Улуус олохтоохторо индюктарын идэһэлээн эрэллэр. Билэрбит курдук, сылын аайы улууспутугар «Дьиэ кэргэн экономиката» диэн бырагыраама үлэлиир, нэһилиэнньэҕэ араас чэпчэтии көрүллэн, олохтоохтор дьиэ кыылларын идэһэҕэ ииттинэр кыахтаннылар.
Холобур быйыл улуус үрдүнэн 166 индюк кэлбитэ.
Хаартыскаҕа: Бэрдьигэстээх ыаллара индюктарын идэһэлээбиттэрин көрөҕүт.
Индюк этэ олус минньигэс, сымнаҕас, быраастар этэллэринэн, диетическэй, гипоаллергеннай да эбит. Аһылыкка улахан бырыынчыктара суох, хайдах үөрэтэргинэн аһыыллар, оту, оҕуруот аһын, фрукта тобохторун, комбикорму хото сииллэр диэн кэпсииллэр.
Билиҥҥи уустук кэмҥэ көтөр этэ, сымыыта дьиэ кэргэн күннээҕи аһылыгар олус иҥэмтэлээх, минньигэс, туһалаах эбилик буоларын ким да мэлдьэспэтэ буолуо.
Күннэй Алексеева.