Кулун тутар 15,16,17 күннэригэр Дойдубут Президенин талар быыбарга Горнай улууһун олохтоохторо көхтөөхтүк кытыннылар. Улахан быыбардарга дьоммут кыттыытын ахсаанынан өрөспүүбүлүкэҕэ 85,79 % көрдөрөн, төрдүс миэстэҕэ таҕыстыбыт.
Улуус алта нэһилиэгэр Октябрьскайга, Атамайга, Маҥаныга, Маалтааныга, Одунуга, Солоҕоҥҥо дьон 100 бырыһыан куоластаата. Владимир Путиҥҥа-5311 (91,24 %), Николай Харитоновка -217 (3,73%), Владислав Даванковка-188 (3,23%), Леонид Слуцкийга — 53 (0,91%) быыбардааччы куоластаата.
Быйыл быыбар олус көхтөөхтүк барбытын дьон барыта бэлиэтиир.
Онно олоҕуран, урукку быыбардары көрдүбүт. Онтон инники сыллардааҕы быыбары кытта тэҥнээн көрдөххө дьон санаата төһө уларыйар эбитий? «Үлэ күүһэ» архыыбын ылан көрүөххэ.
Бу кулун тутар 29 күнүнээҕи 25 нүөмэригэр 2000 с бэчээттэммит:
Салгыы кулун тутар 17 күнүнээҕи 25 нүөмэригэр 2004 с:
Кулун тутар 7 күнүнээҕи 20-21 нүөмэрдэргэ 2012 с. тахсыбыт:
Кулун тутар 21 күнүнээҕи 22 нүөмэригэр 2018 с.:
Таблицалары тэҥнээн көрдөххө, олохпут сайдан, дьон-сэргэ олоҕо тупсан, Дойдубут Президенигэр эрэнэллэрэ, итэҕэйэллэрэ сыллата эбиллэр, күүһүрэр. Бу курдук бары түмсүүлээхтик сайдыы суолунан инники күөҥҥэ сылдьыахха, олохпутун бииргэ түстүөххэ.
«Үлэ күүһэ»