Долгутуулаах, харах уулаах түгэн

Олунньуга биһиги Москваҕа “Бэс чагда” санаторийга сынньанан, эмтэнэн кэллибит. Биир дойдулаахтарым Наталья уонна Андрей Васильевтары кытта бииргэ сырыттыбыт. Кинилэр СВО бырагырааматынан тиийбиттэр. Хоспут силбэһэ тураллар буолан, киирэ-тахса сэһэргэһэ, чугастыы билсэ сырыттыбыт.

Наталья Павловна дойдутуттан кэһиилээх, харысхаллаах кэлэн, эмтэнэ сылдьар байыастарга санаторий дьонун ортотугар туттарда уонна бэйэтин уола СВО-ҕа сылдьарын долгуйан туран эттэ, этэҥҥэ эрэ буолуҥ диэн алҕаата. Хас эрэ хонон баран, биир киэһэ хоско эмискэ төлөпүөн тыаһаата. Наталья уола эрийэр: “Ийээ, хоскор бааргын дуо? Сотору тиийиэхтэрэ”, – диэн трубкатын ууран кэбистэ. Төрөппүттэрэ соһуйуу бөҕө буоллулар. Мээнэ төлөпүөннүүрү көҥүллээбэттэр.

Сотору соҕус буолан баран, ааны тоҥсуйдулар. Арай байыаннай формалаах уол сибэкки дьөрбөлөөх, “Рафаэлло” сакалааттаах киирдэ уонна: “Бу эйиэхэ, уолгуттан Андрейтан”, – диэн баран ийэҕэ туттаран кэбистэ.

Соһуччу үөрүү, долгуйуу, хара уута… “Бэс Чагда” Москваттан ыраах ээ. Бу түгэн миэхэ, оҕо ийэтигэр улахан тапталын, аҕатыгар убаастабылын, дойдутун ахтарын көрдөрдө, улаханнык долгутта. СВО-ҕа сылдьан, передовойтан маннык үтүө түгэнинэн дьонун үөрдээри бииргэ сулууспалыыр доҕотторуттан көрдөстөҕө! “Боевое братство” диэн бу буоллаҕа. Ону толорон, 2 чааһы Москваттан табаарыстара айаннаан кэлэн, ийэни-аҕаны үөртүлэр, долгуттулар. Мин биир дойдулаахпытан киэн тутуннум, үтүө санаалаах оҕону ииппит төрөппүттэргэ махтанным. Олохпор соһуччу маннык истиҥ түгэҥҥэ түбэспиппиттэн, туоһу буолбуппуттан дьылҕабар махтанабын.

Маннык үтүө санаалаах оҕолордоох дойду самныа суоҕа. Кыайыы, эйэ кэлиэҕэ.

Людмила Слепцова,
үлэ уонна СГУ, ХИФУ бэтэрээнэ.