Буойун Герасим Дьяконов ыччаттарыттан ким эмэ Герасимов диэн араспаанньаланыан баҕарарын эппитэ

«Күүстээх Өлөксөй» кинигэни ааҕан баран миигиттэн биир билэр киһим ыйытан турар.
Өлөксөй аҕата Герасим тоҕо ыччаттарын араспаанньатын уларыттарыан баҕарбытай ?

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр геройдуу охтубут буойун Герасим Николаевич Дьяконов кэргэнигэр суругуттан:

-Мин барарбар Алексей 5 сыл 9 ыйдаах, 1,1 метр үрдүктээх, Иван 1 сыл 10 ыйдаах, 0,77 метр үрдүктээх хаалла… Оҕолор хаартыһыт, арыгыһыт, киһиргэс буолалларын бопсоор.

Кыаллар буоллаҕына үөрэттэрээр.

 

Кэнники олох көннөҕүнэ, уонунан сылга олордоххуна, оҕолор Герасимов диэн фамилиялаах буолалларын олохтоор уонна мин төрөөбүт дойдубар олохсуйалларын ситиһээр.

Эн саҥа киһиэхэ кыһалҕаҕын кэпсээн, «огдооболуу» кэпсэтэн, биллэр сурахтаах киһиэхэ бараар.

Аахтыгыт, оҕолор араспаанньалара Герасимов буолуон баҕарарын кэриэс курдук эттэ. Дьэ, тоҕо?

Ол төрүөттээх. Кини бэйэтин аҕа ууһугар үөрэхтээх, киэҥ билиилээх — көрүүлээх этэ.

Дьаакынаптар аҕа ууһугар Ыраахтааҕылаах Россия саҕана, араспаанньаны уларытыы баарын истэрэ- билэрэ. Холобура, Сиинэҕэ көһүөхтэрин иннинэ, Дьаакынаптар бары Солоҕон Силээнигэр олорбуттара.

Онно олорон Дьаакып диэн киһиттэн тарҕаммыт, кини аатын араспаанньа оҥостуммут Дьаакынаптарга араспаанньа уларыйыыта баара.

Холобура, Андрей Дьаакынаптан Андреевтар, Захар Дьаакынаптан Захаровтар, Михаил Дьаакынаптан Михайловтар, Прохор Дьаакынаптан Прохоровтар, Платон Дьаакынаптан Платоновтар, Осип Дьаакынаптан Осиповтар тарҕаммыттар.

Ону төрүччү оҥорорбор барыларын архыып докумуоннарынан дакаастаан турабын. Хаһыакка тахсыбыта.

Атын да аҕа ууһугар ити сир ахсын тэнийбит.

Билигин төрүччүлэрин оҥорор Васильевтарбыт биир оннук. Павел Терентьевтан Павловтар, кини Василий диэн уолуттан Васильевтар тарҕаммыттар. Билигин тус — туспа араспаанньалаах курдуктар. Дьиҥэ төрдүлэрэ биир эрээри.

Онон Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Г.Н.Дьяконов ыччаттарыттан хойутун — хойут, биир эмэ уол араспаанньатын Герасимов диэн уларыттаҕына, мин соһуйуом суоҕа.

Бүгүҥҥү күҥҥэ сыһыаннаах ҮЙЭЛЭЭХ ӨЙДӨБҮННЬҮК, кэриэс туолуутун курдук саныахха сөп.

Оттон ити буойун «Герасимов диэн мин ааппынан араспаанньаланан, миигин, Эһиги сырдык олоххут иһин кыргыспыт аҕаҕытын, эһэҕитин, өрүү тыыннааҕым курдук саныы сылдьаарыҥ!» диэбитэ олус дириҥ суолталаах.

Сорох Дьаакынаптартан араспаанньалара уларыйбыттарын билигин да итэҕэйэ иликтэргэ, бу Герасим кэриэһэ элбэҕи толкуйдатыан сөп…

Василий Алексеев