Дьикти да киэһэ буолбут… Маннык күһүҥҥү уу нуурал, чуумпу киэһэлэри Мичийэ хайа да дьыл кэминээҕэр ордорор. Өссө бу ураты көстүүнү киэргэтэн, сып-сырдык маҥнайгы, көбүөрүнньүк хаар бөдөҥ кыырпахтарынан мэник тыалга дэйбиирдэнэ уйдарара, куорат уулуссаларын үрдүк лаампаларын уотугар күлүмүрдүү сыыйыллан, аргыый аҕай намыын-намыыннык наскыйан, килбик кыыстыы наҕылыйан, сири-дойдуну үллүктүү бүрүйэрэ көрүөхтэн эриэккэс.
Арай Мичийэ Ленин болуоссатын уҥуордаан, үгүс киһи тоҕуоруспут автобус тохтобулугар чугаһаан иһэн, дьон аалыҥнаһар, кэлэр-барар, күүгэн кэпсэтиилэрин быыһыгар, эдэр киһи сөҥ куолаһынан күлэн лаһыгыратарын иһиттэ. Иһиттэ уонна ах барда… Тохтоон турда. Сир-дойду силбиһэн, айдаан, күйгүөр намыраан, Орто туруу дойдуга бу соҕотох эр киһи эрчимнээх, дьоллоох күлүүтэ эрэ хаалла… Мичийэ биллэ. Ити, ити… мин киһим. Сэрэйбитим курдук… Баар, баар эбит… Салгыы тугу гыныан билбэккэ, кыыс таалан, дөйбүт киһи курдук чочумча турда. Онтон тоҕо эбитэ буолла, күлүү иһиллибит сирин диэки эрчимнээхтик хардыылаата.
Тохтобул кэннигэр борук-сорукка үс уол кэпсэтэ тураллар эбит. Иккитэ кыра соҕус уҥуохтаахтар, оттон үһүстэрэ дараҕар сарыннаах уһун уол. Мичийэ хараҕа икки кыра киһини уҥуордаан чопчу уһун уолу сыныйан көрдө. Кырдьык, күлүүк уол – уһуннара эбит. Сототун аhарар хара дыраап сонноох, сиэрэй киэпкэлээх. Соно тоҕо эрэ нэлэккэй, халлаан күɵҕэ ырбаахыта ирбэнньиктэнэн кɵстɵр. Бэйэтэ хара бараан сирэйдээх, кэтит муруннаах, хойуу хаастаах, үмүрүк уостаах, кэҥэс соҕус чоҕул хара харахтаах эбит. «Наһаа да билэр, чугас киһим, мин киhим» диэн ураты, мээнэ киһи дэбигис өйдөөбөт иэйиитигэр хам куустарда. Аттыларыгар тиийэн, чугаһаан ойоҕолуу турда. Уолаттар бараары гыммыт курдук тохтобул анараа ɵттүн диэки биир-биир батысыhан хаамтылар. «Чэ, синэ биир… билигин, эбэтэр суох» диэн баран, кыыс кэннилэриттэн эккирэтэн, уолаттарга чугаһаата. Сүрэҕэ сүр күүскэ мөҕүл гына-гына тэбиэлээн, чэчэгэйигэр тиийэ, олус күүскэ тохтоло суох тоҥсуйда. Атаҕар аат эрэ харата уйунан, салыбыраан-илибирээн нэһиилэ дугунарын кыатана-кыатана, уолаттары ситэн кэллэ. Кыбыстан, сирэйдэрин таба көрбөккө да кэннилэриттэн улахан соҕустук:
—Дорооболоруҥ, университекка хайдах барабын? — диэтэ. Саҥата көй салгыҥҥа сатыылаан тахсыбытын эрэ кэннэ, мээнэ улахан толкуйа суоҕу ыйыппытыттан бэйэтэ да соhуйда, эмиэ да сонньуйда.
Уолаттар бары биир киhи курдук тэбис-тэҥҥэ эргиллэн, эдэр кыыс кинилэргэ чуо-бааччы кэлэн чугаһаабытыттан сэгэс гына түстүлэр.
— Хайа, бачча киэhэ университетка тугу гына бардыҥ, кыысчаан? — диэн тута бастакынан «кини» киhитэ хардары ыйытта.
— Сэргэлээххэ бараарыбын…дьүɵгэбэр, — диэтэ Мичийэ уонна кыбыстан умса кɵрдɵ.
— Биhиги эмиэ уопсайга баран иhэбит ээ, эн биhигини кытта барыс, — диэтэ кыра уолтан биирдэстэрэ.
— Мин эйигин ханна эрэ кɵрбүт курдукпун ээ, —дии-дии уhун уол күлэн, маҥан тиистэрэ кэчигирэстилэр.
Кыыс ордук ити тыллартан олус симитиннэ. Тоҕо эрэ, харытыттан харбаппыт уоруйах курдук сананна. «Билбит-билбит миигин…мин тугу саныырбын» дии санаата. Уонна уол ити тылларын истибэтэх курдук туттан, имэ кэйэ кыыhан, туора хайыста.
