Өлөксөөс оҕонньор кэпсээнэ (үһүйээн)

– Бу түбэлтэ былыр, сэбиэскэй былаас өссө олохтоно илигинэ буолбута, – диэн баран Өлөксөөс оҕонньор лаһыар буола киртийбит халыҥ ыстаанын сиэбиттэн табаҕын табытыайкатын бэрт эрэйинэн таһааран, муннунан бэрт түргэнник сыҥсыйан өрө тыынна. Уонна астыммыт быһыытынай аргыый  аҕай эргим-ургум көрүтэлээн баран, дөрүн-дөрүн сөтөллө-сөтөллө, кэпсээнин дьэ салҕаан барбыта.

– Оччотооҕу кэмнэргэ былыргы саха ыаллара кыстыгынан, сайылыгынан тарҕанан олорбуттара. Биһиги кыстыкпыт Өлүөнэ өрүс биир боротуохатын үрдүгэр, улахан тииттэринэн бүрүллүбүт халыҥ тыа кэтэҕэр бүгэн сытара. Соччо улахана суох саха балаҕаныгар 4-5 ыал буолан кыстаан олорбуппут. Балаҕаммытын кытта хотоммут бииргэ турара, көмүлүөк оһох кэннинэн киирэрбит-тахсарбыт. Киэһэ утуйар саҕана сүөһүлэрбит кэбинэр тыастара иһиллэрэ.

Алтынньы ортото кыстык хаар түспүтэ. Киирбит-тахсыбыт, саҥарбыт-иҥэрбит тыллаах Аана, күнү быһа оҕонньоттору үөхсэн-мөҕүттэн, күнүн-дьылын билбэккэ аһарда. “Күн-дьыл ыраатта, халлаан тымныйда. Оттон биһиги тиис анньынар да маһа суохпут. Манна таах олоруоххут дуо?! Барыҥ, маста эрбээн киллэрэн оттуохха сөп буолбата дуо?” – диэн баран, оҕонньор диэки кынчарыйан, иэдэс биэрэн таһырдьа таҕыста.

Лэгиэнтэй оҕонньор эмээхсинэ, тыллаах Аана үөҕэрин-мөҕөрүн соччо-баачча аахсыбат. Ол да буоллар дьукаах олорор ыалларын аҕаларын кытта кэпсэтиһэн-сүбэлэһэн, сарсыарда эрдэ, күн тахсыыта, Дулҕалаах сиһиттэн кураанах мас охторон киллэрэргэ сүбэлэстилэр.

Чэ, сити курдук тэринэн, халлаан борук-сорук сырдыыта, биир атынан, икки оҕуһунан айгыстан мастарыгар таҕыстылар. Мас кэрдэн икки оҕустаах сыарҕаларын толору тиэннилэр. Аттарын сыарҕатын толороору тулаларын көрүтэлээтилэр да, чугаһынан кураанах мас көстүбэтэ. Арай арҕаа диэки, өрүскэ киирэр суол хаҥас өттүгэр, биир кураанах, курбуу курдук уһун тиит турарыгар харахтара хатанна.

Ньукулайдаах Ыстапаан эдэр буоланнар, түргэнник хааман тиийэн, хаһан Лэгиэнтэй оҕонньор кэлиэр диэри тииттэрин охтордулар. Арай тииттэрин көҥдөйүттэн үс куурусса сымыытын саҕа сымыыттар саҥа түспүт хаарга төкүнүһэн түстүлэр. Ньукулай ону көрөн олус диэн дьиибэргээн, үүн тиэрбэһин курдук улахан харахтарынан тобулу көрөн, айаҕын атан аллайан турда.

Ыстапаан буоллаҕына, Лэгиэнтэй оҕонньор диэки ыйа-ыйа, кэлэҕэйдии-кэлэҕэйдии, тугу эрэ этээри саҥа таһаара сатаата да, оҕонньор ону аахайбата. Үтүлүгүн устан баран, сымыыттары халыҥ кэтит ытыһынан ылан, биир-биир тутуталаан эргим-ургум көрөн баран, төттөрү сыппыт сирдэригэр, мас көҥдөйүгэр угаттаата уонна көхсүн этитэн баран, саҥата суох балайда турда.

Ньукулай элбэх саҥалаах, 40-чатын туолан эрэр, бэйэтин кыанар, сахаҕа улахан, үлэ үөһүгэр сылдьар киһи. Кини дьонноро саҥа аллайан саҥарыахтарыгар диэри маннык диэн этэн барда.

– Биһиэхэ биирдии бэйэбитигэр Эбэбит биирдии сымыыты анаабыт. Онон дьиэбитигэр илдьэн, оргуйбут чаанньыктарга уган сиэхпит, – диэн баран сымыыттары ылан, куобах истээх сонун иһигэр укта.

