Арыгы иһэн, итирик туруктаах сылдьан…

Ыарахан уонна ураты ыарахан буруйдары аҕыйатар уонна сэрэтэр туһуттан, эрдэттэн превентивнай састааптаах буруйу оҥорууну сэрэтии уонна буруйу арыйыы үлэтин сөптөөхтүк тэрийии улахан оруоллаах.

Превентивнай характердаах буруйдар диэн дьиэҕэ-уокка буолбут түбэлтэлэр, ол курдук кырбааһын (РФ ХК 116 ыст.), доруобуйаҕа чэпчэки көрүҥнээх эмсэҕэлээһини оҥоруу (РФ ХК 115 ыст.), доруобуйаҕа орто кээмэйдээх эмсэҕэлээһини оҥоруу (РФ ХК 112 ыст.), ону таһынан өлөрүүнэн эбэтэр доруобуйаҕа ыарахан эчэйиини оҥоруунан куттааһын (РФ ХК 119 ыст.) киирсэллэр.

РФ Холуобунай кодексынан үөһэ этиллибит буруйдары оҥоруу иһин, 2 сылтан 5 сылга диэри көҥүлү быһыы көрүллэр.

Буруйу эрдэттэн сэрэтии уонна буруйдаах киһини эппиэтинэскэ тардыы, инникитин улахан буруйдары, ол эбэтэр өлөрүүнү (РФ ХК 105 ыст.), доруобуйаҕа соруйан ыарахан эмсэҕэлээһини, ону таһынан сэрэҕэ суохтан өлөрүүгэ тиэрдиини (РФ ХК 111 ыст.) сэрэтэр.

Дьиэ кэргэн иһигэр оҥоһуллар буруйдар тахса тураллар. Бу буруйдар саамай тарҕаммыт уонна социальнай өттүнэн кутталлаах агрессия көрүҥэр киирсэллэр. Онон дьиэҕэ-уокка тахсар, тус бэйэ утары буруйдар күннээҕи олох кыһалҕатынан буолаллар. Ону утары охсуһарга, быраабы харыстыыр уорганнар үлэни ыыталларын тэҥэ, уопсастыба барыта болҕомтотун уурара наада. Тоҕо диэтэххэ,  киһи саамай сыаналааҕар – олоҕор, доруобуйатыгар суоһууллар.

Биллэрин курдук оҥоһуллар буруйдар үксүлэрэ арыгы иһэн, итирик туруктаах сылдьан оҥоһуллаллар. Холобур, бу сылга Бэрдьигэстээххэ биир дьиэ кыбартыыратыгар аһыы утах иһиитин кэмигэр “И” уонна “С” икки ардыларыгар тыл тылга киирсибэккэлэр этиһии саҕаламмыт. Этиһии кэмигэр “С” быдьар тылларынан үөхсүбүт, иккиэн ойон турбуттар, таҥастарыттан харбыаласпыттар, үтүөлэспиттэр. “С” киһитин дьыбааҥҥа суулларан түһэрбит уонна уоскуйарыгар көрдөспүт. Ол кэннэ “И” кыһыйан-абаран соруйан, чэпчэки көрүҥнээх эт-хаан эчэтэр хос санаа үөскээбит. Ол түмүгэр “И” остуолга сытар кыра быһаҕы ылбыт уонна атын хос диэки баран эрэр “С” кэнниттэн кэлэн, биирдэ быһаҕынан анньыбыт. Эчэтии түмүгэр “С” доруобуйаҕа чэпчэки көрүҥнээх эмсэҕэлээһини ылбыт. Ол түмүгэр холуобунай дьыала тэриллэн, Горнайдааҕы мировой суукка көрүллүбүтэ.

Ол курдук, Горнайдааҕы полиция отделениетыгар бу сылга алта ый түмүгүнэн превентивнай характердаах буруйдартан 12 холуобунай дьыала тэриллэн, буруйдаахтар бары эппиэтинэскэ тардыллан, сөптөөх миэрэ ылылынна (2023 с. алта ый түмүгүнэн 10 дьыала, 2022 с. – 10 дьыала).

Өскөтүн эһиэхэ, бэйэҕитигэр, билэр, билэр дьоҥҥутугар ыарахан буруйдар тахсыбаттарын туһугар кырбааһын, өлөрүүнэн куттааһын, эчэйии туһунан чахчылары полицияҕа тута биллэрэргитигэр ыҥырабыт. Эрдэттэн буруйу сэрэтии – элбэх олоҕу быыһыан сөп.

РФ ИДьМ Горнайдааҕы полиция отделениетын дознание группата