Дьоһуннаах үлэтэ, норуокка анаабыт олоҕо эдэр көлүөнэҕэ холобур буолар

Биллэрин курдук, 1980 с. ортолоруттан Сэбиэскэй Союзка уларыта тутуу кэмэ саҕаламмыта. Эрдэттэн бэлэмнэнэн күүстээх  идеологическай тэрээһин  үлэтэ  ССКП КК  өттүттэн ыытыллыбатах  буолан, ити хамсааһын  ыараханнык ааспыта.

Дойдубут өтөрүнэн  буолбатах дириҥ экономическай уонна политическай кризиска ылларбыта. М.С.Горбачев “экономиканы уларыта тутабыт, дойдуга  көҥүл санааны  үөскэтэбит” диэн лозунун ССКП   политбюротун  сорох  чилиэннэрэ  утарсан,  ГКЧП  тэрийбиттэрэ. Оттон  норуот  демократия  иһин  үлүскэннээх хамсааһына  саҕаламмыта. Биһиги  дьолбутугар норуот  долгуйуута  гражданскай  сэриигэ  тиэрдибэтэҕэ. Оттон экономическай  кризис  ытарчата  дойдубутун, ол  иһигэр  Саха  сирин  экономикатын, “хам  туппута” 1989-1990  сс. дьон  олоҕун үбүн-харчытын  кээмэйэ  үс  төгүл  аччаабыта.

Дьэ,  ити  кэмнэргэ  дойдубутугар  бэриниилээх,  үлэлиир-хамсыыр, тэрийэр  дьоҕурдаах  Макар Макарович  сыралаах   үлэтин  сорох өртүн  сырдатарга быһаарынным.

Сэбиэскэй  Союз  историятыгар  аан  бастакынан  1989 с.  кулун тутарга ССРС   норуодунай депутаттарын  куоталаһыылаах (альтернативнай)  төрүккэ  олоҕурбут  демократическай быыбара  ыытыллыбыта. Быыбар иннинээҕи  депутакка  кандидаттар  киирсиилэрэ  олус күүстээхтик  уонна сытыытык  барбыттара. Урукку быыбардарга соҕотох  депутакка кандидаты  уруйдаан-айхаллаан  баран,  көхтөөхтүк  кини эрэ туһугар быыбардааччылар  куоластыыр  буоллахтарына, бу  быыбарга төрүт  атын хартыына  этэ. Тыллаах-өстөөх,  дьону  итэҕэппит  элбэх кандидаттан биирин  эрэ  иһин куоласкын  биэрэҕин. Онон  депутатынан   талылларга дьону  көҕүлүүр, итэҕэтэр эрэ  киһи  талыллар кэмэ  кэлбитэ. Оччолорго  депутат  буоларга харчы оруолу оонньооһуна  суох этэ. Макар Макарович  Яковлевка Дьокуускай  куорат сиринээҕи  уокуругуттан   өрөспүүбүлүкэ прокуратуратын  кэлэктиибэ  ССРС   Үрдүкү Сэбиэтин национальностар  сэбиэттэригэр депутакка  кандидатынан  туруорбуттара. Кини  ол  саҕана араас уустук холуобунай дьыалалары  силиэстийэлээн, арыйталаан,  Союз, Россия,  Саха   сирин  үрдүнэн  биллибит  следователь  этэ. Ону  таһынан  быыбар  иннинээҕи бырагарааматын аныгы  олох  ирдэбилигэр  сөп түбэһэр  гына  табыгастаахтык  оҥорон, онтун  итэҕэтиилээхтик  быыбардааччыларга  иһитиннэрэн, 21  кандидаттан,  ол  иһигэр Павел  Павлович  Бородин  курдуктары кыайан, холкутук  бастаан, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин норуодунай  депутата  буолбута. Интэриэһинэйэ  диэн,  биир  кылааска   үөрэммит  уола  Прокопий  Дмитриевич  Осипов  Мииринэй  уокуругуттан  депутат  буолар. Оччотооҕу  Бэрдьигэстээх  оскуолатын  дириэктэрэ Наум  Трифонович Слепцов быйыл  100   сааһын  туолбута. Өссө да  саахымат күрэхтэһиитигэр оонньуу сылдьар. Завуч  Пахомов  Степан  Степанович  87  сааһа буолар.

