Чиэһинэйэ суох киһи суруналыыс буолбат

Бэчээт күнүн көрсө Солоҕон нэһилиэгин элбэх оҕолоох ыалын Туяра, Андрей Павловтар уоллара Айтал Павлов бэчээт эйгэтигэр ситиһиилэрин иһин Ил Түмэн стипендиятын ылары ситистэ, биир дойдулаахтарын олус долгутта, эҕэрдэлэрин тутта.

Солоҕоҥҥо 2024 сыл Ыччат сылынан биллэриллибитэ. Былырыын Үлэ сылынан «Туругур, үлэ киһитэ!» рубрикам холобурунан, быйыл нэһилиэгим ситиһиилээх ыччатын кытта интервьюлары рубрикалаан таһаарарга сананным.

-Ханна үөрэнэҕин, хаһыс куурускун?

-Мин билигин М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр институт “Саха литературатын” хаапыдыратыгар 4 кууруска үөрэнэбин. Бөлөҕүм аата С-ЛТ-20 диэн, ол эбэтэр литературнай үлэһит хайысхатыгар үөрэнэбин. Үөрэнэрим өссө да уһун кэм хаалла диэххэ сөп. Специалитет буолан, 5 сыллаах.

-Суруналыыс буоларга хаһааҥҥыттан санаммыккыный?

-Мин субу суруналыыс буолар санаам суох этэ. Билигин даҕаны ким буолуоххун баҕараҕыный диэн ыйыттахтарына билбэппин эрэ диир кыахтаахпын. Ол эрэн, биллэн турар билигин үөрэнэ сылдьар хайысхабын сөбүлүүбүн. Онтон суруналыыстыкаҕа хайдах эрэ соһуччу уонна эмискэ кэлбит курдукпун. Иккис кууруска үөрэнэ сылдьан ГТРК “Саха” хампаанньаҕа корреспондент көрдүүллэрин истэммин тиийбитим. Ол саҕана коронавирустан сылтаан кэтэхтэн (дистанционно) үөрэнэ сылдьыбыппыт. Мин куоракка профсоюһунан, уопсастыбаннай үлэнэн дьарыгырарым. Сэниэ да кыах да баар курдук буолан өссө эбии үлэлииргэ санаммытым. Аан бастаан кэлэммин муммут кус оҕотун курдук сылдьыбытым. Ый аҥаара курдук босхо үлэлии сылдьыбытым. Ол кэннэ ГПХ дуогабарынан ылбыттара. Хамнас диэн быычыкайык этэ. Ол эрэн, бу үлэҕэ интэриэс үөскээн, син туох эрэ сатаныах быһыылаах диэн сылдьыбытым. Онтон 7-8 ый буолан баран дьэ штатка киирбитим. Бэйэбин суруналыыспын дэммэппин. Суруналыыс диэн олус күүстээх өйдөбүл. Мин корреспондент буоллаҕым ди. Тугу көрбүппүн, устубуппун кэпсиибин.

-Идэҕин өссө дириҥник, сатабыллаахтык баһылыыргар эйиэхэ ким холобур буоларый?

Холобур диэн субу этэр кыаҕым суох быһыылаах. Ол эрэн, хас биирдии киһи тулалыыр эйгэтиттэн тутулуктаах. Бастакы учууталтан саҕалаан билигин үөрэтэ сылдьааччылар оруоллара улахан бөҕө буоллаҕа. Саамай сүрүнэ хас биирдии киһи бэйэтигэр сөп түбэһэр эйгэни олохтуохтаах. Тулалыыр дьон эн санааҕын, кыаххын, дьоҕургун биллэринэн-биллибэтинэн арыйаллар, онно төһүү күүс буолаллар. Эн бу идэҕэр төһө бэркэ арыллан, сатабыллаахтык үлэлиирин кэлэптиипкиттэн быһаччы тутулуктаах. Миэхэ ол баар. шеф-редактор, атын корреспонденнар, салалта барыта уурбут-туппут курдук. Киһи үлэлииригэр сөптөөх усулуобуйа баар сириттэн үлэбин саҕалаатым дии саныыбын.

-Эн санааҕар суруналыыс ханнык сүрүн хаачыстыбалаах буолуохтааҕый?

