– Аҕаа, истэҕин дуо, аҕаа. Уолгар, Мэхээлэҕэ, биллэрдим. Сиэҥҥиниин, Миилэлиин, онно бараахтыыр буоллугут. Мин… оттон… этэҥҥэ ааһар ини… – өр эрэйдээбит, тулутарын ааспыт ыарыыны – үөһүн тааһын ыллара ферма биир тутаах үлэһитэ Мааппа куорат балыыһатыгар киирэр буолла. Босхоҥ сытар аҕата эрэйдээхтэн тардыллан, барар кэмин уталыттар уталытан испитэ. Ыарыыта буоллаҕына бобо ыллар-ылан иһэр. Онон эмчиттэр кытаанах ыйыыларынан, күүстээх күһэйиилэринэн эмтэнэ киирэр буолан хаалла.
Күн бэҕэһээ быраас Орлова кытаанах-кытаанахтык ачыкы үрдүнэн көрөн олорон: “Сарсыҥҥы күнү ааспакка булгуччу… хойутуоххун сөп”, – диэбит дьарымталаах тыллара сытыытык кымньыылыыллар.
Охоноон оҕонньор орон-тэллэх киһитэ буолбута төгүрүк сыл буолла. Тэтиэнэх бэйэтиттэн ордон хаалбыта сыччах биир: дьиэ иһинээҕи эйгэни кытта ситимниир өйүн өссө ыһыкта илик. Саҥата бөлүөстэн киһи арааран өйдөөбөт. Хара охтуор диэри үлэ үлүскэнигэр мөхсүбүт, уопсай үлэҕэ-хамнаска орооһо, дьаһайса сылдьыбыт оҕонньор икки тылы ситимнээн этэр кыаҕа суох сытаахтыыр. Охоноон, кыыһа Мааппа олус баалатан эмтэнэ киирэрин, сиэнэ кыыстыын уолугар Мэхээлэҕэ көһөр буолбуттарын өйдөөтө.
Мэхээлэ, Михаил Афанасьевич, сопхуос киинигэр экономистыыр. Кэргэннээх. Соҕотох студент уоллаах. Солото суоҕар сигэнэн, бу икки ардыгар охсуллан да ааспат. Арай быһайын кэргэниниин биир өрөбүлгэ сир астыы кэлэ сырыттылар этэ дуу… Хам-түм Охоноонноох ыкса ыалларыгар, Ыстапаанаптарга эрийэр. Онуоха өрүү уларыйбат биир ыйытыылаах: “Оҕонньор хайдах сытар?”. Ол кэннэ суох.
Мааппа эрэйдээх дьонун улахан кыһалҕаттан ыытан эрээхтээтэҕэ. Кийиитин майгытын билэр. Онон бөрүкүтэ суох олоххо баран эрэр дьонун тэрийэ сылдьан улаханнык санааргыыр. Хаста даҕаны: “Ээ, кэбис, чэ, тохтоон эриэххэ”, – диэн уһуутаабытынан олоппоско ыараханнык олортуу сырытта. Булгу аккаастанар санаалары ылаттаата. Оннук биир түгэҥҥэ массыынанан куоракка киирэн иһэр бырааһа: “Суох, суох”, – дэппэккэ, түҥ-таҥ тутан, илдьэ киирбитэ…
***
Киһи сүрэҕэ чаалыйар, дьиэ сытын тупсарар убаҕаһынан ыстарбыт хоско Охоноон сытаахтыыр. Нэһиилэ тыынан бурдургуур эрэйдээх бу сыттан эбии иэдэйэр, тумнастан хаалыахтыы туймаарталыыр.
Миилэ таайын аахтан тэйиччи турар икки мэндиэмэннээх сопхуос киин уһаайбатын оскуолатыгар үөрэммитэ икки нэдиэлэ буолла. Урукку өттүгэр “тып” курдук үөрэммит кыысчаан манна үс төгүл “3”-һү ылла. Маннааҕы сэттистэр кинитээҕэр быдан улахаттар, сытыылар. Миилэ биир үксүн кыбыстан даҕаны толору эппиэти биэрбэккэ “өлөр”. Икки кыыс кинини бэйэлэригэр тарда, чугаһата сатыыллар. Киинэҕэ, концерка ыҥыраллар. Миилэ буоллаҕына мэлдьи солото суох. Бүтэһик уруоктарга бүргэс үрдүгэр олорордуу биир кэм өгдөҥнөс. Кини көмөтүгэр олус наадыйа сытар эһэтигэр тиэтэйэр. Таайа Михаил маҥнай көмөлөһүөх курдук гынан испитэ. Тахсан киирэрин кини дьаһайар этэ. Бардахтарын күн, бэл, Ксенья оҕонньору Михаилга өйөтөн олордон аһатааччы буолан аҕыалайдаммыта. Ыйыһыннарар бокуойа суох ньуоскалаах хааһыны биир кэм куду анньан, ону батыһыннара куруускалаах чэйи хара күүһүнэн хантаттаран сордообута. Оҕонньор чачайан, сөтөллөн баар аһын муннунан-айаҕынан таһаарбытыгар, Ксенья атаҕынан куоппута. Күүһэ-сэниэтэ эстибит оҕонньор сөтөллөн, ытырдан ол киэһэни быһа эрэйдэммитэ. Ити күнтэн бырастыы! Ксенья ырааҕынан тыкаарар. Михаил да эбээһинэһин элбэхтик умнар буолан барда.
