Өлөҥҥө ойуур бааһарын эргийдилэр

Бэс ыйын 10 күнүгэр “Бүлүү” ФС 163 км Өлөҥ үрэҕин туһаайыытынан ойуур баһаара турбута бэлиэтэннэ. Уот умулларыытыгар тустаах тэрилтэ уонна ЛЭП ситимин харыстыыр туһуттан Бэрдьигэстээхтээҕи РЭС-тэн барыта 30 киһи үлэлээтэ. Биир ДТ-75 булуугтаах тыраахтар көмөтүнэн, уот турбут сирин эргийдилэр. Бу кэмҥэ баһаары умулларааччылар миэстэтин хонтуруолга тутан тураллар. Уот турбут биричиинэтинэнэн кураанах этиҥ диэн сабаҕаланар.


Баһаар миэстэтигэр тиэхиньикэ суһаллык тиийэригэр, тутатына көмө оҥорбут Алексей Павловка махталбытын биллэрэбит. Кураан күннэр туралларынан сиргэ-уокка сылдьаааччылар уоттан сэрэхтээх буоларгытын умунумаҥ.

Горнайдааҕы лесничество.