Биһиги тапталлаах уолбут, убайбыт, бырааппыт Чемезов Иван Степанович 1978 с. Бэрдьигэстээххэ Күн сирин көрбүтэ. Оскуоланы бүтэрэн баран, дойдутун иннигэр иэһин төлүү Хабаровскай кыраайга Тихоокеанскай флокка сулууспалаабыта. 2000 с. Аармыйа кэнниттэн дойдутугар эргиллэн кэлэн, Дьокуускайга Ис дьыала уорганыгар үлэҕэ киирбитэ.
Үлэтин милиция отдельнай ротатыгар Президент уонна Бырабыыталыстыба охранатыгар саҕалаабыта. Бойобуой отдел оперуполномоченайынан, ИДьМ криминальнай милициятыгар взрывотехнигынан анаммыта. 2009-2011 сс. бастакы, иккис бойобуой отделениеларга, ИДьМ анал этэрээтигэр снайперынан, холуобунай ирдэбилгэ үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. 2015 с. капитан званиетынан биэнсийэҕэ тахсыбыта уонна дьиэ-уот тэринэн, Крымҥа олохсуйбута.
Иван Степанович бэйэтигэр үрдүк ирдэбиллээх, чиэһинэй, билиилээх, сатабыллаах үлэһит этэ. Үтүө суобастаах үлэтин иһин уолбут Ис дьыала Бочуотунай Грамоталарынан, Эҕэрдэ суруктарынан наҕараадаламмыта. «Бойобуой сулууспатын иһин II степеннээх, «Туйгун сулууспатын иһин II степеннээх» бэлиэлэр хаһаайыннара буолбута.
2005 с. «Милииссийэ туйгуна» аат иҥэриллибитэ. Иван Северо-Кавказскай региоҥҥа террору утары эпэрээссийэлэргэ актыыбынай кыттыыны ылбыта.
2022 с. Иван Украинаҕа буола турар байыаннай эпэрээссийэҕэ контракт түһэрсэн, дойдутун көмүскүү барбыта. Бааһыран дойдутугар кэлэн, эмтэнэн баран, 2023 с. иккиһин контракт түһэрсибитэ. Контрага бүтэрэ ый курдук хаалтын кэннэ Баанньабыт 2024 с. олунньу ыйыгар Херсонскай уобалас Крынки дэриэбинэтигэр дойдутун көмүскүү сылдьан, геройдуу охтубута. Россия Президенэ Владимир Путин 2024 с. укааһынан «Хорсунун иһин» уордьанынан наҕараадаланна.
Иван Степанович эдэр ыччакка холобур буолар олоҕу олорон ааста, кини олоххо, үлэҕэ бэриниилээҕэ, чиэһинэйэ, Ийэ дойдутун туһугар бэйэтин харыстаабакка көмүскээбитэ үйэлэргэ умнуллубатын, аата ааттана турдун.
Төрөппүттэрэ, убайа, балтылара, аймахтара.