Оттон уолаттар кэрэ аҥаар аргыстанан, тута үhүɵн аймана, күйгүɵрэ түстүлэр. Ѳрүсүhэ былаастаан 5-с нүɵмэрдээх автобус сырыыта соччото суоҕун, кэлбэти кэтэhэн кэлтэй буолбуттарын, бу хаар түhэн халтараан буолан эрэрин эҥин туhунан үгүhү-элбэҕи кэпсээн айахтара хам буолбакка истилэр. Мичийэ ол тухары саҥарбат. Хайдах эрэ маннык олуонатык, уолаттарга бэйэтинэн сыҥаламмытын, туора кыыhы сиилиир кэриэтэ, иhигэр мɵҕүттэ истэ. Ол эрээри эмиэ да барыта түүл-бит курдук, аттыгар кини… кини… баар. Дьикти нарын иэйии тыынын-быарын хаайан, ыга ытарчалыы кууhар. Аны аттыларыгар сэргэстэhэ хаамыаҕын тротуар олус кыараҕас буолан биэрдэ. Ол иhин кэннилэриттэн муммут кус оҕотун курдук батыhарга эрэ тиийдэ.
Син сүүсчэкэ миэтэрэни барааттарын кытта, уhун уол эргиллэ биэрдэ:
— Ээ, арба даҕаны, аатыҥ ким диэний? — диэтэ, тохтоон туран хап-хара харахтарынан уун-утары эппиэт эрэйэн, чоҕулуччу кɵрдɵ.
Мичийэ эмискэ тɵбɵҕɵ оҕустарбыттыы олуонатык, кип-киэҥ харахтарынан чыпчылыйбакка да, муҥунан кɵрдɵ.
— Мин даа? Мин… мин Мичийэ диэммин, — диэн баран, эмиэ умса кɵрдɵ.
Уол үɵрэн эмиэ маҥан тиистэрэ кэчигирэстилэр.
— Ээ, сɵп, оттон мин Данил диэммин, — диэн баран илиитин уунна. Кыыс хап-сабар уҥа ытыhын биэрэ оҕуста. Уол сып-сылаас илиитинэн кыыс тоҥон бɵҕүɵрбүт ытыhын сэрэнэн ыга тутта. Мичийэ хас биирдии этин сааhа аhыллан, уокка оҕустарбыт киhилии дьырылаата, хаhан да билбэтэх дьикти иэйиитэ этин-сиинин бүүс бүтүннүү курдат сүүрэлээтэ. «Били, аны хайа эрэ киинэҕэ курдук уҥаары гынным дуу, сах» диэх курдук санаа күлүм гынан ааста.
— Тыый, тоҥмуккун аҕай дии, бу үтүлүгүҥ, бэрчээккэҥ ханнаный? – дии-дии, тута улахан икки чэрдээх ытыhынан ылан, кыыс нарын илиилэрин сып-сылаас тыынынан үрдэ.
— Ээ, сиэптээхпин ээ. Үтүлүкпүн дьиэбэр хаалларан кэбиспиппин, — диэтэ кыыс буруйдаммыттыы, биитэр соруйан аhыннараары дуу.
Бу икки ардыгар Данил икки табаарыстара кинилэртэн ыраата тэйэн иhэн, дьонноро тохтоон туралларын кɵрɵн, аймана-аймана эргиллэн кэлэн, кыыhы тула тɵгүрүччү турунан кэбистилэр. Эмиэ бары үɵрэ-кɵтɵ хаттаан билистилэр. Ким ханна үɵрэнэрин чопчуластылар. Уолаттар үhүɵн историческай-юридическай факультекка 5-с кууруска үɵрэнэллэр эбит. Мичийэ эмиэ син уоскуйа быhыытыйан, быйыл медицинскэй институту бүтэрэн, окулист быраас буолан, куорат 3-с нүɵмэрдээх поликлиникатыгар үлэлиирин туhунан тута аhаҕастык кэпсээн биэрдэ.
***
Бу күнтэн саҕалаан Мичийэлээх Данил истиҥ сыhыаннара саҕаламмыта. Эдэр дьон олус дьиктитик сɵп түбэhиспиттэрэ. Ааҕар кинигэлэрэ, олоҕу кɵрүүлэрэ, спорка интэриэстэрэ, аhыыр аhылыктара кытта биирэ, икки нарын иэйиигэ куустарбыт дьону олус сɵхтɵрбүтэ. Хас күн аайы кɵрүстэллэр да, син биир бэйэ-бэйэлэригэр саҥа, сонун арыйыыны оҥорон, онтон оҕолуу үɵрэн, дуоhуйар буолан испиттэрэ. Ыраас тыынар салгын тиийбэтин кэриэтэ, аҕыйах да кэмҥэ сүтэристэхтэринэ, суохтуулларын билинэн барбыттара. «Урут кинитэ суох хайдах олорбуппунуй» диэх айылаах, курус, санньыар санаа хам кууhарын иккиэн биирдик ɵйдɵɵбүттэрэ. Сып-сырдык, ып-ыраас таптал икки эдэр киhини хайа да сирдэриттэн хоҥностубат гына хам силимнээбитэ.
