Бу күнү 1961 с. Аан дойду бүтүннүүтэ уруйдуу-айхаллыы, сөҕө-махтайа иһиттэҕэ. Буолумуна, дьон аймахтан бастакы бэрэстэбиитэл космос куйаарыгар таҕыстаҕа. Онтон бу ураты күҥҥэ сахалартан эмиэ Байконурга биир уолан, Юрий Гагарин космоска көтөрүн көрбүт, ону ааһан быһаччы кыттыыны ылсыбыт.
Горнай улууһугар 1965 с. бэһис киһинэн космоска көппүт космонавт-летчик, Сэбиэскэй Сойуус Геройа Валерий Быковскай ыалдьыттыы кэлэ сылдьыбытын туһунан хаһыаттарга, араадьыйаҕа элбэхтэ кэпсэммитин билигин архыыптан булан, ааҕан билиэхпитин сөп. Ону тэҥэ космонавт ураты сырыытын туһунан олохтоохтор уос номоҕо оҥостон ,билиҥҥээҥҥэ диэри кэпсэл гынан илдьэ сылдьаллар.
Онтон маннык улахан ыалдьыт кэлиитигэр эрдэтинэ тэристии үлэтэ ыытыллыбытын туһунан аҕыйах, тустаах дьоннор эрэ билэн эрдэхтэрэ. Улахан ыалдьыт кэлиитин араадьыйанан быһа биэриигэ иһитиннэриэхтээхтэр эбит. Оччолорго, аныгы тиэхиньикэлэр саҥа үөдьүйэн эрэр кэмнэрэ буолан, идэлээх киһини Мэҥэ Хаҥаластан соторутааҕыта аармыйаттан кэлбит электромеханик идэлээх Алексей Пестерев диэн уолу командировкаҕа ыыталлар. Бэрдьигэстээхтэн космонавт Валерий Быковскай кэлиэхтээх сиригэр Солоҕоҥҥо айаннаабыттар.
Ол туһунан, «Горнайга сибээс сайдыыта» диэн кинигэҕэ «Солоҕон нэһилиэгэр космонавт Быковскайы көрсө тахсыбыттар. Радиотрансляция оҥоро мантан ардаҕы аннынан массыынанан барбыттара. Алексей Егорович Майаттан командировкаланан кэлэн барбыта» диэн ахтыллар.
Эмиэ бу кинигэҕэ Алексей аармыйаҕа сылдьан «Бастакы космонавт Гагарины көтүтүүгэ Байконурга …связист быһыытынан быһаччы кыттыыны ылбыта» диэн суруллубут.
Идэтин толору баһылаабыт, бу салааҕа уһулуччу билиилээх, мындыр техник буолан, маннык эппиэтинэстээх бырайыакка сылдьыстаҕа диэн киэн тутта саныыгын. Ол да иһин кинини Сэбиэскэй Сойуус Геройа Валерий Быковскай Горнайга кэлиитигэр ыҥырдахтара буоллаҕа. Космонавт кэргэнинээн Солоҕоҥҥо олохтоохтору көрсөллөр. Чыраҕа тыыннаах табаны илэ хараҕынан көрөн, имэрийэн-томоруйан дуоһуйан бараллар.
Аҕыйах кэминэн Алексей Бэрдьигэстээххэ кэлэн, ЛТЦ-га электромеханигынан үлэлии киирэр. Эдэр киһи почтаҕа үлэлиир Шура диэн кыыһы кытта билсэр. 1967 с. ыал буолаллар. Икки уол, биир кыыс оҕолоноллор. Күтүөт киһи Алексей бэйэтэ Амма Эмиһиттэн төрүттээх. Кини сэрии тулаайаҕа эбит. Аҕата Егор Пестерев Ленинград куораты көмүскүүр иһин кыргыһыыга охтубут. Алексей Егорович Горнайга үлэлии кэлиэҕиттэн радиоузеллары, приемниктары, радиостанциялары, дизеллэри билэринэн оччотооҕу үлэһиттэри сөхтөрөрүн, үлэтигэр кытаанах ирдэбиллээҕин, киһи быһыытын олус сымнаҕас майгылааҕа диэн бэлиэтииллэр.
