Москубаҕа Белоруссия спортсменнара кыттыылаах Бүтүн Россиятааҕы «Буулдьанан ытыыга эдэрдэр лигаларын» күрэхтэһиитэ буола турар.
Хамаанданан ытыыга ПП-180 упражнениеҕа өрөспүүбүлүкэ бэргэн ытааччылара Сунтаартан Виктория Ераскумова, Горнайтан Елена Никифорова, Александра Мамаева кыһыл көмүс мэтээли ылары ситистилэр. Биһиги кыргыттарбытыгар Бэрдьигэстээххэ Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир спортивнай оскуола тренерэ Марк Никифоров сүбэ-ама биэрэр.
Өрөспүүбүлүкэ спортсменнарын аатыгар Саха сирин гимнэ дуорааннаахтык ылланна.
Вячеслав Алексеев