Миилэ алта уруок кэнниттэн ыксал муҥунан тэбинэр. Эһэтэ мэлдьи да аһаабакка сытар буолаахтыыр. Хараҕын уота өһө өлбүт, барбах тыынан сурдургуур эһэтэ тугу эрэ этэ сатыыр. Хайыта куурбут уоһа хомуллаҥныыр. Кыысчаан куукунаҕа сүүрэн киирэн түбэһиэх чааскыга чэй кутан аҕалла. Өҕүллүбэт буола көһүйбүт эһэтин кыайан өндөппөккө эрэйдэннэ. Ойоҕолуу сытыаран көхсүн, сиһин имитэ имэрийдэ. Оргууй өйүү олордон орон туорайыгар баайыллыбыт кэтит быаны кэтэртэ. Олус утаппыт оҕонньор улахан-улаханнык ыйырдаары эмиэ чачайан муҥнанна. Кыысчаан эһэтин көхсүн таптайа, кыайарынан көмөлөһө сатыы олордо. Оҕонньор эрэйдээх эмиэ сыыҥ-сыраан буолан олордоҕуна, кийиит дьахтар түбэһэ кэллэ. Сирэйин мырдыҥнатта. Миилэ ый кэлтэкэтэ ойуулаах чааскыны тутан олорорун көрөөт, өлөрүнэн кэмнэннэ. “Дьэ, сордоох да баҕайылар буллулар, оттон! Өссө түбэһиэх иһиттэн аһаппыт буола-буола. Таҥаһы буортулуура аҕыйах диэн, уунан хадаҕалаатыҥ дуо?” – чааскыны эһэ тардан ылаат, куукунатыгар хохойдо. Кырааҥҥа сууйуохтуу туттан баран, тыастаахтык кирдээх биэдэрэҕэ элиттэ.
Миилэ олус хомойдо, хоргутта. Эһэтэ эрэйдээх аҕыйах сыллааҕыта дьүдьэх санныгар сүгэн-көтөҕөн туппут дьиэтин биир муннугун бас билэр бырааба суох атаҕастана сытаахтаатаҕа. Бэйэтин кэмигэр дьон сүгүрүйэр ытыктабыллаах кырдьаҕаһын киһи аатыттан таһааран эрдэҕэ кыһыытын! Бэҕэһээ эбии лапса сиэтэн эрдэҕинэ, Ксенья эмиэ хаһыытаабыта: “Таах сытар оҕонньору тоҕо мээнэ аһатаҕын?! Оттон тумнастарбытыгар тиийээри гынныбыт дии!” – эриллибит эттээх лапсаны бэркэ минньигэһиргээн сии олорор оҕонньор куолайын соҕотохто кытаанах хомуох бүөлүү аста. Кыысчаан иһитин уура сукуҥнаан иһэн, хаһыат ааҕа олорор таайыттан көмүскэл эрэйдэ. Сиигирбит уһун кыламаннарын аннынан “кылап-халап” көрөн аһарда. Анарааҥыта туох да буолбатаҕыныы сото кэбиһэн олорор. Саҥа хаһыаттары сыымайдыыр. Миилэ эһэтин өйөбүл быатыттан босхолоон, аа-дьуо иттэннэри түһэрдэ. Эһэтин аһынан, онуоха ийэтин ахтылҕана эбиллэн, дьарамай санна дьигиҥнии, саҥа таһаарбакка мунна сурдургуу олордо. Оҕонньор сууллубут тиит хаппыт лабаатын курдук дар уҥуох уһун харытынан сиэнин ааттыырдыы даҕайда. Дириҥник чөҥөрүспүт көмүскэлэрин оҥхойдоругар хаатыйаламмыт хараҕын уута итии сүүрээн буолан оҕо илиитигэр таммалаата. Кыысчаан онтон эбии иэдэйдэ.
Тойтоко курдук кыччаабыт сонун үрдүгэр түһээт, таһырдьа ыстанна. Сүүрүүнэн кэриэтэ нөҥүө уулуссаҕа баар почта диэки тэбиннэ. Улахан киһилии тоҥхох гынан дорооболоһоот, кабинаҕа киирдэ. Үгүс сыл ыаллыы иллээхтик олорбут Степановтарга эрийэн куугунатта.
– Чүөчэ Дуунньа-а, бу мин… Милабын.
– Ээ, Миилэ дуо? Хайа, тукаам, хайдах олордугут? Эһэҥ хайдаҕый? – диэтэ сааһырбыт дьахтар бүтэҥи куолаһа.