«Весной и осенью проверялось линейное хозяйство цеха. Пешком и на конях монтеры обходили все линейное хозяйство. Однажды мне довелось пройти от Орто Сурта до Бердигестяха с Пестеревым А.Е. Опытный электромеханик хорошо знал состояние линейного хозяйства, поделился богатым опытом. За неделю мы прошли десятки километров и линию к эксплуатацию до следующего периода», – диэн сибээс үлэһитин бэтэрээнэ Николай Борисов махтана ахтар.
Алексей Егорович 1980 с. үлэлии сылдьан эмискэ ыалдьан өлөр .Үс оҕолоох ийэ огдообо хаалар. Аҕаларын тиһэх суолугар атааралларыгар биир дьикти түгэн буолут. Ол туһунан уола Михаил Пестерев маннык этэр:
– Үһүс кылааһы бүтэрэр сайыммар аҕам суох буолбута. Кылабыыһаҕа турдахпытына эмискэ байыаннайдар баар буола түстүлэр. УАЗ-тентовай массыынанан толору байыаннай таҥастаах дьон тахсан салгыҥҥа хаста да салют ыттылар уонна ол кэннэ ийэбэр кэмбиэрдээх суругу, ытыллыбыт ботурон гильзаларын туттардылар. Туох дьонноро кэлэн, мээнэ ытыалаан бардылар диэн биһиги оҕолор соһуйан куттаныы бөҕө буоллубут. Ийэбит ылбыт суругу кистээн кэбиспитэ, биһиэхэ көрдөрбөтөҕө. Кэлин билбиппит уолаттары байыаннай идэни талар түгэннэригэр көмөлөһүөх, үөрэттэриэх буолбуттар эбит.
Космос куйаарыгар көтүү бу киһи аймах историятыгар хаһан да буолбатах улахан хардыы. Маннык кэмҥэ биир быһыыга сылдьыбыт дьон, чахчы, бэйэлэрин икки ардыларыгар ытыктабыллаах сыһыаннара тиһэҕэр диэри хааларын билэн сөҕөҕүн. Байыаннай устаапка «Отдание воинских почестей при погребении» диэн ыйаахха «Воинские почести отдаются при погребении: погибших при защите Отечества; военнослужащих, погибших в период прохождения военной службы или умерших в этот период в результате увечья, … а также граждан, имевших особые заслуги перед государством» диэн суруллубут. Манан көрдөххө, чахчы, дойду иннигэр үтүөлээх киһини тиһэх суолугар итинник атаараллар эбит.
Алексей Пестерев кэргэнэ Александра Михайловна 30 сыл почтаҕа оператордаабыт. Кинилэр ыал буолан, уонтан тахса сыл өйдөһөн-өйөһөн бииргэ олорбуттар. Оҕолоро Павел өр кэмҥэ үтүө суобастаахтык тырахтарыыстаан, билигин биэнсийэҕэ олорор, Михаил аҕатын туйаҕын хатаран, Бэрдьигэстээхтээҕи РЭС-ка 4-с разрядтаах электромонтерунан үлэлиир, кыыһа Татьяна Афанасий Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар секретардыыр. Кини олорбут олоҕун ыччаттара салгыыллар, үтүө аатын үрдүктүк туталлар.
Итинник сэмэй эрээри, дойдуларыгар, үлэлэригэр эҥкилэ суох бэриниилээх дьон биһиги ортобутугар олорон ааспыттарын билэн киэн тутта, махтайа саныыгын.
Василий Тимофеев
М.Е.Тимофеев аатынан Бэрдьигэстээхтээхтээҕи кыраайы үөрэтэр музей