананным.

Онон билсиҥ: Улуустааҕы «Мисс Горный-2007» корона хаhаайката, «Мисс Универсиада — 2011» титул кыайыылааҕа, ол аата биһиги “Чыпчаалбыт” геройа, поезд суоппара кэрэ, нарын Пелагея Егорова.

Пелагея Семен Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар үөрэммитэ, оҕо сааha Бэрдьигэстээх кырдалыгар ааспыта. Үөрэхтэнэн, ыал буолан баран, кэлин дойдутугар төннөн, урбаан эйгэтигэр үлэлии сылдьан, Калининград куоракка көспүтэ. Төрөппүттэрэ Дмитрий, Светлана Егоровтар.

                                                                                                                     

-Пелагея, тимир суол, поезд эйгэтигэр хайдах тиийдиҥ?

-Калининградка көһөн баран транспортнай полицияҕа үөрэнэ сылдьан, электропоезд станциятыгар кэлэ-бара локомотивнай биригээдэ үлэһиттэрин, кинилэр үлэлэрин эйгэтин сэргии көрөөччүбүн. Ол сылдьан кэнники кэпсэтэн, ыйыталаһан , туох эрэ күлүм гынан, мин эйгэм эбит диэн билбитим. Хайаан да бу идэҕэ үөрэнэргэ сананан, үөрэхпин уларытан, Чита куоратыгар электропоезд суоппара, машиниһын көмөлөһөөччүтэ идэтигэр туттарсан киирбитим, этэҥҥэ бүтэрэн, билигин идэбинэн үлэлии сылдьабын.

-Ханна айанныыгыный?

-Калининградтан Светлогорск уонна Зеленоградск диэн курортнай куораттарга дьону таһабыт. Үлэлиир поезпыт немецкэй, «Ласточка» диэн ааттаах.

— Үлэҕэр бастаан туох ыарахаттары көрсүбүккүнүй?

-Ыарахаттар ханна баҕар буоларын курдук бааллар этэ. Эр дьон коллектива буолан,  бастаан өйдөөбөтөхтөрө. Кэлин бары доҕордоһон, эйэлээхтик үлэлии сылдьабыт.

-Маннык идэлээх кэрэ аҥаар төһө элбэҕий.

— Биһиги уобаласпытыгар төрдүөбүт.

— Массыына ыытартан туох атыннааҕый?

— Бэйэм инники А, В, С, Д категорияҕа үөрэммитим. Онно холоотоххо олох атын, барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах. Биир рейска 900 киһини илдьэбит. Онно барытын хонтуруоллуубут, аҥаара компьютер, аҥарын контролер-машинист салайар. Рейска икки буолан үлэлиибит, ол локомотивнай биригээдэ дэнэр. Кэнники бу үлэҕинэн аа-дьуо үрдээн иһэҕин, ыстааһыҥ эбилиннэҕинэ соҕотох айанныыр буолаҕын.

Саха кыыһа кэрэҕин,
Сатаабатаҕын диэн ончу суох,
Тимир суол устунан
Сири тилийэ көтөҕүн

                        Василий Тимофеев

-Баҕа санааҥ

— Саамай кылаабынайа чугас дьонум этэҥҥэ буоллуннар, доруобай сырыттыннар. Ыраах сылдьан киһи онно ордук долгуйар эбит. Дьонум этэҥҥэ буоллахтарына мин туруоруммут сыалбар хайаан даҕаны тиийэбин.

Саха хоһуун кыыһа, баҕа санаатын толорон, поезд ыытар курдук киһи эрэ мээнэ санаммат идэтин баһылаан, үлэлии-хамсыы сылдьара истэргэ, көрөргө тоҕо баҕас үчүгэйэй! Пелагеяҕа өссө да үрдүк ситиһиилэри, иннин диэки эрэллээхтик баран ис диэн үтүө баҕа санаабытын этэбит.

Күннэй Алексеева