Олунньу ыйга күн уһаабыта билиннэ. Уһун кыһын хаһаайкалар, оҕуруотчуттар арассаада буорун бэлэмнээн, үүнээйилэрин олордор кэмнэрин күүтэллэр. Мэхээлэ Дьөгүөрэп аатынан Сынньалаҥ киинин иһинэн үлэлиир “Флора” түмсүү кыттыылаахтара сүбэлэрин-амаларын хаһаайкаларга биэрэллэр. Хас биирдии оҕуруотчут бэйэтэ сөбүлээн олордор үүнээйилээх, сибэккилээх буолар.
Бастакы ыалдьыппыт, уопуттаах оҕуруотчут Екатерина Филиппова буолар. Кини дьиэ кэргэнин кытта ураты көрүүлээх сэдэх үүнээйилэри олордор. Бу кэмнэргэ ыһыллар, кэрэ көстүүлээх эустома сибэккини хайдах үүннэриэххэ, харайыахха сөбүн туһунан билиһиннэрэр:
– Быйыл 5 сылбын эустома эбэтэр лизиантус диэн көрүөхтэн кэрэ сибэккини үүннэрэбин. Бу сибэкки олох эрдэ ахсынньы, тохсунньу ыйтан олортоххо бэһис, алтыс ыйыгар сибэккилиир. Эустома олус бытааннык үүнэр. Сибэккитэ кэрэ мөссүөнүн сүтэрбэккэ ыйы быһа турар. Биир уктан отуччаҕа тиийэ сибэкки тахсан, хараҕы сымнатар.
Тохсунньу ортотуттан олордон саҕалыыбын. Торфтан оҥоһуллубут анал таблеткаларга ыһар олус табыгастаах. Бастаан таблеткаларга итии ууну кутан үлүннэрэбин, ол кэнниттэн сылааһа сойо илигинэ сиэмэлэри биирдиилээн уурталыыбын. Сырдык, сылаас фитолаампалаах сиргэ хаппахтаан, эбэтэр салапаанынан сабан ууруллар. Бэһис, алтыс хонугунан тахсаллар. Үнүгэстэр быктылар да сабыыта тутатына арыллыбат. Бу кэмтэн эбии кальцийдаах удобрениены кутан аһатан саҕалыыбыт. Нэдиэлэ быысаһыннаран хатыланан аһатыллар.
Бу кэнниттэн “Циркон” диэн капсулалаах эбилик эбии кутуллар. Кини үүнээйи силиһин бөҕөргөтөр, туругун харыстыыр дьайыылаах. Ол курдук, 1 хаапыла циркону,1 ыстакаан ууга суурайан кутабыт. Ону тэҥэ “Эпин” диэн убаҕас капсулалаах эбилик кутуллар. Кини үүнэр күүһүн түргэтэтэр, салҕыы чэгиэн туругар көмөлөһөр, 0.5 ууга 2 хаапыланы суурайаҕын. Маны таһынан “НВ-101” эбилигинэн туһаныахха сөп, 10 л ууга 1мл. Суурайан кутуохха сөп, эбэтэр 1 л 1 хааппыланы. Бу силиһэ сайдарыгар олус туһалаах. Эустома аан бастаан силиһин күүскэ сайыннарар, ол кэнниттэн ситэри ситэр. Биир ый ааста да буорун эбэн биэрэҕин.
Таһырдьа сылыйдаҕына, ыам ыйын ортотуттан күүлэҕэ, теплицаҕа таһаарыахха сөп. Биһиги улууспут салгына тымныытынан, олох сылаас сайыҥҥа эрэ таһырдьа таһаараҕын.
Нина Сутакова