– Эһээ сытар… Ити… дьиэбит сылаас дуо?
– Ээ, оттобут, күҥҥэ биирдэ, – кыыс тоҕо ыйытарын өйдүү илик дьахтар эйэҕэстик эппиэттээтэ.
– Чүөчэ Дьуунньа, биһиги буоллаҕына, көрдөһөбүт: Дьуур сололоох буоллаҕына биһигини массыынатынан кэлэн ыллын, – үлэ чааһа бүтэн, почта үлэһитэ сонун кэтэ-кэтэ, кыыһы тиэтэтэрдии көрүтэлээтэ. – Биһиги дьиэбитигэр төннүөхпүтүн баҕарабыт.
– Тукаам, ол кэлэн хайдах олороохтуоххутуй? Ийэҥ ону сөбүлүө үһү дуо, таайыҥ даҕаны?..
– Һх, һх, – кыысчаан ытаан сыҥырҕаата. – Наһаа көрдөһөбүн. Эһээни мантан илдьиэхпин наада. Түргэнник. Киниэхэ манна олус ыарахан, – Миилэ туох баарынан ылыннара сатаата.
Дьуунньа оҕотун тэҥэ саныыр, хараҕын далыгар улааппыт сэрбэллибит олус өйдөөх кыысчаан ити көрдөһүүтүн өйдөөтө эрээри, бүтэйдии эрэнэ, итэҕэйэ күүтүөхтээх оҕоҕо туох эппиэти биэриэн булумуна тэпсэҥнээтэ.
Миилэ эппиэт күүтэ сатаата. Почта үлэһитэ ыксаан күлүүстэрин тыаһа кылыгыраата, үөһэ-аллара тыынна. Анарааттан Дьуунньа соччо быһаарыыта суох: “Чэ, тукаам, көрүөхпүт. Тугу эмэ тобула сатыахпыт”, – диир эппиэтэ иһилиннэ.
Этиргэн кылгас илиилэрин түһэҕэр ууран олорон Дьуунна санааҕа түстэ. “Ол иһин даҕаны. Мааппа сэрэйээхтиир этэ. Бээрэ, бээ… хайдах гыныах баҕайыный? – бэриэнньигин өрө тардынан көлөһүнүн сотунна. – Ити оҕо барахсан мээнэҕэ эрийбэт. Ытамньыйаахтыыр ээ. Котоку. Дьэ, үлүгэс да буолар эбит. Мааппа тааһын ыллаттардар эрэ, улаханнык уһуо суоҕун сөп ээ. Этэҥҥэ эрэ буоллар. Бээрэ, хайдах гыныах бэйэбитий? Дьуур кэллэҕинэ сүбэлэһэрбит дуу?, – Дьуунньа санааҕа түстэ.
Михаил Афанасьевич сарсыныгар, эмиэ үгэс курдук, үлэтиттэн хойутаан кэллэ. Кыараҕастык күрдьүллүбүт тэлгэһэтин иһиттэн буксуйа-буксуйа чигдини батарыта үктээн соторутааҕыта аҕай массыына тахсыбыт. Дьиэ иһэ уу-чуумпу. Михаил Афанасьевич хаҥас диэки иһиллиирдии кулгааҕын сэгэттэ. Аҕата оҕонньор дөрүн-дөрүн дириҥник ынчыктаан энэлийэрэ иһиллибэт. Тиийэн хос аанын тэлэйэ баттаата. Охоноон сыппыт ороно мас адарайынан көрөн турар. Хос кураанах эркиннэриттэн эппиэт эрэйбиттии, киһи тула олоотоото. Уу-чуумпу. Арай остуолга оҕо буочарынан суруллубут лоскуй кумааҕы сытар:
“Таай Михаил, биһиги бардыбыт. Тоҕо барбыппытын билэҕин. Эһээ эрэйдээҕи наһаа аһынабын. Киниэхэ манна олороро куһаҕан.
Чэ, үчүгэйдик олоруҥ. Покаларыҥ.
Мила, 4 чаас”.
Михаил Афанасьевич суругу туппутунан өр умса туттан олордо. Көрсүөх-харайсыах буолан эрэннэрбит иэһин толорботоҕуттан кэмсинэн дуу, хаҕыс сыһыанынан кыйдаталаабыт Ксеньяҕа кыыһыран дуу, тас таҥаһын саалаҕа түбэһиэх элитээт, төбөтүн хам туттубутунан киэҥ софаҕа тыастаахтык батары түстэ. Онтон сутуругунан туорай маһы күүскэ охсоот, умса түһэн кэбистэ. Эт булгунньах буолан ити түөллэ сытар. Чэ, сыттын. Эн биһиги даҕаны манна уһаамыах. Саҥа сэрбэллэ быкпыт уйаҕас дууһалаах Миилэ кыысчаан курдук бу дьиэ аанын сабыах…
Анна Варламова-Айысхаана.
“Күн бэлэҕэ” кинигэттэн. 1995 с.