Чэ, сити курдук мастарын тиэнэн, дьиэлэригэр кэллилэр. Ньукулай сымыыттарын киллэрэн, көмүлүөк оһох холумтаныгар уурталаан баран, таһырдьа уокка оттор мастарын бэлэмнэһэ таҕыста. Үс эр бэртэрэ өр-өтөр гымматылар, мастарын эрбээн, хайытан, дьиэ иһинээҕи-таһынааҕы үлэлэрин бүтэрэн, халлаан хараҥарыан иннинэ эрдэ дьиэлэригэр киирдилэр.

Эмээхситтэрэ остуолга астарын бэлэмнээн, уокка оттор мастара киирэн, санаалара көнньүөрэн, кэпсэтии-ипсэтии элбээбит. Уһун остуол уҥа өттүгэр, эмээхсинин таһыгар олорон, Ньукулай олох холумтаныгар уурбут сымыыттарын санатта. Эмээхсинигэр Настааҕа: “Ити оһох холумтаныгар уурбут сымыыттарбын итии чаанньыкка уган оргутан ыл”, – диэн соруйар.

Настаа олох маһыттан туран, аа-дьуо хааман тиийэн көрбүтэ, били эппит сиригэр сымыыта суох.

– Манна уурбут сымыыттарбын ханна гынныгыт? – диэн Ньукулай дьукаахтарыттан ыйыталаста да, кинилэр билбэттэн атыны эппэт дьон буоллулар. Сити курдук киэһээҥҥи быһа ботур-ботур кэпсэтэн, кыыһырсан, бары оронноругар сыта тарҕастылар.

Түүн ытыс таһынар хараҥаҕа арай көмүлүөк оһоххо угуллубут мастар уоттара умулла-умулла хараҥаны сырдатар курдуктар. Хотон кэтэҕинээҕи таһырдьаттан от киллэрэр ааннана аһылларга дылы гынна. Тымныы салгын хотон диэкиттэн балаҕан иһигэр билиннэ. Баайыллан турбут сүөһүлэр үргэннэр, хотон иһигэр тыас-уус бөҕө буолла. Оһох кэннинээҕи аан аһыллар тыаһа иһилиннэ. Көмүлүөк оһох холумтаныгар туох эрэ киһиэхэ майгынныыр хара күлүк барыгылдьыйан көһүннэ уонна оһох кэнниттэн хаппыт буорунан тамныыр тыас иһилиннэ. Уһуктубут оҕолор ытаһаллара, дьахталлар часкыйар саҥалара түүҥҥү чуумпуну аймаата.

Сити курдук, халлаан сырдыар диэри көрбүт харахтарын араарбакка, сынньанар ууларын көтүтэн, улахан айдаан буолла. Сарсыарда Лэгиэнтэй, Ньукулай уонна Ыстапаан буоланнар, ити тахсыбыт айдааны ырыттылар уонна киэһэ киирэр ааҥҥа куобах айатын иитэргэ сүбэлэстилэр. Киэһэ хараҥарыыта саҥата-иҥэтэ суох куобахтарын икки айатын ииттилэр, чугас тымтыктарын бэлэмнээтилэр уонна оронноругар таҥастаах сыттылар.

Түүн үөһүн ортото ылы-чып хараҥа бүрүүкээтэ. Хотон аана аһылларын кытта тымныы салгын билиннэ. Хотоҥҥо баайыллан турар сүөһүлэрэ үргэр тыастара иһилиннэ, тыһаҕастар маҥырастылар. Хотонтон дьиэҕэ киирэн аан аһыллар тыаһа иһилиннэ. Хотонтон куһаҕан, ньиксик сыт билиннэ. Онтон сотору буолаат айа эстэр тыаһа иһилиннэ. Дьиэлээхтэр тымтыктарын уматтан айаларын көрбүттэрэ, айа оноҕоһо оһох таһыгар сытар. Чэ, сити кэнниттэн абааһылара күнүстэри илэ барда. Дьиэни-хотону үрдүнэн-аннынан тыас-уус элбээтэ.

Оҕолор, дьахталлар ыарыйдылар. Дьиэ сүөһүлэрэ күнүстэри үргэн куттанан салҕалыы турдулар.

Ити тахсыбыт айдаан, чугаһынааҕы алаастарга олорор ыалларга, куһаҕан сурах буолан эбиллэ-эбиллэ тарҕанна. Ньукулай оҕонньор Ньукуола таҥаратыгар аҕабыыкка үҥэ-сүктэ, сүбэлэтэ барда.

