Дьол үөрүүтүнэн кынаттанан

Саха ыала дьол уйалаах. Өбүгэбит илгэлээх олоҕо, уһун-киэҥ санаата, үтүө-мааны майгыта, кэнэҕэски ыччакка кэрэ кэпсээн, нарын тойук, киэҥ туттуу буолан дириҥник силистиир, үрдүккэ дабатан ыралыыр. Күн дьоно бу Орто дойдуга кэнчээри ыччатын тэнитэрии, кэскиллээх олоҕун ууһатаары. дьиэ-уот туттар, оҕо-уруу тэринэр, Улууспутугар уһун үйэлээх, бигэ туруктаах дьиэ кэргэн кэҥээн тэнийэн иһэрэ, уопсастыба бигэ тирэхтээх буолуутун мэктиэтэ.

Горнай улууһун ытык ыала, Ефросиния Степановна, Николай Петрович Жирковтар бииргэ иллээхтик-эйэлээхтик олорбуттара быйыл лоп курдук 50 сыллара туолла. Үгүс сыллар тухары олох муудараһын, үтүөтүн иҥэриммит Жирковтар дьиэ кэргэн амарах ийэлэрэ, эйэҕэс эбэлэрэ Ефросиния Степановна кэрэтик тиһиллибит олоҕун кэрчигин арыйан сырдатта.

Дьахтар анала

Кыыс оҕо – омук анала, үтүө-амарах майгытынан саха Далбар Хотуна буолан, тапталлаах кэргэн, күн күбэй ийэ, күндү кийиит, сайаҕас саҥас дэтэр оҥоһуулаах. Ефросиния Сахабыт сирин биир кэрэ-мааны айылҕалааҕынан суон-сураҕырар Кыыс Амма сириттэн силис тардыылаах, туруу үлэһит дьон сыдьааннара буолар. Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрэн, учуутал идэтин баһылыыр. 1972 с. Горнай улууһун Күөрэлээх бөһүөлэгэр учууталынан ананан кэлэр. Бу сыл күһүнүгэр олоҕун аргыһынаан Николайдыын көрсөллөр. Ыраас таптал иэйиитигэр оргууйдук куустараллар. Икки таптаһар сүрэхтэр сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан, ыал буоларга сөбүлэһэллэр. “Олохпут бастакы хардыытыгар оччотооҕу сельсовет бэрэссэдээтэлэ Дьяконова (Тарасова) Евдокия Егоровна сүрүн оруолу ылбыта. 1974 с. олохтоох сельсовекка саахсаланан, олунньу 8 күнүгэр кулуупка улахан комсомольскай сыбаайба буолбута. Күөрэлээх эдэр ыччата түмсэн, олус үчүгэй, элбэх дьонноох-сэргэлээх сыбаайба ыытыллыбыта” – диэн долгуйа ахтар.

Кийиит дьоло

“Коля дьонноро наһаа сымнаҕас, сахалыы көнө майгылаах үтүө дьон этилэр. Миигин олус сылаастык, чугастык ылыммыттара. Кэргэним ийэтэ Варвара Афанасьевна Жиркова иккис ийэм тэҥэ күндү киһим буолбута. Икки өттүттэн эйэ-дэмнээхтик сүбэнэн сылдьарбыт.

Эһээтэ Охоноос Татаринов бөһүөлэк таһыгар баар “Туулуур” диэн сиргэ отделение сылгыларын аһатар көрөр-истэр этэ. Эһэбитин кытта күммүтүн тэҥҥэ атаарарбыт, күүс-көмө буоларбыт. Билигин бу сиргэ, дьиэ кэргэмминээн сөбүлээн, ытыктаан сылдьабыт”.