Мин  эмиэ  Саха  сирин хотугу  уокуругуттан Союз  Сэбиэтигэр  депутатынан  талыллыбытым. Барыта  ССРС  норуодунай  депутаттарынан Саха  сириттэн   уон алта  киһи  талыллыбыта. Икки  депутат  Союз  Сэбиэтигэр,  14 – национальностар сэбиэттэригэр.

Макар Макарович  1980  с.  Мииринэй  куоракка алмаас  хостонуоҕуттан  хаһан  да  буолбатах,  улахан бөдөҥ  уонна  сыаналаах  алмаастары уоруу  уустук салаатын  арыйан,  буруйдаахтары  булаттаан,  суут  көрүүтүгэр  тиэрдибитэ. Салгыы  талааннаах  следователь быһыытынан   киэҥник  биллибитэ. Биэстии, тоҕустуу  киһи өлөрүүлээх  дьыалаларга группа салайааччытынан сылдьан  арыйталаабыта. Сэбиэскэй  Союз  араас  муннуктарыгар арҕаа  Украинаҕа (Ужгород, Мукачево, Хуст, Тячев, Черновцы, Донецк, Авдеевка), Новокузнецкай, Ереван, Сахалин, Камчатка силиэстийэлиир  группалары салайбыта. 1982-1984  сс.  Москва куоракка  Кыһыл  Болуоссакка  турар дойду саамай  улахан  маҕаһыынын  ГУМ хоруупсуйатын  уоран сиэһинин  силиэстийэлиир  группатын  салайбыта. Бочуот Знага  уордьанынан наҕараадаламмыта. Аата-суола киин хаһыаттарга, сурунаалларга тиийэ  бэлиэтэммитэ. Кэлин  Россия  Силиэстибэннэй  кэмитиэтин  ХХ  үйэ сэрии кэннинээҕи 35 чулуу  следователлэрин энциклопедиятыгар киллэрбиттэрэ. Ол  дьону  «выдающиеся  следователи, золотой  фонд» диэн ааттаабыттара. Онон  кэллиэгэлэрэ кинини ССРС  Үрдүкү Сэбиэтигэр  депутакка  кандидатынан  туруорбуттара  олохтоох этэ.

Макар  Макаровичтыын биһиги  чугастык  Москваҕа билсибиппит.  Саҥарбыт-иҥэрбит, кэлбит-барбыт, сытыы-хотуу эдэр  киһини испэр  сөбүлээммин,  кэлин доҕордоһон, бииргэ  араас  боппуруостарга  сүбэлэһэн,  көхтөөхтүк  үлэлээбиппит.

Быыбарга  талыллыбыт  депутаттар Москваҕа  бастакы  съезкэ кытта  кэлэрбитигэр урут  хаһан  да  көрбөтөх, элбэх  дьон уулуссаларга, болуоссаттарга күргүөмүнэн мунньустан, миитиннэри ыыталлара, уулуссаларынан халҕаһалыы  демонстрациялаан хаамаллара. Олох  күөстүү  оргуйан  олороро. ”Москва”, “Россия”  гостиницалар  икки  ардыларыгар араас  плакаттары туппут  пикетчиктэр  мусталлара. Кинилэр  партиябытын  утары  араас лозуннары хаһыытаһаллара. Ити  барыта  биһиэхэ,  партия  дьыалатыгар  сулууспалаабыт  дьоҥҥо  сүөргүтүк  көстүбүтэ. Ол эрээри  билигин  өйдөөтөххө,  урут  партийнай  үлэҕэ  эриллибэтэх эдэр  депутаттарбыт М.М.Яковлев, П.Д.Осипов, Н.Н.Петров, С.В.Бойков  олус   соһуйбакка, олохтоох  дьон  тылын-өһүн  интэриэһиргээн  истэллэрэ. Оттон  биһиэхэ  сааһырбыт, партия дьаһалын  чиэстээхтик  толоро  сылдьыбыт  дьоҥҥо (Ю.Н.Прокопьев, А.М.Ягнышев, И.Г.Игнатьев уонна мин) ити  событиелары, норуот  иннигэр  партия  авторитета  түһүүтүн  ыараханнык  ылыммыппыт.

