Соторутааҕыта Москуба куоракка Норуоттар икки ардыларынааҕы “World Beauty”диэн муода, кэрэ көстүү уонна талаан күрэһэ буолла. Бу күрэс иһинэн, “Мисс Мира”, “Мисс Азия”, уонна “Мисс Содружество” куоҥкурустар ыытылыннылар.
Биһиги биир дойдулаахпыт, Маҕарас кэрэ куота, биэс оҕолоох эдэр ийэ Виктория Султашова “Миссис Азия” куоҥкуруска кыттан, Гран-при хаһаайката буолан, Бүтүн Сахабыт сирин аатын көмүскээн кэллэ. Ол туһунан биһиги Викторияттан кылгастык сырдатарыгар көрдөстүбүт:
– Мин бу куоҥкуруска Миссис диэн категорияҕа, о.э. 30-тан үөһэ саастаах кэрэ куолар күрэстэригэр кытынным. Манна барыта 100-тэн тахса кыттааччы баар. Маннык таһымнаах күрэскэ кыттарга бастакы холонуум буолар. Биллэн туран, олус долгутуулаах уонна эппиэтинэстээх этэ. Казахстантан, Башкирияттан, Таджикистантан о.д.а. кыттааччылар бааллар этэ. Дойдубут үрдүнэн уустук балаһыанньа буола турарынан сибээстээн, бу фестиваль ассоциациятын быһаарыытынан, кыттааччылары СНГ уонна Европа сирдэрэ диэн араардылар. Бу күрэскэ кыайыылаах тахсаммын, кэлэр сыл тохсунньу ыйыгар Турция Стамбул куоратыгар буолар “Miss Universe” куоҥкуруска кыттар чиэһи ыллым.
– Виктория улахан кыайыыгынан эҕэрдэлиибит. Туох ыарахаттары көрүстүҥ?
– Ордук үп өттүгэр ыарахаттары көрүстүм. Хата, мин дьолбор, чэпчэтиилээх (субсидированнай) авиабилеттар атыыга тахсаннар, онон туһаммытым. Дизайнердарга таҥас тиктэриитигэр Сахабыт сиригэр суох матырыйааллары Москубаттан сакаастыырга уустуктары көрсүбүтүм. Ол эрэн, Гран-при буоламмын үөрүүм муҥура суох. Ханнык да түгэҥҥэ туохтан да толлубакка, бэйэҕэ эрэллээх буолуохха наада. Киһи хайаан даҕаны олоҕу кытта сайдан, үүнэн иһиэхтээн диэн бэлиэтиибин. Инники туруоруммут соругун ситиһэргэ дьулуһуохтаах.
– Туох санааттан кытынныҥ уонна күрэс хас түһүмэхтээх этэй?
– Маннык таһымнаах күрэстэр барыта III түһүмэхтээх буолаллар. Ол курдук, национальнай көстүүм, спортивнай уонна киэһээҥҥи былаачыйа. Дьүүллүүр сүбэ миигин саамай бастыҥ национальнай көстүүмнээх диэн бэлиэтээтэ, ону тэҥэ киэһээҥҥи былаачыйабын сэргии көрдүлэр, дизайнерга үрдүк сыанабылы биэрэн, дипломунан наҕараадалаатылар.
“Возраст непомеха”, “Нет предела к совершенству” диэн этиинэн салайтаран инним эрэ диэки барабын. Бэйэм түөрт кыыс оҕолоох буоламмын, ийэ киһи быһыытынан холобур буоларга дьулуһабын. Онон куоҥкурус хайдах быһыылаахтык ыытылларын көрдүм. Кыргыттарбын кэлин маннык таһымнаах куоҥкурустарга кытыннарар баҕалаахпын.
– Түгэнинэн туһанан махталгын кимиэхэ тиэрдиэҥ этэй?
– Миигин өйөөбүт уонна көмөлөспүт спонсордарбар махтанабын. Чуолаан, “Киэргэ” ювелирнай фирма генеральнай дириэктэригэр Александр Павловка, “Хотой” саха таҥаһын брендын дизайнерыгар Сүбэ Чэлгийэ Бэлэс Кыыһыгар, “PRO MODELS” төрүттээччитигэр Сардаа-на Порядинаҕа, “Таҥас”, “INNIKI” таҥас брендын дизайнерыгар Изабелла Дордосоваҕа уонна чугас дьоммор, биир дойдулаахтарбар барҕа махтал буолуохтун.
Бу курдук, биэс оҕолоох эдэр ийэ, туохтан да толлубакка, бэйэтин баҕатынан, кыаҕынан үрдүк таһымнаах куоҥкуруска кыттан, Гран-при буолбута олус кэрэхсэбиллээх. Кини ийэ киһи быһыытынан, оҕолоругар холобур буолар. Туруоруммут соругун толорорго дьулуһар. Викторияны үрдүк ситиһиигинэн өссө төгүл эҕэрдэлиибит. Инникитин даҕаны куруук ситиһии эрэ сиэттистин.
Вера Новикова.