Петровтар дьиэ кэргэн күн-күбэй ийэлэрэ, эбээлэрэ, «Флора» түмсүү кыттыылааҕа Марфа Петрова дьиэтээҕи араас дьэрэкээн сибэккилэри үүннэрэр. Кини сибэккини сөпкө көрүүгэ-харайыыга маннык сүбэлэри биэрэр:
Бегонияны сиэмэнэн, луковицанан уонна угунан олордобун. Бу сибэкки олус хаппырыыс буолан, элбэх көрүүнү, истиини эрэйэр. Үчүгэй көрүүлээх буоллаҕына, сайын устата күһүн хойукка диэри хойуутук сибэккилиир уонна сибэккитэ өр турар.
Сибэккилэри бастаан угунан үүннэрэбин, иккис сылыгар хойуутук сибэккилиир. Көрүүгэ саамай сүрүнэ ууну сөпкө кутуу буолар. Төрдүгэр буолбакка поддонугар кыры-кыралаан кутуллар. Бегония уопсайынан элбэх ууну олох сөбүлээбэт. Сырдыкка наадыйар, ол гынан баран, күүстээх күн уотугар туруорбаккыт. Атын да дьиэ сибэккилэрэ сырдыгы сөбүлүүр, күлүгү сөбүлүүр диэҥҥэ арахсаллар.
Ол курдук, олох сырдыкка королевской пеларгония, цикламен, бегония сортара, герань, глоксиния да сырдыгы сөбүлүүллэр. Күлүктээх сиргэ фикус, драцена, китайский роза, юкка, папоротник үүнүөхтэрин сөп.
Сибэккилэр почваларыгар, маҕаһыын буоругар хайаан да торфа эбэбин. Торфа салгыны оонньотор, оччоҕо силистэрэ салгын ылаллар, сибэкки сөптөөхтүк сайдарыгар көмөлөһөр. Эбии аһылыктарыгар саамай туттарым НВ 101 уонна банан хаҕа. Холобура үс бананы 1 л ууга суукканы быһаны көөнньөрө туруорабын, ол кэнниттэн эбии 1 л ууну кутан суурайабын.
Билигин дьиэ сибэккилэрэ саамай сырдыкка наадыйар, уһуктар кэмнэрэ. Кулун тутар саҕаланыытыгар, азоттаах, калийдаах фосфордаах уоҕурдуулары кутуохха сөп.
Алаһа дьиэҕитин сибэккинэн симээҥ, кэрэнэн киэргэтиҥ.
Нина Сутакова