Үрдүкү Сэбиэт бастакы съеһигэр Саха сириттэн талыллыбыт 16  депутаттан 7  депутат босхолонон,  Москваҕа олорон  үлэлииргэ  талыллыбыта. Макар  Макарович национальностар Сэбиэттэригэр, оттон мин  Союз  Сэбиэтин палаататыгар. Үрдүкү Сэбиэт  мунньахтара Кремльга ыытыллаллара. ССРС  норуодунай  депутаттарын  съезтэрэ   улахан  мөккүһүү, санааны  аһаҕастык этии быһыытыгар-майгытыгар  барара. Дойду  барыта  телевизорыттан  арахсыбакка  көрөн олороро. Онтон  ССРС  Үрдүкү Сэбиэтин  сессиялара  съезтэр  икки  ардыларыгар  буолара. Сокуоннар, бырагыраамалар, бырайыактар дьүүллэһиилэрэ олус  көхтөөхтүк барара. Дьэ, ити  дьалхааннаах  кэмнэргэ, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин  съезтэригэр,  сессияларыгар Кремль  истиэнэтин  иһигэр  политик, дойду олоҕун-дьаһаҕын,  сайдыытын  түстүүр  сокуоннары  оҥорооччу быһыытынан Макар Макарович  үүнэн-сайдан  тахсыбыта.

Ордук  бэлиэ  түгэнинэн  ССРС норуодунай  депутаттарын  бастакы   съеһэ  олус  айдааннаахтык барбыта. Биһиги  чуумпу  саалаларга барар  пленумнарга, сессияларга   кытта   үөрэммит дьон  улаханнык  соһуйбуппут. Съеһи М.С.Горбачев  арыйбыта. Урут  олохтоммут  бэрээдэк  курдук,  президиумҥа  ССКП КК  политбюротун  чилиэннэрэ  олорботохторо. Съезд  саҕаланыаҕыттан радикальнай хайысхалаах  депутаттар  айдаан  бөҕөтүн  тардыбыттара. Съезд  саҕаланыаҕыттан  ыла “Коммунистическай  партия  диктатурата  бүтүөхтээх,  советскай  обществоҕа  уларыта  тутуу барыахтаах,  көҥүл санааны  күөмчүлээһин   тохтуохтаах, дойду  демократическай сайдыы суолун  тутуһуохтаах”  диэн ирдэбиллэрин кытаанахтык  эппиттэрэ-тыыммыттара,  Кремль дыбарыаһын  иһэ  өрө  ньиргийэн олороро.

Саха  сирин  эдэр  депутаттара М.М.Яковлев, П.Д.Осипов, Н.Н.Петров харахтара  уоттанан,  сүргэлэрэ  көтөҕүллэн, миэстэлэриттэн ойон тура-тура  иһиттилэр. Демократическай  сайдыы суолугар киириини өйүүр санааларын кыыма онно  саҕыллыбыт буолуохтаах. Урукку  партийнай,  Сэбиэскэй  органнарга  уһуннук  үлэлээбит дьоҥҥо,  биһиэхэ оннук  санаа  сыыйа, арыый  хойутуу   соҕус  киирбитэ.

Бэрт уустук, улахан  мөккүһүү,  чирэстэһии  кэнниттэн ССРС  Үрдүкү Сэбиэтин  бэрэссэдээтэлинэн  Анатолий  Лукьянов  талыллыбыта.  Съезд  үлэтэ оннун  булбута. Ол эрээри, кириитикэ, көҥүл, аһаҕас  кэпсэтии  салҕанан  барбыта. Съезд  кэнниттэн  национальностар палааталарын  сессиятыгар биһиги  кэллиэгэлэрбит М.М.Яковлев, П.Д.Осипов үрдүк  дуоһунастарга  талыллыбыттара. Макар Яковлев –  ССРС  Үрдүкү Сэбиэтин  сокуон оҥорор кэмитиэтин  правоохранительнай  органнарга хос  кэмитиэтин  бэрэссэдээтэлинэн, Прокопий  Осипов экология  кэмитиэтин  сэкирэтээринэн  талыллыбыттара. Онтон мин  Союз  Сэбиэтигэр  плановай-бюджетнай  хамыыһыйа былаанныыыр хос  кэмитиэтин салайааччытынан талыллыбытым. Дьэ  ити  курдук,  ССРС  норуодунай  депутаттарын быһыытынан  үлэбит  саҕаламмыта. Макар  Макарович правоохранительнай органнар  үлэлэрин  билэрин быһыытынан, хара маҥнайгыттан ылсыбытынан барбыта. Хаста даҕаны  ССРС Ис  дьыалаҕа  министиэристибэтин кэҥэтиллибит коллегиятын, ССРС генеральнай прокуратуратын коллегиятын ыыппыта. ССРС Ис дьыалаҕа министиэристибэтин коллегиятыгар Саха сирин Ис дьыалаҕа миниистирин В.В.Балдуев Нерюнгрига самолет угоннаммытынан сибээстээн, дьүүллэммитин, тыл этэн сымнаппытын истибитим. ССРС историятыгар аан маҥнай ССРС прокуратуратын үлэтин хамыыһыйа тэрийэн бэрэбиэркэлээбитэ. Ол коллегия кэнниттэн М.С.Горбачев, ССРС Генеральнай прокурора А.Я.Сухарев, ССРС Ис дьыалаҕа миниистирэ Б.К.Пуго, КГБ бэрэссэдээтэлэ В.А.Крючков, ССРС юстициятын миниистирэ С.Г.Лущиков, кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Ю.В.Голик уонна М.М.Яковлев мраморнай саалаҕа мустан кэпсэтии ыыппыттара.

