Урбаанньыт Алена Михайлова «Кэрэ» рубрикатыгар “Дьиэҕэ салонтан итэҕэһэ суох хайдах SPA-ланыы туһунан сиһилии сырдатыаҕа.
- Баанньыкка сууммут саҕа курдук дьайыылаах эти кураанахтыы ыраастааһын диэн ньыма баар. Манна туһаныллар натуральнай түүттэн оҥоһуллубут эт щетката. Итинник щеткалар икки көрүҥҥэ арахсаллар. Уопсай сымнаҕас уонна антицеллюлитнай кытаанах түүлээх диэҥҥэ. Сымнаҕаһын кабан арҕаһын түүтүттэн оҥорон таһаараллар, кытаанах антицеллюлитнай щетканы кактус иннэлэриттэн оҥороллор. Иккиэннэрин дьүөрэлээн туттар үчүгэй, сыа мустар целлюлит тахсар сирдэрин – кытаанаҕынан аалан, онтон атынын – сымнаҕас щетканан. Атахтан илииттэн саҕалаан, аллараттан үөһэ тахсан кураанахтыы щетканан массажтыыбыт. Бу кэмҥэ тириибит өлбүт клеткалара барыта үчүгэйдик хоннон түһэллэр, хааммыт эргиирэ түргэтээн, эппит-сииммит күүскэ үлэлээн барыта саҥардыллан, тупсан киирэн барар. Наһаа күүскэ аалартан туттунабыт, киһи киһи тириитэ араас буолар, кэтэнэн көрөн барытын оҥоруҥ. Дьэ, бу кэннэ сылаас ууга кыра сымнаҕас мыылаттан расствор кутан бараҥҥыт (эбии эфирнай уоскутар арыы таммалатыаххытын син, эбэтэр ынах үүтүн ууга кутан), сымнаҕас таҥаһынан соттоҕут (обтирание). Щетка хаҕылаан таһаарбыт клеткатын барытын үстэ хаста эргитэн соттон баран, ыраастаан кэбиһэбит. Бүтэн баран туох эмит сымнатар арыынан эбэтэр лосьонунан эккитин соттуоххутун син. Сарсыарда баанньыкка сылдьыбыт киһи курдук саҥардыллан уһуктуоххут.
- Сирэйгэ араас мааска оҥостуох иннинэ итии уунан сымнатар туһалаах. Туттар мааскаларгыт дьайыытын үс төгүл күүһүрдэн биэриэ. Сирэй соттору итии уунан илитэн баран, кыратык сойбутун кэннэ уонча мүнүүтэ сирэйгэ бүөлүү ууруллар. Ол бириэмэҕэ тириигит клеткалара арыллан маасканы күүскэ ылынарга бэлэмнэнэр. Ханнык баҕар маасканы дьиэ иһигэр элбэх уута суох оҥостуохха син. Маасканы сирэйтэн сууйарга анал үчүгэй баҕайы губкалар баар буолаллар.
- Маастарга тиийэн педикюр оҥорторор кыах суох буолар түгэнигэр, биирдэ туттуллар педикюрнай наскы диэни туһанар үчүгэй ньыма баар. Бу салаппаан наскы иһигэр анал суурадаһын баар буолар. Кини көрүҥүттэн тутулуктанан 40 мүнүүтэттэн 1 чааска диэри кэтиллэр СПА наскы буолар. Суруллубут бириэмэтинэн тута түһэн баран, көннөрү онон-манан эбии аалыммакка, көннөрү сайҕанан кэбиһэҕит. Дьэ ол кэннэ, 7 күн иһинэн, эргэ тириигит барыта сымнаҕас баҕайытык хаҕыланан түһэн хаалар. Тилэххит тириитэ оҕо киэнин курдук буолар. Бу ньыманы икки ыйга биирдэ хатылыы сырыттахха, тилэх хайыта барара, хатара барыта тохтуур, тыҥырах грибогун кытары эмтиир. Бу маннык наскы атыыланар сыаната даҕаны удамыр буолааччы.
Бу судургу сүбэлэрбин күннээҕи бэйэни көрүнүүгүтүгэр киллэрэҥҥит тускутугар туһаныҥ. Өрүү кэрэ уонна чэгиэн буолуҥ, үөрэ-көтө сылдьыҥ!