-Тулуур, түргэн толкуй, санаа күүһэ уонна чиэһинэй. Тулуурдаах эрэ киһи бу эйгэҕэ үлэлиир кыахтаах. Корреспондент үлэтэ диэн сүрдээх ыарахан. Хаһан даҕаны “Һуу, бүгүҥҥү үлэ бүттэ” диир кыаҕын суох. Биир бүтэ да илигинэ иккис тиэмэҕэ үлэлээн бараҕын. Ол курдук, олох тохтобула суох үлэ. Хас биирдии корреспондент үлэтин былаанныыр эрэ буоллаҕына сатанан үлэлиир кыахтаах. Телевиденияҕа биир нэдиэлэни өтө көрөн былааннанаҕын. Ол эрэн, биллэн турар ол барыта туолбат. Киһи үөйбэтэх өттүттэн араас кыһалҕалар, мэһэйдэр үөскүү тураллар. Кыыһырымтаҕай киһи бу үлэҕэ кыайан үлэлээбэт. Арыт-ардыгар үнтү хаһыытан баран туран баран хаалыаххын баҕараҕын. Туох да сатаммат кэмнэрэ (выгорание) диэн элбэхтэ кэлэр. Түргэн толкуйдаах буоллаххына тиэмэҕин өйдөөн матырыйаалгын түргэнник туттараҕын. Чиэһинэйэ суох киһи суруналыыс буолбат. Хамаандаҕа үлэлиири сатыаххын наада. ТВ үлэтэ хамаанда үлэтэ. Дьону кытта үчүгэйдик кэпсэтиэххэ, уопсай тылы булуохха наада. Суруналыыс араас ведомстволары, министиэристибэлэри кытары ыкса үлэлиир, араас дуоһунастаах дьону кытары кэпсэтэр.

— Инникигэ былааннарыҥ? Ханнык чыпчааллары дабайарга бэлэмнэнэҕин?

Оннук улахан ситиһиилэри эккирэппэппин. Ол эрэн, бу 2022 уонна 2023 сыл үтүө түмүктээх буоллулар. Суруналыыстар сойуустарын премията уонна Ил Түмэн стипендията үрдүкү наҕараада. Хас биирдии киһи бэйэтин дьыалатын, үлэтин сөпкө толордоҕуна сыанабыл кэлэр дии саныыбын.

-Бэчээт күнүнэн уонна Афанасий Илларионов аатынан Ил Түмэн стипендиятын ылбыккынан биир дойдулаахтарыҥ аатыттан эҕэрдэлиибин! Үүммүт сылга суруналыыс идэтин талаары сылдьар оҕолорго уонна биир дойдулаахтаргар тугу баҕарыаҥ этэй?

Эҕэрдэҕит иһин барыгытыгар улахан махтал! Суруналыыс идэтэ сүрдээх интэриэһинэй, чаҕылхай уонна тэтимнээх диэххэ сөп. Өрүүтүн дьон быыһыгар сылдьаҕын. Өрөбүл күннэргэ олох дьиэ иһигэр саҥата суох сытыаххын баҕараҕын. Дьон мустар сириттэн куота сатыыр буолар эбиккин. Суруналыыс үлэтэ сүрдээх сылаалаах. Хас күн асхын куорат иһинэн айанныыгын, сотору-сотору улуустарга сылдьаҕын. Бу барыта сүрдээх интэриэһинэй буоллаҕа ди. Билигин университекка сахалыы суруналыыстыка диэн хайысха суох. Ол эрэн, бу мин үөрэнэ сылдьар хайысхам суруналыыстыкаҕа чугас. Онон билигин үлэлии сылдьар дьон үгүстэрэ онтон тахсыбыттара. Үчүгэй суруналыыс икки тылынан суруйар буолара ордук. Сахабыт сиригэр баар редакциялар үгүстэрэ 2 блоктаахтар: нууччалыы уонна сахалыы. Онон сөбүлүүр идэҕэр киириэххин баҕарар буоллаххына үчүгэй база баар буолара ордук, уонна саамай сүрүн иннин диэки баран иһиэхтээххин.

Махтал! Дьоллоох киһи идэтигэр кэмигэр сөпкө тайанар. Сатабыллаах үлэһит, профессионал буола улаат, сайын диэн алгыс тылын аныыбын.

Мария Павлова кэпсэттэ