Биһиги сааспытынан биллэрдик араастаһар  этибит. Ол эрээри, аан  бастакыттан сөбүлэһэн, чугастык  билсэн, аһаҕастык санаабытын атастаһан доҕордуу  дьон  буолбуппут. М.Яковлев, П.Осипов уонна  мин дьиэ  кэргэттэрбитинээн  Рублевскай шоссеҕа турар  дьиэҕэ  служебнай  кыбартыыраҕа  олорбуппут. А.Собчак мэр  буолан баран, кыбартыыратын Макарга  туран биэрбитэ.

Мэлдьи көрсүһэр, сэһэргэһэр, депутат быһыытынан үлэбитигэр  сүбэлэһэр  этибит, биллэн  турар ол  үлэбитигэр  туһалаах  буолааччы. Мин  араас боппуруостарга  ССРС  Үрдүкү Сэбиэтин съеһигэр  уонна  сессияларыгар 12 төгүл  тыл  этэн  турабын. Ол араас  боппуруостарга  өрөспүүбүлүкэбит, быыбардааччыларбыт  интэриэстэрин көмүскүүргэ туһуланара. Онно  эрдэттэн  бэлэмнэнэр  этим. Кэллиэгэлэрбин Макар Макаровиһы, Прокопий  Дмитриевиһы кытары  эрдэ  санаабын  үллэстэрим,  сүбэлэһэрим. Кинилэр  эмиэ ССРС Үрдүкү Сэбиэтин сессияларыгар тыл  этэллэрэ. Этиилэрбит  чопчу  уонна  сытыы буолалларыгар кыһалларбыт. Оччоҕуна эрэ биһиги  этиилэрбит атын  депутаттар этиилэрин дорҕоонугар  сүтэн хаалбакка үрдүкү  салалтаҕа  учуоттаныан сөбүн  билэр  этибит. Казахстантан депутат, биллиилээх поэт, суруйааччы Олжас Сулейменов Үрдүкү Сэбиэт биир сессиятыгар Семипалатинскайдааҕы атомнай буомбаны  боруобалааһын содулларын туһунан уонна ону булгуччу тохтотор  туһунан  аан бастакынан  тыл эппитэ уонна ол этиитэ дойду  үрдүнэн дьон өйүгэр-санаатыгар дириҥник киирбитэ. Олжас  Сулейменов Макар Макаровичтыын Невадаҕа  уонна  ООН хос  кэмитиэтигэр  сылдьан,  тыл эппиттэрэ Америка хаһыаттарыгар  тахсыбыта. Алма-Атаҕа  аан дойдутааҕы  конференцияҕа Макар Макаровиһы уонна Саха  сиригэр экология маҥнайгы миниистирин Алексеев Василий Гавриловиһы ыҥыран сырытыннарбыта. Макар Макарович  Россияҕа маҥнайгынан экология  прокуратуратын астарбыта.

