Үгэс курдук ыытыллар » Икки сулус 2025″ күрэс быйыл дьиэ кэргэҥҥэ ананна.
Кэрэ киэһэ ыалдьыттарынан саха эстрадатын чаҕылхай артыыстара Арчылаана, Владислав Лукачевскай буоллулар.
Кэрэ эйгэ түһүлгэтигэр улууспут ырыа куттаах, тоҕус дьиэ дьэргэн дуэтынан ырыаларын бэлэх ууннулар, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар.
Быйылгы «Икки сулус 2025» кыттыылаахтара Светлана, Санаайа Евстафьевалар, Наталья Егорова, Эдита Антонова, Анна Старостина, Максим Слепцов, Федора Сергеева, Елена Заровняева, Ньургустаана, Ольга Ильиналар, Сентябрина, Анна Минеевалар, Светлана, Евгения Никифоровалар, Альбина Александра Сивцевалар уонна Ульяна Федотова, Иван Жирков кэрэ киэһэни киэргэттилэр.
3 ст Дипломунан Анна, Сентябрина Минеевалар,
2ст Дипломунан Ньургустаана, Ольга Ильиналар, 1 ст Дипломунан Альбина, Александра Сивцевалар.
3 ст Лауреат Анна Старостина, Максим Слепцов, 2 ст Лауреат Светлана, Евгения Никифоровалар, 1 ст.
Лауреат Наталья Егорова, Эдита Антонова,
Гран-при Светлана, Санаайа Евстафьевалар.
Елена Дьячковская хаартыскаҕа түһэриитэ