Билигин бары уоскуйан, нус-хас олоххо киирдибит

Икки сыл анараа өттүгэр атырдьах ыйын 7  күнүгэр Бэс Күөлүгэр ыарахан ааҥнаан кэлбитэ. Бэс Күөлүн олохтоохторо ол кэми ахтан-санаан ааһаллар.

Валентина Яковлева, Бэс Күөлүн олохтооҕо:

– Икки сыл анараа өттүгэр айылҕа эмсэҕэлээһиниттэн судургута суох балаһыанньа үөскээбитэ. Дьон-сэргэ, салалта көмөлөһөн, үтүмэн үлэни ыытан, “Кэскил” түөлбэ олохтоохторо кыстыгы көрсө саҥа дьиэҕэ киирбиттэрэ. СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, улуус дьаһалтатыгар сүҥкэн үлэни ыыппыккытыгар махталбыт муҥура суох.

“Кэскил” түөлбэ олохтоохторо:

– Биһиги, олохтоохтор, ол баһаар буолбут күнүн хаһан да умнубаппыт. Дьиэбит-уоппут кыл түгэнигэр умайбыта. Ол ыарахан кэм барыбытын сомоҕолообута, бүтүн өрөспүүбүлүкэ ыарахан тургутууну ааһан, оннун булбута.

Маҥнайгы күнтэн ылата СӨ Бырабыыталыстыбата, Сахабыт сирин бары олохтоохторор күүс-көмө, өйөбүл-тирэх буолбуттара. Хас биирдиибит туһугар долгуйбуттара. Саҥа дьиэлэри тутан, «Кэскил» түөлбэҕэ олох саҥалыы салҕанар.

Мотрена Ефремова, В.Д.Лонгинов аатынан Атамай орто оскуолатын дириэктэрэ:

– Өй-санаа, доруобуйа өттүнэн бөҕөргөтүү үлэлэрэ күүскэ уонна ситимнээхтик

ыытыллыбыттара. Бастакы уочарат тутатына оҕолору атын тэриллиилээх тэрээһиннэргэ – лааҕырдарга, Бүтүн Россиятааҕы Артек, Орленок, Океан лааҕырдарыгар ыыппыттара улахан суолталаах буолбута. Манна, сүрүнэ, бэйэм учуутал-иитээччи, салайааччы буоларым быһыытынан эттэхпинэ, оҕо – дьиэ кэргэҥҥэ аймалҕан хартыынатын көрбөккө-билбэккэ, бэйэтин саастыылаахтарын кытта сэргэх эйгэҕэ барбыта буолар.

Билигин бары уоскуйан, нус-хас олоххо киирдибит. Кыра бөһүөлэкпитигэр икки улахан социальнай суолталаах объект: таас оскуола, элбэх хайысхалаах киин тутулла турар.

Дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит,  улууспут салалтатыгар улахан махтал буолуохтун. Күүстээх салалта — күүстээх тирэх!