Эдэр ыаллары өйөөн

Дойду Президенэ Владимир Путин көҕүлээһининэн судаарыстыбаннай бырагыраамалар чэрчилэринэн үгүс үлэ ыытыллар. Эдэр ыаллар тыа сиригэр олохсууйуларыгар, дьиэнэн-уотунан хааччыллыыларыгар болҕомто ууруллар.
Улууспут эдэр, кэскиллээх ыаллара Екатерина, Николай Парфеновтар үөрүүлэрин үллэстэллэр:

Биһиги баҕа санаабыт туолан, ааспыт сылга аныгылыы, тупсаҕай дьиэ туттан киирдибит. «Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы» бырагырааманан субсидия, ДВИ-нэн ипотека дьиэ туттарбытыгар олус көмөлөстө. Судаарыстыба маннык эдэр ыаллары өйүүр бырагыраамата олус туһалаах. Дьиэбит благоустроеннай, иэнэ-120 кв.м. Дьиэбитин чугас дьоммутун кытта бары кыһамньыбытын, сатабылбытын ууран туран тутуннубут.

Биһиги биэс оҕолоохпут, үһүс оҕобутугар Бэрдьигэстээххэ саҥа уулусааҕа сир учаастагын ылбыппыт. Дьиэбит киэҥ-куоҥ буолан, оҕолор олус астыналлар, тиэргэннэригэр дуоһуйа оонньууллар. Инникитин дьиэбитигэр күөх төлөн киириэ, уулуссабыт суола тупсуо диэн эрэнэбит.