Саха  сиригэр экологияны харыстааһыҥҥа Семипалатинскайтан  итэҕэһэ  суох  проблемалар бааллара. Бүлүү  өрүһүн  киртитиитин  содула өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник  биллэрэ. Ол  кэмҥэ экологияны  харыстааһыҥҥа дьон  өйө-санаата  уһуктан эрэрэ. Сунтаарга Бүлүү  өрүһүн сүһүрдүү   содулун  туоратарга  хамсааһын  бастакынан  Валерий  Мекумянов уонна  Эдуард  Соколов  саҕалаабыттара,  Үөһээ  Бүлүүгэ Никита  Архипов, үһүйээн хоту  да  буоллар,  сир анныгар ядернай дэлби тэптэриилэр  туһунан  дьиксиниилээх  сурах   тарҕаммыт  кэмэ этэ. Оттон  нэһилиэнньэ  ортотугар  экологияны  көмүскүүргэ  күүстээх санаа  үөскээн  эрэр  кэмэ этэ. Ол эрээри сэбиэскэй  кэм саҕана, ити  дьон олоҕор кутталлаах  дьаһалы  Киин  салайар орган ылынар этэ, ССКП Обкомун  чугаһаппаттар этэ. Ити  боппуруоска, ол саҕана  САССР  Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ М.Е.Николаев Москваҕа  көрсүһүүлэрбитигэр  өрөспүүбүлүкэҕэ экология  боппуруоһугар  үөскээбит  балаһыанньаны  туоратыы  туһунан  тоҕоостоох  кэмҥэ  ССРС  Үрдүкү Сэбиэтигэр  күүскэ  туруорарга  сүбэлээбитэ.

Биһиги П.Осипов, М.Яковлев  буолан экология бастайааннай  хамыыһыйатын нөҥүө  актыыбынайдык туруорсан,  1989 с.   сэтинньи  ый 29  күнүгэр  Кремль  дыбарыаһыгар  ССРС  Үрдүкү Сэбиэтин сессиятыгар экологияны  харыстааһын  боппуруоһа   көрүллүбүтэ. Мин  онно эрдэттэн  бэлэмнэнэн  тыл  эппитим. Хата ол эппитим кинодокумент быһыытынан уһуллан, кинохранилище  архыыбыгар сытар. Ол этиибэр  Бүлүү  сүнньүгэр  үөскээбит  ыарахан  экологическай  балаһыанньаны чопчу  баары  баарынан сырдаппытым. Союз салалтатыттан эппиэттээх  дьону ааттаабытым, балаһыанньаны  көннөрүүгэ  суһал дьаһаллары ылаллара наадатын, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо  ирдииллэрин   тиэрдибитим. Маҥнайгынан  Макар Яковлев, Прокопий  Осипов этиибин биһирээтилэр  уонна ити туруоруллубут боппуруостарга салгыы  үлэлэһиэхпит диэн  эттилэр. Олжас  Сулейменов бэйэтинэн  кэлэн илии тутуһан  сөбүлээбитин  биллэрбитэ. Ол эрээри  ССКП Обкома өссө  даҕаны  үлэлии олорорунан уонна  ССКП политбюрота баһылыыр  көҕүлүүр  оруолуттан  чаҕыйан сорох  партийнай  испииһэгинэн  кэлбит  депутаттарбыт “наһаалаатын,  сэрэниэххэ  баар этэ»  диэбиттэрэ. Онтон  өрөспүүбүлүкэҕэ  көрдөрөр-иһитиннэрэр  тэрилтэлэр ССКП Обкомун илиитигэр  буолан, эмиэ ити этиибин   киэҥник  тарҕаппатахтара. ”Якутия”  хаһыакка  космофизика  институтун  дириэктэрэ  шаферынан сир анныгар ядернай  тэптэриилэр  туһаларын  туһунан  ыстатыйа таһаартарбыттара. Ону  Макар  Яковлев  исписэлиистэри  кытта  сүбэлэһэн, “Якутия”  хаһыакка  сүрдээх олохтоох, грамотнай харда эппиэт биэрбитэ.