Ньукулай оҕонньор таҥара дьиэтин аҕабыытыгар туох буолбутун сиһилии кэпсээн биэрдэ уонна чэпчээбит киһи быһыытынан өрө тыынна. Ньукулай аһаабытын кэннэ, аҕабыыт маннык диэн сүбэлээтэ. “Ньукулай, дьиэҕэр тиийэн баайтаһын тыһаҕаскын өлөр уонна киэһэ остуолга үс сиргэ аста бэлэмнээ. Ким да билбэтинэн сыалаах эккэр бу бөрө дьаатын хайа быһа-быһа кутан уур. Тыынар тыыннаах киһи буоллаҕына, дьааты сиэтэҕинэ өлүө, – диэтэ. Чэ, сити курдук сүбэлэтэн, Ньукулай бөрөтүн дьаатын ылан дьиэтигэр барда. Дьиэтигэр тиийэн баайтаһын тыһаҕаһын өлөрөр, үс сиргэ остуолга ас астаан, миин буһаран уурда. Уонна бары утуйбута буола сыттылар.

Түүн үөһүн саҕана уруккутун курдук хотон аана аһылынна, ньиксик сыт билиннэ. Ас бэлэмнэммит остуолугар үс олох маска үс күлүк кэлэн олорон аһаан-сиэн иһэн, эмискэ иһит-хомуос тыаһа, олох мастар алдьанар тыастара иһилиннэ.

– Чэ, эбээт түбэстигит ини, – диэт дьиэлээхтэр ойон турдулар. Бэлэмнээбит тымтыктарын уматтылар. Көрдөхтөрүнэ, иһит-хомуос ыһыллыбыт, үс олох мас алдьыммыттар. Ол кэнниттэн сүөһүлэрэ өлбүттэр, оҕолоро ыалдьыбыттар. Кырдьаҕас эмээхсин өлбүт. Кыайан олорор кыахтара суох буолан, бары көһөргө күһэллибиттэр…

Өлөксөөс оҕо сааһа сэбиэскэй былаас саҥа тэриллиитигэр тэҥҥэ кэриэтэ, биллибэккэ, өрө-таҥнары түһүүлээхтик-тахсыылаахтык ааспыта.

“Олох суола” холкуоска бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олордоҕуна, холкуостаахтар уопсай мунньахтарынан саҥа тый айааһаммытын көлүнэригэр уураахтаабыттара. Ол тыйын дьиэтигэр аҕалан, далын иһигэр уган, ханан да тахсыбат гына бүөлээн баран, дьиэтигэр киирэн утуйбута. Сарсыарда туран көрбүтэ, далын аана аһыллыбыт, тыйа тахсан барбыт. Өлөксөөс атын көнтөһүн ылан, алаастан алаастарга түһэн көрдөөбүтэ да, чугаһынан ат баара биллибэтэҕэ.

Дэлби сылайан суон тиит аттыгар сынньана түһээри тохтообута. Табаҕын уурунан тарда олордоҕуна, арай кыра талахтар быыстарыттан барыта түү буолбут үс кыра баҕайы оҕолор тахсан, хаппыт туорааҕынан быраҕаттыы-быраҕаттыы сэппэрээк быыһыгар саһан хаалалларын көрдө. Тоҕо эрэ маҥнай куттаныах санаата киирбитэ, онтон отунан-маһынан бырахса оонньоон куттаммыта ааспыта.

Бу кыра, барыта түү оҕолортон биирдэстэрэ арай саҥаран киирэн барда.

– Биһиги эйигин көрүөхпүтүн баҕарбыппыт ыраатта уонна Орто туруу бараан дойдуттан олохтоох сирбитигэр аттанар күммүт кэллэ. Эн биһиги хайдах баарбытынан көрүөххүн баҕарабыт. Биһиги, аан ийэ дойду иччилэрэ, сымыыт буолан кыстаары дьиэбитигэр сыттахпытына, аҕай Ньукулай оҕонньор дьиэбитин уокка оттунар мас оҥорон киллэрбитэ.

Эн атыҥ ити алаас хаҥас өттүгэр күөл кытыытыгар аһыы сылдьар, ону тутан илдьиэҥ. Үрдүк сыыр үрдүттэн арҕаа диэки көрөөр. Онно биһиги үһүөн көстөн ааһыахпыт, – диэтэ.

Өлөксөөс үрдүк сыыртан көрдөҕүнэ, арҕаа диэки үс сүдү улахан күлүк күнү сабардаан, былыт иһин диэки киирэн сүтэн хааллылар. Хаһан олох сүтүөхтэригэр диэри далбаатыы хаалбыта.

Турантай.

Елена Дьячковская уруһуйа

“Сыккыс” сурунаал, 2008 с.