Кулун-төрүөҕүттэн 6-7 диэри
Убаһа — 6-7 ыйыттан 1 сааһыгар диэри
Тый — 1-тэн 2 сааһыгар диэри
Эмньик тый — ийэтин эмэ сылдьар буоллаҕына, 1-тэн 2-гэр диэри
Тиҥэһэ — 2 сааһыттан 3-гэр диэри, атыыра — кытыылыыр соноҕос, тыһыта — тиҥэһэ кытыт
Кытыылыыр — 3-тэн 4-гэр тиийдэҕинэ, атыыра — кытыылыыр соноҕос, тыһыта — кытыылыыр кытыт
Түөртээх соноҕос — 4 сааһыттан үөһэ атыыра
Түөртээх кытыт — 4 сааһыттан үөһэ тыһыта
Атыыр соноҕос — 5 сааһыттан үөһэ атыыра
Биэстээх кытыт — 5 сааһыттан үөһэ тыһыта
Ат — 6 сааһыттан үөһэ аттаммыт сылгы
Биэ — 6 сааһыттан үөһэ тыһыта
Атыыр — 6 сааһыттан үөһэ үөрүн туппут сылгы
Кырдьаҕас ат — 14-15 сааһыттан үөһэ ат
Кырдьаҕас биэ — 14-15 сааһыттан үөһэ биэ
Кырдьаҕас атыыр — 14-15 сааһыттан үөһэ атыыр.
@silatrudagorny