ХII  ыҥырыылаах  САССР  Үрдүкү Сэбиэтэ уонна  Бырабыыталыстыбата М.Е.Николаев  көҕүлээһининэн  экологияны  тупсарыыга элбэх   үлэни ыыппыта. 1991  с.   алтынньы 17  күнүгэр САССР  территориятыгар  айылҕаны  харыстааһын  туһунан сокуон ылыллыбыта. Россияҕа бастакынан  экологияны, айылҕаны  харыстааһын министиэристибэтэ  тэриллибитэ. М.Е.Николаев  Борис  Николаевич  Ельцины  кытары  олус ылыннарыылаахтык   кэпсэтэн,  Бүлүү  сүнньүн  экологиятын  тупсарыыга алмаас  атыытыттан  киирэр үп 2 %  бэриллэрин  ситиспитэ. Кэлин  соҕус  өрөспүүбүлүкэ быһаччы  туруорсуутунан “Алроса”  хампаанньа  тэриллиитигэр  алмаастаах   провинция 8 оройуоҥҥа  тэрийээччинэн  буолбуттара. Ити оройуоннар “Алроса”  акциятын 1 %  ылбыттара. 1991  с.  от  ыйыгар   хвостохранилище  буортулаах ууну тоҕорунан сибээстээн,  өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын  уурааҕынан Удачнайга “Якуталмаз”  11 №-дээх   фабриката  сабыллыбыта. 1992  с.  саҥатыгар ХII  ыҥырыылаах  Үрдүкү  Сэбиэт  «Бүлүү өрүһүн  бассейнын  экологическай  туругун   чөлүгэр  түһэриигэ  ыытыллар  бастакы   уочараттаах  соруктар” диэн  анал  уурааҕы  ылыммыта.

1980  с.  үүнэ-тэһиинэ  суох  барбыт,  айылҕа  харыстабылын  туһунан санаан  даҕаны   көрбөтөх, дьон  доруобуйатын  харыстыыр  туһунан  умнубут,  тустаах   союзнай  министиэристибэлэр омсолоох  дьаһалларын  дьайыыта   улахан этэ. 1989  с.  ыла  экологтар  общественнай  хамсааһыннарыттан,  ССРС Үрдүкү  Сэбиэтин  депутаттара   күөдьүтэн  Саха  сиригэр  айылҕа  харыстааһыныгар  тахсыбыт  хоромньуну утары  ыытыллар  үлэ судаарыстыбаннай  политика быһыытынан  барбыта. Ити  эппиэттээх  үлэҕэ  өрөспүүбүлүкэҕэ   киэҥник  биллэр  экологтар: Д.Д.Саввинов, И.С. Бурцев  элбэх  практическай   үлэни  оҥорбут  үрдүк  өҥөлөөхтөрүн бэлиэтээн  этэбин.

М.М.Яковлев, П.Д.Осипов  уонна мин буолан,  быыбардааччыларбыт накаастарын  толорууга  элбэхтик  сүбэлэһэн  үлэлиир  этибит. Онтон  биир холобуру   чопчу  кэпсиибин. Улуу Кыайыы  45  сылыгар  бэлэмнэниинэн  сибээстээн, Бүлүү  оройуонун сэрии бэтэрээннэрин  сэбиэтин  бэрэссэдээтэлэ А.И.Афанасьев, мин  1990   с.  саҥатыгар  Бүлүүгэ  быыбардааччылар  иннилэригэр  отчуоттуу  тиийэ  сырыттахпына,  Аҕа  дойду  Улуу  сэриитин  кыттыылаахтара А.А.Миронов, Н.А.Кондаков, Н.С.Степанов өссө  сэрии  бүтүөн  иннинэ  хорсун быһыыларын  иһин,  Сэбиэскэй  Союз  Геройа  аатын  ыларга  түһэриллибиттэр  эрээри, бириэмэтигэр  сөптөөх  сыанабыл  ылбатахтарын, дойду Үрдүкү  салалтатыгар  суругунан  туруорсууларыгар  аккаас  сурук  кэлбитин   кэпсээтэ,  бу  боппуруоһу  аны  эн  депутат  быһыытынан  салгыы  туруорус  диэбитэ уонна  этиллибит  дьон  сэрии кэмигэр  геройдуу быһыыларын   чуолкайдык  көрдөрөр  суруктары  туттаран кэбистэ.

