Ааспыт өрөбүллэргэ Узбекистан кырдьаҕас куоратыгар Хивуга мас тардыһыытыгар Аан дойду чемпионата буолла. Барыта 18 дойдуттан, 170 спортсмен бастыҥ мадьыны аатын былдьаста. Улахан таһымнаах күрэхтэһиигэ Россия сүүмэрдэммит хамаандата эрэллээхтик бастакы миэстэни ылла.
Горнай ыччата Дьулустаан Ноговицын Аан дойду түһүлгэтигэр дойдутун аатын чиэстээхтик көмүскээтэ. Кини 90 кг киирсээн, утарсааччыларын барыларын 2:0 ахсаанынан кыайталаан, биэс сыл кэнниттэн (2018 с.), иккис кыһыл көмүс мэтээлин ылан, улууспут спордун историятын хаҥатта.
Түмүккэ, Дьулустаан киниэхэ ыалдьыбыт, итэҕэйбит төрөппүттэригэр, бар донугар, биир дойдулаахтарыгар барҕа махталын тириэртэ.
Вячеслав Алексеев.
Фото: Дьулустаан Сергеев. ЯСИА.