Олохпут дьиэ кэргэн иһиттэн саҕаланар

Туох барыта дьиэ иһиттэн тахсыахтаах ийэттэн, аҕаттан тутулуктаах буолуохтаах” диэн такайыыны Ефросиния күн-күбэй ийэтиттэн үгүстүк истэрэ. Кыыһын кыра сааһыттан тэҥҥэ илдьэ сылдьан үтүөҕэ такайан, бэйэтин холобурунан үлэнэн ииппитэ. Ийэтэ Александра Степановна холкуоска өр сыл үлэлээбитэ, өрөспүүбүлүкэҕэ, оройуоҥҥа “Бастыҥ доярка” үрдүк бэлиэлээх ыанньыксыт. Төрөппүттэрин үөрүйэхтэрэ бигэ укулаат, халбаҥнаабат акылаат буолбута.

Аҕа дьиэ кэргэн туллубат тулааһына

Өбүгэ саҕаттан аҕа дириҥ силистээх, үтүө өйдөбүллээх. Ыал аҕа баһылыга Николай Петрович өбүгэтин сириттэн харыс да сири хамсаабакка, тапталлаах Күөрэлээҕэр үлэлээн-хамсаан билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Эр киһи ытык иэһин толорон, Сахалиҥҥа ПВО-ҕа (противовоздушнай оборуона) байыаннай сөмөлүөттэргэ механигынан сулууспатын ааһан, “Байыаннай сулууспа туйгуна” бэлиэлээх, эт-хаан сайдыытыгар разрядтаах кэлбитэ.

“Дьиэ кэргэҥҥэ аҕа үрдүктүк тутуллуохтаах. Эр киһини убаастыыр буоллахха, ил-эйэ, өйдөһүү баар буоллаҕына, оннук дьиэ кэргэҥҥэ уйаламмыт, иитиллибит оҕо бигэ туруктанар” – диэн санаатын үллэһиннэ.

Жирковтар – дьол үөрүүтүнэн кынаттаналлар

Жирковтар дьиэ кэргэн норуот хаһаайыстыбатын араас салаатыгар ураты туспа суоллаахтар-иистээхтэр. Кыргыттара Ньургуяна Жиркова үрдүк категориялаах учуутал, Ольга Иванова уһуйааччы, уолаттара Николай Жирков бэчээт үлэһитэ, Александр Жирков спорт инструктор идэлэрин баһылаан, билигин үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Кэнчээри ыччаттара, үөрэхтэнэн, үлэнэнэн, дьиэлэнэн-уоттанан ньир-бааччы олороллоруттан дьоллоноллор. Сирдээҕи дьол үөрүүтүнэн кынаттаналлар.

Олох олоруу дьол

“Түннүгүнэн чыычаах көтөн ааһарын курдук, киһи сирдээҕи олоҕо “элэс” гынан ааһар эбит. Олох олоруу көнө хонууну туорааһын буолбатах. Киһи барыта олоҕор араас ыарахаттары, олох очурдарын көрсөр. Ону хайдах туоруура, олох туһугар туруулаһара, ол буолар сирдээҕи олоххор, ыччаттаргар хаалларар үтүө холобуруҥ”.

Ефросиния Степановна үтүө үлэһит дьонноох Күөрэлээҕин иккис дойду оҥостон, ньир-бааччы олохтоохтук олорор. Бу сыллар тухары оҕону иитэр эйгэҕэ, алын кылаас учууталынан үлэлээн-хамсаан кэллэ. С.Г.Ковров ваатынан Күөрэлээх орто оскуолатын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Улуус сайдыытыгар кылаатын иһин», «РФ оҕону, ыччаты иитиигэ Бочуоттаах үлэһитэ», «Үөрэнээччи билиниитэ», «Учууталлар учууталлара» бэлиэлэрдээх ытыктанар ийэ, эбээ, кэргэн, учуутал.

Бигэ туруктаах, дьоллоох дьиэ кэргэн – таптал, үтүө санаа уонна кыһамньы биһигэ, модун уонна дьоллоох дойду бигэ тирэҕэ буолар. Дьиэ кэргэҥҥит таптал уйата буолан, ил-эйэ эрэ эҥэрдэстин, холумтаҥҥыт сылаас, олоххут баай байылыат буоллун.

Дьиэ кэргэн үтүө холобурдара, үтүө үгэстэрэ хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэ турдун.

Нина Сутакова