Дьэ,   Москваҕа   кэлээт,   кэллиэгэлэрбин М.М.Яковлевы, П.Д.Осиповы  кытары  атах  тэпсэн  олорон,  ити уустук  боппуруоһу  хайдах быһаарыахха  сөбүн  сүбэлэстибит. «Эн   аҕа  киһи  быһыытынан  ССРС  оборонатын  миниистирэ  Д.Т.Язовка  сырыт,  дакаастаа, туруорус» дэстилэр. Онтон  Макар  Макарович салгыы эттэ: «Мин  салайар  хос  кэмитиэппэр   чилиэн  быһыытынан миниистир  Д.Т.Язов  солбуйааччыта,  армия генерала В.А.Говоров баар. Мин кинини  көрдөһүөхпүн  сөп», –  диэтэ. Дьэ, ол  курдук  сүбэлэһэн,  мин  миниистир Язовы, Макар  Макарович  миниистир солбуйааччытын Говоровы  кытары  көрсүһэн,  дакаастаан, Бүлүү  үс хорсун-хоодуот  буойуннара  Сэбиэскэй  Союз  Геройун  үрдүк аатын ылалларыгар  түмүктээхтик   үлэлэһэн  турабыт. Онтон  ССРС Үрдүкү  Сэбиэтин  депутата А.С.Борисов  ити  боппуруоһу  туруорсан, М.С.Горбачевка суруйбут этэ. Ол  сурук  эмиэ  боппуруос  быһаарыыга  көмөлөспүт  буолуохтаах.

Макар Макарович дьиҥнээх  актыыбынай государственнай политическай  деятель буолар оскуолатын ССРС Үрдүкү Сэбиэтигэр ааспыта. Парламентаризм  дойду  сайдыытыгар  дириҥ  суолталааҕын  дууһатыгар ылыммыта. 1992 с. саҕалаан, төрөөбүт дойдутугар  үрдүк таһаарыылаахтык  үлэлээбитэ. Төрүт  сокуон  барылын  оҥоһуутугар 2  главаҕа:  киһи бырааптарыгар, континентальнай  шельф, салгын куйаара  боппуруостарыгар элбэх этиини  киллэрбитэ. Конституционнай суут  маҥнайгы састаабын  судьуйата этэ. Ил Түмэн  маҥнайгы  созывын депутата, сокуон оҥорор кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ. Үгүс  суолталаах государственнай  тутул сокуоннарын сүрүн ааптардарыттан биирдэстэрэ. 1998-2002 сс.  Президент  уонна Бырабыыталыстыба аппараатын  солбуйар салайааччыта буолан, биир сүрүн  үлэни оҥорсубута. 2002-2012  сс. диэри  Саха  сирин  норуоттарын  духуобунай  лидера, Саха  сирин  Бастакы  Президенэ М.Е.Николаев  эрэллээх  сүрүн  көмөлөһөөччүтүнэн  үлэлээбитэ. Биллиилээх  юрист М.С.Горбачев биирдэ “все  юристы  Яковлевы“ диэн  турар. Ону профессор С.В.Запольскай “Хроника одного скандального выбора” диэн  кинигэтигэр  суруйан  саҕалаабыт  этэ. Макар Макарович холуобунай  процесс уонна право кафедратыгар 15 сыл  сэбиэдиссэйинэн  үлэлээтэ. Сүүстэн  тахса  научнай  ыстатыйалар, ол  иһигэр 4  монография  – барыта  21  научнай  кинигэ ааптара, ХИФУ  профессора. Ону  таһынан –  спортивнай  деятель. Саха  сирин  тустууга  федерациятын  маҥнайгы Президенэ,  ССРС  тустууга  федерациятын Президиумун  чилиэнинэн  таһаарыылаахтык  үлэлээбитэ. Спорт маастара. Элбэх  общественнай  үлэлэрдээх,  ол  курдук Ил  Түмэн  общественнай   консультативнай  сэбиэтин  чилиэнэ, өрөспүүбүлүкэ  биллэр-көстөр  Ытык  Сүбэтин  солбуйар  бэрэссэдээтэлэ, ММУ  горотдел  общественнай  сэбиэтин  чилиэнэ, тустуу бэтэрээннэрин бырабылыанньатын  чилиэнэ.

Макар Макарович  таһаарыылаах,  киэҥ хабааннаах,  кырдьык  иһин  ахсаабат дьаныардаах  үлэтинэн норуот  ытыктабылынан   туһанар. Кини  киэҥ  ис  хоһоонноох, дьоһуннаах   үлэтэ, олорон  кэлбит  актыыбынай олоҕо эдэр  көлүэнэҕэ  үтүө  холобурунан буолар.
Климент  Иванов,
СӨ  Бочуоттаах  олохтооҕо.