Урут ɵссɵ оскуолаҕа үɵрэнэ сылдьан, Мичийэ ɵйүгэр таптыыр киhитин оҥорон кɵрɵр идэлэммитэ. Атын кыргыттар курдук уулусса да мээрэйдиири, үҥкүүгэ да сылдьары сэҥээрбэт этэ. Александр Грин Ассоль диэн кэрэчээнэтин курдук, хаhан эрэ кини олоҕор соҕотох анала хайаан да кэлэрин итэҕэйэрэ. Устудьуоннуур кэмнэригэр, уопсайга олорон эрэ, дьүɵгэлэрин кытта кэпсэттэҕинэ, тоҕо эрэ бары кинини күлүү гыналлара.
«Тыый бу да кыыс! Эн улуу кырасаабысса курдук сананаҕын дуо? Ыал, балаҕан аайы баар кыыскын. Саатар уҥуоххунан да кыраҥ бэрт уонна кэлэн онно суоҕу дойҕохтуугун. Саатар эдэр сааска кэргэнэ да суох оҕолон хаал. Үчүгэй уол талба табаар, сып-сылаас бэрэски курдук түргэнник бүтэр. Устудьуоннуур эрэ кэмҥэ эргэ барар ордук» дииллэрин истибэтэҕэ. Кыыс «кэргэн тахсар аналым син биир ханна эрэ баар, мин кинини тута билиэҕим» диэтэҕинэ сонньуйан, бастарын быhа илгистэллэрэ. «Олоххо суох ыра санааҕын кытта кырдьа барбыт кыыскынан хоруоптанарыҥ буолуо» диэн оннооҕор холустук үгэргииллэригэр наадыйбат этэ. Манна эбии үтүктүспүт курдук, кыргыттара үhүс куурустан саҕалаан бары биир-биир эргэ барбыттара, сорохтор ийэ буолар дьолун бэлиэр билэ охсубуттара. Бу да кэмнэргэ Мичийэ санаатын түhэрбэҕэ. Бэл, ийэтэ: «Бииргэ үɵрэммит кыргыттарыҥ, дьүɵгэлэриҥ бары эргэ бардылар, эн хаhан сыа сиэтэн, сиэн минньигэс сытын бэлэхтиигин», — да диэбитигэр ымыттыбатаҕа. Ол курдук кини бэйэтин ыра санаатыгар, олоххо кɵрсүɵхтээх аналыгар бигэ эрэнэр күүhэ модун этэ.
Бу уулуссаҕа билсиhии кэннэ, Мичийэлээх Данил үс сыл ыкса чугасыhан, эн-мин дэhэн, ыкса доҕордоhон эрэ баран, алаhа диэлэрин тэриммиттэрэ, улахан уруу тэрийэн бар дьоннорун үɵрдүбүттэрэ. Утуу-субуу икки кыыс, биир уол оҕолонон, Амма оройуонугар дьон-сэргэ холобуругар сылдьар, биир тумус туттар, биллэр-кɵстɵр дьоhун-мааны ыал буолан сириэдийбиттэрэ. Арай, Мичийэни оччолорго сиилээбит дьүɵгэлэрэ ким арахсан, ким иккистээн эргэ баран, ким аҥардас ийэ аатын ылан, сорохторо син орто ыал сиэринэн ой-бото ыал буолан олороллор.
Кырдьык, Мичийэлээх Данил холобурдарынан кɵрдɵххɵ, баар эбит бу олоххо дьиҥ-чахчы ырыаҕа ылланар, хоhооҥҥо хоhуллар, номоххо киирэр, сыыска-буорга тэпсиллибэтэх ыраас, сырдык таптал. Ону эн, тус бэйэҥ иитиэхтээн, эрэнэн, итэҕэйэн олордоххуна, хайаан да булуоҥ. Тапталга дьүhүнүҥ, баайыҥ-дуолуҥ, үлэҥ, сааhыҥ улахан оруолу оонньообот. Эн ɵйүҥ-санааҥ ыраас, майгыҥ-сигилиҥ үтүɵ уонна саамай сүрүнэ, ып-ыраас маҥнайгы хаар курдук чиэскин, суобаскын соҕотох аналгар бэлэхтээбит, хас күн аайы таптыыр киhигин хараҕыҥ харатын курдук харыстыыр буоллаххына, хайаан да бу үйэлээх дьолго тиксиэҥ.
Таптал таабырынын таайбыттар, кини дириҥ далайыгар умсаахтаабыттар, айылҕа алыптаах дьиктитин арыйар ураты күүстээхтэр. Кини ухханыгар уйдарбыттар сымара таастыы эрэнэр, итэҕэйэр бигэ тирэхтээхтэр. Олохторун тухары кустук сэттэ ɵҥүн дьиримнэтэр ил-эйэ, дьол-соргу уйалаахтар. Бу Орто дойдуга олох баарын тухары сириэдийэр, чэлгийэр муҥутуур күүстээхтэр.
Наталия РЯЗАНСКАЯ.