Мёд оҥорор олус үлэлээх. Сахарнайдаах дьоҥҥо барбат. Туһата кыччыыр. Онон сибэккитин ылан тоҥорон кэбистэххэ туох да буолбат.
Бэйэтэ бэйэтинэн саһарчы тоҥон хаалар. Дьэ оннук гынан баран кыһыннары туттуохха сөп. Киэһэ итии ууга биир чааскыга 3-4 сибэккини уган хоннороҕут.
Тураат онтугутуттан омурдан иһэҕит уонна аһыаххыт иннинэ омурдан иһэ сылдьыҥ. Одуванчик наһаа туһалаах. Иммунитеткытын бөҕөргөтүөххүт, тумууга ылларымтыата суох буолуоххут. Ис хоойгутун ыраастыаҕа, шлаккытын организмҥыттан сайҕаан таһаарар, туруккутун тупсарарыгар наһаа туһалаах.
Саамай уһуна 21 күн иһэҕит онтон сынньанаҕыт. Эбэтэр 14 күн иһиэххэ сөп. Амтана үчүгэй, мед кутуоххутун сөп.
@silatrudagorny