Өрөспүүбүлүкэ рекордсменын бирииһигэр

Ыам ыйын 28 күнүгэр “Бэргэн” СК буулдьанан ытыыга Уһук Илиҥҥи регион кыайыылааҕа, өрөспүбүлүкэ алта төгүллээх чемпиона, рекордсмена, ССРС спордун маастарыгар кандидат Алексей Никифоров сырдык аатыгар буулдьанан ытыыга аһаҕас күрэхтэһии буолла.

Спорт бу көрүҥэр улууспутугар биир туспа суолу-ииһи хаалларбыт бэргэн ытааччы киһибит бирииһин иһин Дьокуускай, Чурапчы спортивнай оскуолаларын кытары биһиги оҕолорбут күөн көрүстүлэр. Барыта 40 спортсмен ытар рубежка таҕыста.
Бэрт сытыы киирсиилэр кэннилэриттэн кыайыылаахтар быһаарылыннылар. Ыалдьыттарбыт бэртээхэй күрэхтэһии буолла диэн чорботон бэлиэтээтилэр. Оҕолор сыаналаах бириистэри тутан соһуйдулар. Тэрийээччилэр эдэр ытааччылрга спорт бырааһынньыгын бэлэхтээбит, өйөөбүт Алексей Никифоров дьиэ кэргэнигэр, бары аймахтарыгар, Бэрдьигэстээххэ Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир спортивнай оскуола, стендовай уонна буулдьанан ытыы Горнайдааҕы федерациятын, “Сахаспецтранс”, “Принтекс” кэлэктиибигэр истиҥ махталларын тириэрдэллэр.

 


Билигин Алексей Афанасьевич ситиспэтэх ситиһиитин, оҥорботох дьыалатын уола Марк Никифоров салгыыр. Улууспут биир эдэр тренеригэр инники үлэтигэр ситиһиилэри баҕарабыт.

Спортсменнар хайдах ыппыттарын  аллараа таблицаҕа көр:


Вячеслав Алексеев.